Бэйэ дьыалатын арыйан үлэлиир дьоҥҥо судаарыстыбаттанРФ Президенэ Владимир Путин көҕүлээбит элбэх көмөтөкөрүллэр. Ол бырагыраамалары дьон биһиги улууспутугартабыгастаахтык туһанар.
Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө Кириэс Халдьаайыгаурбаан эйгэтигэр үлэлиир Татьяна Атаковалыын анаан-минээн кэпсэттибит.
— Мин оҕо сааһым ааспыт сирэ Кириэс Халдьаайы буолар. Аҕам Семен Васильевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээхэнергетигэ, Кириэс Халдьаайыга старшай маастарынан 40-ча сыл үлэлээбитэ. Билигин биэнсийэҕэ олорор. ИйэмСардаана Семеновна товаровед идэлээх, урбаанынандьарыктанар. Бииргэ төрөөбүт түөрпүт. Мин ыал улаханоҕото буолабын. Атыттар бары куоракка олороллор, үлэлииллэр.
2005 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт сибээс уоннаэнергетика кэллиэһигэр «Электроснабжение» идэтигэрүөрэммитим. Ол кэннэ кэтэхтэн ХИФУ Энергетика институтун бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, куоракка«ЯкутскЭнерго» хампаанньаҕа аҕыс сыл инженеринэнүлэлээбитим. Кэлин наар биир тэтимнээх үлэттэн сылайан, олохпор туох эрэ саҥаны, уларыйыыны киллэриэхпинбаҕарбытым. Онон 2018 сыллаахха бэйэм баҕабынантэрилтэбиттэн үлэлээн бүппүтүм.
— Оскуоланы бүтэрэрбэр нуучча тыла уонна литература учууталын идэтигэр үөрэниэм дии саныырым, ол эрээри аҕам туйаҕын хатараары, энергетик үөрэҕэр барбытым. Баһылаабыт идэбинэн үлээбиппин олох кэмсиммэппин, үчүгэй уонна интэриэһинэй этэ. Үлэлээбитим тухары уопсастабыннай тэрилтэ актыбыыһа, лидер этим.
— Хаһааҥҥыттан урбаанньыт дьыалатыгар ылсыбыккыный?
— Үлэбиттэн уурайан баран, дьэ улахан толкуйга түспүтүм. «Тугунан дьарыктаммыт, тугу гыммыт киһи» диэн. Хаһан даҕаны бизнес эйгэтигэр сыстыбатах, атыыһыттаабатах киһи буоллаҕым. Интернет, ютуб нөҥүө көҕүлүүр видеолары көрөр этим. Онно араас идея бөҕө киирэрэ. Ол сыл сайын сынньана, сайылыы диэн дойдулаабытым. Бу кэлэн дэриэбинэҕэ өйдөөн көрбүтүм: куоракка курдук киһи сакаастаан сиэх ураты астара ончу суох эбит.
Сушины бэйэм наһаа сөбүлүүр буоламмын, бэйэм астаммытым ордук диэммин 2018 сыл кыһыныгар суши астыыр маастарга үөрэммитим. Дьиэбэр бэйэм кыралаан астыыр буолбутум. Онон суши атыылаан көрөр санаа киирэн, дьоммуттан харчы иэс ылан саҕалыырга санаммытым. Бу харчыбынан куораттан бородуукта ылларан, дэриэбинэбэр биллэрии бырахпытым. Күҥҥэ биирдии, иккилии сакаас киирэн барбыта.
Бастакы саҕалыырбар долгуйуу ханна барыай? Дьон кэлинистиһэн, сонун ас буолан, сакаас киирэн барбыта. Дьэ, манна харчы син хамсыыр эбит дии санаабытым. Онон 2019 сыл күһүнүттэн маастар-кылаастарга үөрэнэммин бургер, фри, пицца эбии астыыр буолбутум. Бу сылдьан ыал буолан, икки оҕо утуу-субуу төрөөбүтэ. 2021 сыллаахха социальнайхантараагынан 250 тыһ. солкуобай ыламмыт үлэбитинкэҥэппиппит. Бу курдук көмө харчы ыламмыт, астыыргаоборудование атыылаһан, дьарыктаах буолуу учуотугартуран, үлэбит саҕаламмыта. Ол быыһыгар оҕоҕо олорбутум.
Кэргэним күүс-көмө, өйөбүл буолара. Өйдүүр-өйүүр чугасдьонноох буоллахха ылсыбыт дьыалаҥ аа-дьуо сатанан, табыллан иһэр. Кэлин эбии сууйар пылесос атыылаһаммытдьоҥҥо дьыбаан, орон ыраастыыр этибит. Ону таһынан, гелевэй шариктарынан дьарыктаммыппыт. Эмиэ олуснаадалаах, интэриэһинэй үлэ.
2023 сыллааха дьиэ туттан, ас-үөл маҕаһыына арыммыппытсылтан ордук буолла. Сушибытын, шариктарбытын үлэлэтэсылдьабыт. Кириэс Халдьаайыга маҕаһыын элбэх буолан, конкуренция үрдүк.
— Биһиги саамай өйүүр, көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр киһибит ийэм Сардаана Семеновна буолар. Кини эмиэ үйэтин тухары атыыһыттаан, урбаанньыттаан, таксистаан сылдьыбыт киһи. Биһигини уруккуттан бизнес тэринэн харчылаһыҥ диэн этэрэ. Ол эрэн, ону улахаҥҥа уурбат этибит.
Ханнык баҕарар дьыаланы арынарга, бастатан туран, үп-харчы наада. Харчылаах буоллахха тугу баҕарар арыныахха, эргитиэххэ сөп. Сүрүнэ, үчүгэйдик толкуйдаан, ырыҥалаан, сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлээтээххэ барыта табыллар эбит. Киһиэхэ баҕа уонна идея эрэ баар буолуон наада.
— Үчүгэй өрүтэ, мин саныахпар, элбэх курдук. Сүрүнэ, бириэмэни сөпкө туттуохха наада. Бэйэҥ санаабытхайысхаҕынан дьарыктаныаххын, харчыны төһө баҕарарулаатыннарыаххын сөп. Элбэх интэриэһинэй дьону кыттабилсэҕин, сайдаҕын. Уонна дьарыктаах буоллахпытына, дьоммутугар, оҕолорбутугар үтүө холобур буолабыт. Ыарахаттар ханна баҕар бааллар, ханнык баҕарар үлэни кыайарга, биллэн турар, дьулуур, күүстээх үлэ, хамсаныы, доруобуйа ирдэнэр. Ыалдьан хааллахха, үлэҥ барытатохтуур курдук.
— Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ. Ыал ийэтэ буоларыҥбыһыытынан ордук ханнык бүлүүдэни астыыргынсөбүлүүгүн?
— Кэргэним Владимир Сивцев Уус Алдан Найахыдэриэбинэтиттэн төрүттээх. 2019 сыллаахха ыалбуолбуппут. Икки уоллаахпыт, биир кыыстаахпыт. Биһигини кытары 11 кылааска үөрэнэр сиэн бырааппытолорор. Ол иһин түөрт оҕону көрө олоробут. Кырдьаҕасэдьиийбит баар. Инньэ гынан, улахан дьиэ кэргэн буолабыт.
Аһыырбытын, астыырбытын сөбүлүүбүт. Ордук эттэн араасэгэлгэ бүлүүдэлэри оҥоробут.
Биир олбуор иһигэр икки ыал буолан: биһиги уоннааттынааҕы дьиэҕэ ийэлээх аҕам олоробут. Улахан кэтэххаһаайыстыбалаахпыт. 30-ча ынах, ону таһынан сылгы, куурусса иитэбит. Сайын улахан оҕуруот аһын олордобут. Онон, оҕолуун, улаханныын үлэ үөһүгэр сылдьабыт.
— Дьиэ кэргэммин кытары айылҕаҕа тахсан, оонньоон-көрүлээн атаарарбытын ордук сөбүлүүбүт. Уус Алдаҥҥа дьоммутугар баран кэлэбит. Тас дойдуга баран сынньанабыт. Инникитин араас сири кэрийэр баҕабыт улахан.
— Урбаанньыт буолар билигин төһө барыстааҕый уонна бэйэ дьарыктаах буолуон баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Урут даҕаны, билигин даҕаны сөптөөхтүк толкуйдаан үлэлээтэххэ хаһан баҕарар барыстаах. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Сүрүнэ, сүрэҕэлдьээн хаалымыахха наада. Бэйэм сушины киэһээҥҥэ диэри атахпар туран астыыр этим. Бу санаатахпына, ити улахан үлэттэн, сыраттан тахсар. Онон бэйэбин хайгыыбын эрэ. Астаабыт аскын атыылыырга эмиэ сүрэх наада. Ол иһин саҥа саҕалааччыларга куттаммакка, сүрэҕэлдьээбэккэ, барытыгар ылсан иһиэххэ наада диэн этэбин.
Дэриэбинэҕэ эбии дохуот киллэрэн үлэлиир хайысха элбэх. Нэһилиэнньэҕэ ылан көрдөххө элбэх өҥө тиийбэт. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ төһө кыалларынан үлэлээҥ, саҥаны толкуйдааҥ.
Инникитин маҕаһыыммытын кэҥэтэн, бэйэтигэр үлэлиир курдук оҥостубут киһи. Инвестициялыыр курдук тэриниэхпитин баҕарабыт.
Мария Захарова