Төрүт ох саанан ытыыга кэскиллээх спортсмен Адам Захаров

Өбүгэлэрбит, уол оҕо атаҕын тилэҕэ хараарда даҕаны, кинини боотур, булчут бэрдэ оҥорор соруктаналлара, араас албастарга үөрэтэн бараллара. Ол аата оҕо хааман тоотоҥолоон баран, сүүрэкэлиир буолбутун кэннэ диэн буолара.

Саха оҕун саата, булт уонна кыргыһыы саадаҕа былыр-былыргыттан туттан кэлбит сэптэринэн буолар. Оттон билигин төрүт ох саанан ытыы спорт көрүҥүн быһыытынан кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэнийэн эрэр. Аҕыйах хонуктааҕыта Хаандыгаҕа бу көрүҥҥэ «Томпо оройуонун баһылыгын Кубога» күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытылынна.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ 11 оройуонуттан 190 киһи кыттыыны ылбыта. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар ох сааҕа үрдүк ситиһиилээх, спортка инникилээх Адам Захаров ыалдьыттыыр.

-Адам, бастатан туран, ситиһиилэргинэн эҕэрдэлиибин. Бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар анаан кылгастык кэпсээ эрэ…

-Мин Хаандыга оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуолаҕа сылдьан волейбол, тустуу секцияларыгар, ону таһынан хомуска дьарыктаммытым. Билигин Хайа геологиятын техникумугар ОПИ-22 куурсугар туйгуннук үөрэнэбин. Группам иһигэр старосталыыбын, үөрэҕим иһинэн ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын.

-Хаһааҥҥыттан ох саанан ытыынан дьарыктанаҕын?

-Ох саанан 2019 сылтан дьарыктаммытым. Оҕо сылдьан ох сааны уонна оноҕоһу талаҕынан сөбүлээн оҥорор этим. Аҕабын кытта тэҥҥэ сылдьан бултуурбун кимнээҕэр ордоробун. Ол эрээри воздушканан ытар миэнэ буолбатах дии саныырым. Онон аҕам сүбэтинэн сэттис кылаастан ох саа секциятыгар киирбитим. Тренерим Петр Семенович Андросов буолар. Табаарыстарым эмиэ дьарыктаналлар эбит этэ. Кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьан бу спорт көрүҥүн сөбүлээбитим. Аныгы сылыгар оройуон күрэҕэр кыттыбытым.

-Бу Хаандыгаҕа ыытыллыбыт күрэххэ бастакы ситиһииҥ дуо, эбии ханнык күрэхтэргэ ситиһиилэрдээххиний?

-Бу иннинэ оройуон, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэни ылбытым. Күрэхтэһии олус бэркэ табыллан, үрдүк таһымнаахтык ааста дии саныыбын. Барыта кэмигэр лоп курдук буолла. Тыҥааһыннаах киирсиилэр аастылар.

-Бу ааспыт турнирга үс мэтээли: биир кыһыл, икки үрүҥ көмүс — ыллым. Уолаттар икки ардыларыгар тииҥи ытыыга бастакы миэстэни уонна куобаҕы ытыыга иккис миэстэни, уопсай түмүгүнэн иккис миэстэни ылбытым. Томпо оройуонун баһылыгын аатыттан «Кыайыыга дьулууруҥ иһин» диэн харчынан бириэмийэ туппутум. Бу ситиһиибин убайбар Баһылайга аныыбын. Баара буоллар, олунньу 18 күнүгэр 72 сааһын туолуохтаах этэ. Ону таһынан тренербэр Петр Семеновичка уонна миэхэ ыалдьыбыт дьоҥҥо барыгытыгар махтанабын.

-Бу ааспыт күрэххэ 100% кыахпын туһанным дии саныыгын дуо? Ханнык көрүҥҥэ ыарырҕаттыҥ? Туох тиийбэтэ дии саныыгын?

-Хас биирдии күрэхтэһээччи кыайардыы сананан кыттар буоллаҕа. Бэйэм кыахпар эрэнэр эрэ буоллахпына күрэхтэһэбин. Кыайыахтаахпын диэн эрдэттэн оҥостон киирэн күрэхтэстэххэ эрэ туох эмит табыллар, эрдэ «тостубут» киһиттэн туох туһа тахсыай? Быйыл куһу ытыыга кыратык хааллым. Элбэх эрчиллии уонна дьарык наада. Спортсмен бэйэтин туһугар, бэйэтин кыайаары күрэхтэһэр дии саныыбын.

-Иллэҥ кэмҥэр спортан ураты тугунан дьарыктанаҕын?

-«Алроса» спорт киинин саалатыгар эппин-сииммин эрчийэбин уонна доҕотторбун кытта волейболлуубун. Чөл олоҕу тутуһабын. Мин санаабар, спорт эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка, киһи өйүн-санаатын дьаарыстыыр, сайыннарар.

-Инники былааннарыҥ уонна саҥа саҕалааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?

-Элбэхтик дьарыктаныҥ, ох саанан туттуу быраабылатын толору билиэхтээххин. Уонна саамай сүрүнэ — техникатын билиэххэ, сатыахха наада. Инники сыалым диэн бу олунньу 24-25 күннэригэр куоракка ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан кыайыам диэн баҕа санаалаахпын.

-Адам, ыйытыыларга сиһилии хоруйдарыҥ иһин махтал! Эйиэхэ спорка, үөрэххэр, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһиилээхтик толороргор баҕарабыт!

Мария ЗАХАРОВА

Читайте дальше