Спектакльга бастакы холонуу

Өссө биир сэргэх тэрээһин ыам ыйын 25 күнүгэр Н.И. Колодезников аатынан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Роман Тырахинов дьарыктыыр драм. куруһуогун оҕолоругар Владимир Короленко ”Дети подземелья” диэн кэпсээнин ( МАОО алын кылаас учуутала Дайаана Михайловна Громова сахалыы тылбааһа ”Күлүмнүүр оҕолор”) туруорар үһү диэн сураҕы истэн баран, бары интэриэһиргээбиппит да, дьиксиммиппит да.
Тоҕо диэтэххэ, аҥардас оҕолор оруоллары толоруохтаахтар, аны оруоллары толоруохтаах оҕолор үксүлэрэ сыанаҕа оонньооботох оҕолор…
Дьэ, ити курдук номнуо спектакль премьератын күнэ тиийэн кэллэ. Кулуупка дьон сыыйа-баайа мунньустан барда. Бу маннык аҥардас оҕолор эрэ оонньуур спектакльлара биһиги оройуоммутугар тура илик, республикаҕа да ахсааннаахтык турбут буолуохтаах. Ол да иһин буолуо көрөөччүлэр сирэйдэригэр-харахтарыгар кэтэһии, долгуйуу көстөр.
Маҥнай сценаҕа иитиллээччилэрин илдьэ Роман Егорович таҕыста. Кини бүгүҥҥү куруһуок историятын, куруһуокка оҕолор быйыл тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсээтэ. Онтон оҕолор куолас­ка, мимикаҕа, хамсаныыга дьарыктарыттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Ол кэннэ кылгас кээмэйдээх “Соһуччу үөрүү” диэн учууталларыгар бэлэх оҥороору хайдах курдук толкуйдаабыттарын, ол бэлэхтэрин хайдах көрдөөбүттэрин, мүччүргэннээх сырыыларын туһунан бэрт сэргэх киинэ устубуттарын көрдөрдүлэр. Дьэ, онтон саҕаланна кэтэһиилээх спектакльбыт.
Сыана декорацията минималистическай. Сцена эргиччи хараҥа таҥаһынан бүрүллүбүт. Хаҥас кытыыга муоҕунан, салахайынан бүрүллүт эргэ сууллубут кириэппэс истиэнэтин фрагмена, утары хос-хос занавес. Бастакы занавес кэннигэр – кылабыыһа. Иккис занавес кэннигэр үөһэттэн бэрээдьинэ быанан ооҕуй илимин түһэрбиттэр. Бу манна олорор дьадаҥы дьон олох ыар оборчотуттан күөрэйиэ суохтарын көрдөрөр курдук.
Бу маннык декорацияҕа оҕолор хайдах арыллалларый диир санаа элэс гынна. Ол эрээри артыыстар (оҕолор диэбэппин дьиҥнээх артыыстар) бастакы мүнүүтэттэн көрөөччүлэри бэйэлэригэр билиэн ыллылар. Саала иһэ уу-чуумпу, бу сценаҕа барар хартыынаны биир тыынынан харах уулаах көрдүлэр. Оҕолор барахсаттар кырдьык олус үчүгэйдик оонньоотулар, оруолларын чаҕылхайдык арыйдылар. Бу күн аайы көрсөр мэник-тэник, оҥой-соҥой көрбүт оҕолорбут бастакы сырыыларыттан маннык оонньуохтара диэн санааҕа да оҕустарбатахпыт. Биллэн туран бу барыта кинилэр уһуйааччыларын Тырахинов Роман Егорович сыралаах үлэтин түмүгэ буолара дьэҥкэ.
Бу Вася — Жора Захаров (4 кыл.) оҕо-оҕо курдук төрөппүт тапталыгар наадыйара, аҕатын диэки баҕар ыҥырыа, сыллаан ылыа, кууһан ылыа диэбиттии кылап гына көрө-көрө тахсара; Ньээҥкэ — Лузина Раман ­ ( 4 кыл.) бу хобулуга тоһурҕаан куолаһын, мимикатын араастаан уларытан киирэн кэлэрэ; Валек — Арылхан Егоров (4 кыл.) кыра, хачаайы бэйэтэ балтын туһугар сордоноро; Соня — Мичийэ Кириллова (4 кыл.) убайын таптыыра, эрэнэрэ бэрт буолан баар-суох күндү малын — ийэтин бэлэҕин куукулатын уларсар уонна убайын кистээн: “Куукулам күүлэйдии барбыта. Сотору кэлиэ”, — диэхтиир. Маруся — Алина Лузина (5 кыл.) баар-суох киһитэ убайа. Убайын кэннигэр саста да харысхаллаах курдук сананар. Вася табаарыһа – Ефремов Вова (4 кыл.) кылгастык киирэн тахсар да баайдар оҕолоро буолан, дьадаҥылары киһинэн аахпатын, кинилэри кыыллары курдук баран көрөн саарытыныахха сөп курдугун интонациятынан, мимикатынан эмиэ бэркэ көрдөрдө. Наина Иванова (4 кыл.) чахчы дьиҥнээх куукула курдук. Онтон пан Судья — Алик Егоров (9 кыл.), Тыбурскай — Толя Захаров (8 кыл.) чахчы арылхайдык оруолларын арыйдылар.

Спектакльга көмөлөспүт төрүппүттэргэ, култуура дьиэтин үлэһиттэригэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунугар, үтүөлээх үлэһитигэр Елена Аммосоваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ити курдук чаас аҥарыттан ордук спектаклы сыалай чаастан ордук көрбүт курдук сананан, оҕолорбут оонньууларыттан астынан, дуоһуйан, долгуйа үөрэн тарҕастыбыт. Уонна биһиги кыра артыыстарбытыгар БРАВО! диибит.
Онтон оҕолорбут талааннарын сэгэппит, театр алыптаах искусствотын кытта билиһиннэрбит киинэ-театр студиятын салайааччытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунугар Роман Егоровичка бииртэн биир солун үлэлэри бар дьоҥҥор бэлэхтээн, айар кутун арыллан, сайдан истин диэн баҕа санаабытын этэбит.

Антонина Ефремова.