Сэрии тулаайаҕа

Ааныска кыыс бөөлүүн түһээн эмиэ төрөөбүт балаҕанын көрдө. Ол түһээтэҕинэ дьиэлэрин оһоҕо тигинэччи оттуллан турар. Ийэтэ барахсан муннун анныгар тугу эрэ ыллаан кигинэйэ-кигинэйэ, алаадьы астаан сырылатар. Кыра, саҥа сыҥаһалыы сылдьар сурдьа Киэсэ, наара орон үрдүгэр олорон, ийэтэ биэрбит алаадьытын сиэн болтоҥнотор. Түннүгүнэн киирэр күн сардаҥата оҕо чачархай баттаҕын быыһынан сандаара тыгар.  Ол кэмҥэ аҕата киирэн кэллэ, кыысчаан аҕатын көрөөт:

  • Аҕаа, аҕаа кэллэ!- дии-дии сүүрэн тиийэн, аҕата утары ууммут илиитигэр иилистэ түстэ. Онтон кэннин хайыһан ийэтин диэки көрүөх буолбута, ийэлээх  сурдьа суох буолан хаалбыттар, дьиэтин иһэ тоҥ хаһаа тымныы, онтон аҕатын диэки хайыспыта, аҕата эмиэ суох, арай балаҕаннарын халҕана тэлэччи аһыллан, дьиэлэрин иһигэр тымныы тыал эргийэ оонньуур. Кыысчаан аҕатын сүтэрэн, куттанан: “Аҕаа, аҕаа!” дии-дии аан диэки таласта, ол хаһыытыттан соһуйан, уһукта биэрэн, оронугар олоро түстэ. 

Уһуктубута халлаан суһуктуйан эрэр эбит.

Оронугар олорон, тулатын саҥа көрөн эрэрдии эргиччи көрөн ылла, интернатын дьиэтигэр утуйа сытарын өйдөөтө. Түүлүттэн соһуйан, куттанан сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлиир, тиритэн икки хара көлөһүнэ сарт түһэн,   ытыахча буолан муннунан сүр тыастаахтык сыҥырҕаан ылла, ол кэмҥэ кэккэлэһэ сытар кыыһа уһуктуох курдук хамсаммытын көрөн, уһуктубутун биллэримээри, суорҕанын  анныгар “дьылыс” гынна. 

Ааныска быйыл сэттэтин туолбута. Бу ааспыт күһүн аҕата сэриигэ ыҥырыллан барарын кытта,  интернакка ыланнар, Чычымах оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьар. Аҕатынаан иккиэйэхтэр эрэ этэ. Ийэтэ барахсан кыысчаан кыра сааһыгар өлөөхтөөбүтэ. Билигин хараҕын быһа симэн ийэтин дьүһүнүн араастаан бары ойуулаан көрө сатыыр да, ийэтин мөссүөнэ олох көстүбэт. Онтон наһаа хомойор. Кини өйдөөн хаалбыта диэн, ийэтин минньигэс сыта, сылаас илиитэ уонна сымнаҕас куолаһа, хоонньоһо сытан сыллыы-сыллыы, араастаан таптаан ааттыыра… Ийэтэ суох киһи оҕолорго ымсыырара кэмнээх буолуо дуо. Иһигэр ийэм өлбөтөҕө буоллар, маннык соҕотохсуйуом суоҕа этэ дии саныыр.

Инньэ гынан аҕатыгар наһаа өйөнөн уонна урукку өттүгэр хаһан да аҕатыттан арахсыбатах оҕо аҕатын ахтара сүрдээх.  Аҕатын санаатар эрэ, ахтыбыта бэрт буолан, бэйэтиттэн тутулуга суох, икки иэдэстэринэн хараҕын уута сүүрбүтүнэн барар. 

Бу кыһыны быһа, Саҥа Дьыл каникулугар “Көрдөрүүлээхпэр” тиийдэхпинэ аҕам баҕар төннөн кэлэн, миигин кэтэһэн олороро буолуо диэн, ханна эрэ, дууһатын түгэҕэр эрэл кыыма саҕан, санаа ымыыта оҥостубута. Ол иһин кимиэхэ да эппэккэ, кыһыҥҥы каникулун кэтэстэ да этэ!

Дойдутугар тиийэн таайын аахха хаалларбыттарыгар, тоҕо дьиэбэр хаалларбатылар, ол аата аҕам кэлэ илик буоллаҕа, эбэтэр үлэтигэр эбитэ дуу, дии санаан дьиэҕэ киирээт, таайыттан:

  • Таай, мин дьиэбэр барыахпын баҕарабын ээ, аҕам кэлбитэ дуо?- диэн санаабыт-санаам, баҕарбыт-баҕам саҥабыттан  үргэн хаалыа диэх курдук санаан, сибигинэйэн ыйыппытыгар, таайа:
  • Суох, тоойуом, аҕаҥ кэлэ илик, сэриигэ сылдьаахтыыр буоллаҕа дии, эн санаарҕаама, аҕаҥ хайаан да, өстөөхтөрүн кыайан-хотон тиийэн кэлиэ…- дии-дии кыысчааны төбөтүттэн имэрийэн ылла. Кыысчаан барахсан, аҕабын көрсүөм диэн бүтэһик эрэммит эрэлэ букатыннаахтык мэлийбититтэн хомойон, киирэр аан таһыгар турар олох маска олорон уйа-хайа суох ытаан муҥнанна, таайа кыыһын биир кэм уоскутан: 
  • Чыычаах, ытаама, аҕаҥ хайаан да кэлиэ, онуоха дылы биһиэхэ олоруоххун наада,-диэн быһаара сатыы-сатыы оҕону уоскута турда…

Сарсыҥҥы күнүгэр кыысчаан ойон тураат да, саҥаһа хотоҥҥо, таайа үлэтигэр барбыттарынан туһанан,  аһаабакка да эрэ, дьиэтигэр сүүрбүтэ. Кини санаатыгар, дьиэтин иһигэр син-биир ким эрэ, хайаан да баар буолуохтаах курдуга. Дьиэтин туһаайыытыгар тиийбитэ, киһи сылдьыбыт суолун омооно да суох буолбут, ону ол диэбэккэ, тоҥуу хаары кэһэн-оймоон, хаарга үнтү буккуллан, кэмниэ-кэнэҕэс дьиэтин аанын таһыгар кэлэн, тыын ылаары тохтоон тура түстэ. Ол кэмҥэ кыысчаан  санаатыгар балаҕанын иһиттэн аҕата үөрэн мичээрдээбитинэн тахсан кэлиэх курдуга. Балаҕанын аанын тардан көрдө да, халҕана бу тухары  үөрбүт-көппүт курдук кыыкынаан аһыллар бэйэтэ, бу сырыыга аһыллыбата. Араастаан бары тарда сатаата, ыксаан, аанын тэбиэлии-тэбиэлии: 

—  Аҕаа, аҕаа! Ааны ас, мин кэллим! — диэн көрдө да, ким да дьиэ иһиттэн хардарбата, оҕо хараҕын уута эмиэ икки иэдэһинэн сүүрбүтүнэн барда. Үтүлүгүнэн хараҕын уутун туора сотто-сотто, халҕан таһынааҕы хаары ыраастаан, туох да бокуойа суох хаары бурҕаҥнаппытынан барда. Син балайда бодьуустаһан аанын аһылларга сөптөөх гына ыраастаатым дии санаан эмиэ, тэбиэлии-тэбиэлии тарда сатаата. Аана аһыллыбата. Кыысчаан ытыы-ытыы дьиэтин уҥа өттүгэр тиийэн түннүгүнэн дьиэтин иһин көрөөрү, дьиэ кунуһугар ытта сатыы турдаҕына таайа тиийэн кэллэ: 

— Хайа, Ааныскаа, манна баар эбиккин дуу, эйиигин көрдьүү сылдьабын дии, — диэтэ.

Онуоха кыыс:

— Таай, ааммын аһан кулу, дьиэбэр киириэхпин баҕарабын, – диэн көрдөстө.

— Ол иччитэх дьиэҕэ тоҕо киирэ сатаатыҥ? 

— Дьиэбин көрүөхпүн наһаа баҕарабын ээ….

Таайа тугу да саҥарбакка ааны аһан биэрдэ уонна бэйэтэ таһырдьа туран хаалла, кыысчаан дьиэтигэр киирдэ… Дьиэтигэр киирээт соһуйан, саҥа таһааран “Һык” диэтэ. Маа бэйэлээх сылаас дьиэтэ тоҥ хаһаа, биир да мал суох гына кураанахсыйан, түннүктэрэ алдьаммыттаранан хаар симиллэн, тыал оонньуур дойдута буолбут. Оҕо маҥнай утаа таалан тура түстэ, онтон дьиэ түгэҕин диэки, урут аҕатынаан утуйар ороннорун үрдүгэр ыйанан турар долбууругар супту ааста. Орон үрдүгэр ыттан долбуурун хаһыста, урут манна ийэтиттэн хаалбыт, дьэрэкээн ойуулаах кыра холбуйалаах этэ, онно оонньуурдарын уган уурара, ол холбуйата суох буолбут. Оонньуурдара долбууру биир гына ыһыллыбыттарын хомуйталаата, арай “Аҥаар Муоһа” эрэ сүппүт. Кыысчаан талахтан оҥоһуллубут оҕуһун долбууртан булбакка, орон үрдүгэр түспүтэ буолуо диэн көрдьөөн көрдө да булбата, ол оннугар аҕатынаан тэллэхтэрин анныгар уктар, ынахтарын тириитин хаалларбыттарын булан, баҕар аҕам сыта баара буолаарай диэн сыттаан көрдө. Аҕатын сыта суох буолбут, онтон хомойо санаата. Ол оннугар оонньуурдарын булбутуттан наһаа үөрдэ: “Аҕаа, мин эн оҥорбут оонньуурдаргын буллум ээ, “Аҥаар Муостан” уратылар сүппэтэхтэр, бары бааллар эбит,” диэн аҕатын кытта муннун анныгар кэпсэппитэ буолла. Кыысчаан аҕата сэриигэ барыаҕыттан ыла аҕатыныын маннык кэпсэтэр идэлэннэ. Үөрдэҕинэ да, хомойдоҕуна да куруутун аҕатын кытта саҥа таһааран кэпсэтэр. Ол кэмҥэ аҕата аттытыгар баар курдук буолан, уоскуйарга дылы гынар. 

Кыысчаан оронун аннын хасыһан көрдө да “Аҥаар Муоһун” булбата. Туран оһоҕун иннигэр тохтоон турда. 

Оо, урут бу оһох тигинэччи оттуллан, дьиэ иһэ дьонунан толору, дьоллоох да кэмэ эбит! Ааныска хараҕар сэрии иннинээҕи эйэлээх кэмнэр элэҥнэһэн аастылар.

Аҕата барахсан киэһэттэн-киэһэ бу оһох иннигэр олорон уһанар буолара, ол уһанарын быыһыгар оҕотугар талаҕынан, бу оонньуурдарын оҥорон биэрбитэ. Кинилэри кытта бииргэ, дьахтар курдук туттубут-хаптыбыт, элбэх саҥалаах-иҥэлээх абаҕата Баһылай уонна   ийэтин иитиэх аҕата Уоһук диэн оҕонньор олороро. Дьонноро үлэҕэ бардахтарына эһэтинээн иккиэйэҕин хаалаллара. Кыысчаан эһэтинээн сүрдээх эйэлээхтэрэ, эһэтин наһаа таптыыра. Аҕата сүөһү биригэдьииринэн, абаҕата холхуоска ыанньыксытынан үлэлииллэрэ. Абаҕатын маҥнайгы хомуурга сэриигэ илдьэ барбыттара. Кыыс өйүгэр абаҕата биир кэм кураанах тимир солуурчах тутуурдаах үлэтиттэн кэлэрэ-барара эрэ хатанан хаалбыт.

Биир сайын, Ааныскалаах аттара “Туос Кутурук” ыһыахха, ат сүүрүүтүгэр кыайан аҕатыгар патефон бэлэхтээбиттэр этэ, ону аҕалара биирдэ эмэ холбоотоҕуна, балаҕаннарын иһэ сүрдээх кэрэ музыканан туола түһэрэ. Ол кэмҥэ дьиэ иһинээҕилэр эрэ буолбакка аттынааҕы дьоно бүтүннүү мусталлара. Ким хайдах сатыырынан үҥкүүлээн, үөрүү-көтүү бөҕө буолаллара. Оннооҕор эһэлэрэ, муус маҥан баттаҕа туртаҥнаан, үҥкүүлээн “хаадьас-иэдьэс” хамсанан оҕолору күллэртиир буолара. 

Кыысчаан дьиэтин иһин эмиэ эргиччи көрөн ылла, балаҕанын иһигэр тыал эрэ үҥкүүлүүр буолбатах эбит,  тулаайахсыйыы, соҕотохсуйуу, өтөхсүйүү тыына бэлиэр иҥкпитин төһө да кырачаанын иһин өйдөөтө. Тоҕо эрэ эмискэ сылайбыт курдук буолан, аҕата оҥорбут оонньуурдарын түөһүгэр сыһыары туппутунан, оронугар тиийэн кумуччу туттан сытынан кэбистэ. Иһигэр эмиэ: «Аҕаа,аҕаа…» дии сытан, утуйуох курдук буолан иһэн, санаата эмиэ урукку кэмнэргэ иэҕилиннэ. Аҕата киэһэ үлэтиттэн төһөҕө кэлиэхтээҕин, чаһыыны билбэтэр да, энчириппэккэ билэрэ. Эһэтэ төһө эмэ бопсорун үрдүнэн таһырдьа тахсан аҕата үлэтиттэн кэлэрин кэтэһэрэ. Ахсынньы-тохсунньу «аам-даам” тымныытыгар тахсан кулгааҕа тоҥон “тыс” гына тыаһыар дылы турар буолара. Наһаа тоҥон төттөрү киирэн иттэ-иттэ тахсара, онтон аҕатын атаҕын тыаһа хаарга ыраахтан хоочугуруурун иһиттэр эрэ муҥ кыраайынан утары сүүрэн тиийэрэ, аҕата барахсан кыыһын көтөҕөн ылан сонун иһигэр сыллыы-сыллыы уктан кэбиһэрэ, сэриигэ барыар дылы наар сүгэ-көтөҕө сылдьара. 

Аҕата  сэриигэ барарыгар күһүөрү сайын, Ытык-Күөлтэн байыаннай боломуочунай кэлбитэ. Онно Ааныскалаах балаҕаннарыгар киэһэттэн киэһэ үлэ кэнниттэн, сэриигэ барар дьону мунньан, строевой хаамыыга, противогааһы хайдах кэтэргэ, туттарга үөрэппитэ. Онно кыысчаан аан маҥнай противогаһы көрбүтэ. Ол онно хаһан да строевой хаамыы диэни билбэтэх саха дьоно, илиилэрин оһуохайдаан эрэр курдук биир тэҥҥэ дайбыыллара. Боломуочунай араастаан быһаара сатаан баран, дьоно хайдах да өйдөөбөттөрүн иһин, ыксаан таһырдьаттан икки уһун ураҕас мас киллэрэн дьонун стройдатан, ол ураҕаһы илиилэригэр туттартаан, бэйэтэ биир уһугуттан тутан “раз-два, раз-два” дии-дии хардары-таары тардара, ол «строевой хаамыыларын” кыысчаан быыс кэннигэр сытан көрөрө. Ол кэмҥэ ыал аҕалара барахсаттар, сэриигэ барар ыар чаастарын умнан, күлсүү-салсыы, кэпсээн бөҕө буолаахтыыллара.

Онтон биир күн аҕата, хоппоттон улахан бытыылкаҕа кытарымтыйан-саһаран көстөр таастаах кумах кутуллубутун хостоот:

  • Тоойуом, билигин таайыҥ аахха барыахпыт, мин сэриигэ бардахпына кимниин хаалыаххыный, чугас аймахтарыҥ диэн, таайыҥ эрэ аах бааллар, онон кинилэргэ хаалыаҥ,- диэтэ.

Кыысчаан ону истэн:

  • Суох, мин кинилэргэ хаалбаппын, саҥаспыттан куттанабын! – диэтэ .

Уонна:

— Онтон ити тугуй? – диэн аҕата тутан турар бытыылкатын ыйа-ыйа ыйытта:

— Бу дуо? Бу кыһыл көмүс, оҕом, эн улаатан кэргэн тахсаргар энньэҥ этэ, ону хайыахпытый, бу алдьархай ааҥнаабытын кэннэ тыыннаах эрэ хааларыҥ наада…- диэт көмүһүн мөһөөччүгэр уга-уга,  түҥнэри хайыспыта. Аҕата хараастыбыт куолаһын истэн, таайын аахха барымаары хаппырыыстыах курдук буолан иһэн, саҥата суох барсыбыта. 

Дьонноругар баран иһэн, Ааныска:

  • Аҕаа, онтон мин эһэбин кытта тоҕо хаалбаппыный? Эһэбинээн иккиэн олоруохпут, эн сотору кэлиэҥ дии… — диэн аҕатыттан көрдьөһө истэ.

Онуоха аҕата:

  • Эһэҥ наһаа кырдьаҕас, иккиэн бэйэҕитин дьаһанан олоруоххут суоҕа,- диэтэ. 

Ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ, таайын аахха кэллилэр, таайа сахаҕа ыраас хааннаах, тор курдук бытыктаах, сааһыра барбыт киһи, тэлгэһэтин таһыгар күтүөтүн үөрэ-көтө көрүстэ:

  • Э, доҕоор, Хабырылла дорообо! — диэн илии биэрэн дорооболосто.
  • Хаһан айанныыр буоллугут?-диэн ыйытыласпыта, кэпсэппитэ буола-буола дьиэ иһигэр киирдилэр. Дьиэҕэ киирээт да, таайа:
  • Киристиэнэ, остоолгун тарт, дьоммут кэллилэр, — диэтэ

Кэргэнэ Киристиэнэ, сүрдээх кытаанах майгылаах, ыраас туттуулаах, толуу көрүҥнээх  хотун-дьахтар. Ааныска кыыс саҥаһын уруккуттан биллэр да, куруутун атыҥырыы көрөр, баҕар дьиэлэрин иһигэр дьахтар суоҕуттан эбитэ буолуо. Бу билигин да дьиэлэрэ килэйэн-халайан, ырааһа-мааныта кыыһы толуннарда, инньэ гынан саҥаһым көрбөтөр ханнык дии санаан, биир кэм аҕатын күлүгэр түһэ сырытта. Саҥаһа улаханнык күө-дьаа буолан кэпсэппэккэ эрэ,  остуолун тардан кэбистэ, чэйдии олорон кыыс аҕата:

  • Дьэ, дьонум, сэриигэ барарбын истэн-билэн олороҕут, оччолоох дойдуттан хаһан тыыннаах ордон кэлэрим дуу, кэлбэтим дуу…биллибэт, — диэт, сүр дириҥник өрө тыынан ылла.
  • Ол барарбар оҕобун эһиэхэ хаалларабын, эһигиттэн атын хаалларыахха айылаах, чугас хаан-уруу аймахпыт да суох курдук, — дии-дии остуолтан туран мөһөөччүгүн хасыһан бытыылкалаах көмүһүн хостоон таһааран остуолга хороччу туруоран кэбистэ уонна кэһиэҕирбит куолаһынан:
  • Бу оҕом айаҕын соболоҥо, мантан ордук утары уунарым суох… Бу Орто Дойдуга төрөөммүн, иннибэр-кэннибэр уктарым, инчэҕэй эттээҕим бу эрэ баар, -диэт, уу-хаар баспыт харахтарынан кыыһын диэки көрөн ылла…
  •  Оҕобун улаатыннаран, киһи-хара оҥоруоххут диэн эрэнэбин…- дии-дии, аттыгар олорор кыыһын көтөҕөн ылан ньилбэгэр олордоору гыммыта, кыыһа моонньугар иилистэ түстэ:
  • Аҕаа, эн ханна да барыма, мин манна хаалбаппын, дьиэбитигэр барыах!- дии-дии ытаан киирэн барда.
  • Суох, чыычаах, билигин хаалбаккын ээ, ытаама, — дии-дии, кыыһын кууһан олорон уоскутта, кыыһа уоскуйбутун көрөн:
  •  Сотору дьиэлиэхпит, эн таһырдьа тахсан оонньуу түс, мин кэпсэтэн бүттэхпинэ барыахпыт, сөп? — диэтэ

Онуоха кыыһа аккаастанан төбөтүн быһа илгиһиннэ. Ону көрө олорон, саҥаһа хороччу улаатан эрэр кыыһын Маайаны, таһырдьа ньиирэйдэрин аһата сылдьарын ыҥыран киллэрдэ:

  • Балтыгын илдьэ тахсан оонньооҥ, — диэн дьаһайда. Кыыс сүүрэн киирэн оҕону илиититтэн сиэтэн илдьэ таҕыста.

Ол киэһэ аатырбыт сүүрүүк атын өлөрөн, бэстилиэнэй аһылыгым диэн, холхуос дьонун бүтүннүү ыҥыран аһаппыта. Сарсыҥҥы күнүгэр, кыыһа утуйа сыттаҕына аҕата сэриигэ барбыт этэ. Ол онно кыысчаан уһуктаат да, дьиэтэ уу-чуумпу буолбутуттан, дьиэ иһигэр туох эрэ бэрдэ суох уларыйыы буолбутун сэрэйбитэ. Сонно тута:

  • Аҕаа! – диэбитинэн оронуттан ойон түспүтэ, онуоха эһэтэ эрэйдээх, сырдырҕаан кэлэн оҕону кууһан ылбыта:
  • Тоойуом аҕаҥ бараахтаата, бу атааран кэллим,-диирин кытта, кыыһа:
  • Тоҕо барда, барыа суохтаах этэ дии! – дии-дии аҕатын кэнниттэн эккирэтээри, «төлү» бэрдэрэн таһырдьа ыстанан эрдэҕинэ, эһэтэ тутан ылла, кыыһа  марылаччы ытаата.

Эһэтэ барахсан муус маҥан баттаҕа туртаҥнаан, саҥарар да кыаҕа суох буолан, оҕотун кытта тэҥҥэ ытаһа турда…

Ол кэннэ оҕонньор барахсан, хаһан кыыһын Чычымахха илдьэ барыахтарыгар дылы сиэтэ сылдьан, ыалы кэрийэн, хас ыал аайы, оһохторун иннигэр олорон эрэ:

  • Бу оҕо мин өллөрбүн эрэ, кэннибиттэн сонно тута өлөр оҕо, кинини тулаайах сордооҕу билиҥҥи аас-туор олоххо ким кэлэн көрүө-истиэ баарай! – дии-дии ытыыра, ол кэмҥэ кыысчаан, эһэтэ ытаан хап-хатыҥыр көхсө хапсыйан, ибигирээн бардар эрэ, эһэтин аһынан тэбис-тэҥҥэ ытаһара.

Эһэтэ эрэйдээх кыыс үөрэнэ барбытын кэннэ, сотору өлөөхтөөбүт этэ. Ону таайа Чычымахха киирэ сылдьан, кыыһы көрсөн кэпсээбитэ.

Ол курдук ааспыты саныы сытан: “Эн аҕаа, наһаа күүстээххин, хайаан да өстөөхтөргүн  кыайан, дойдугар төннүөҥ дии, оччоҕо бу дьиэбитигэр, урукку курдук наһаа үчүгэйдик олоруохпут!» диэн саҥа таһааран аҕатын кытта кэпсэттэ, ол саҥатыттан бэйэтэ да үөрэн, дьоллоох курдук сананан, нухарыйан икки халтаһалара сыстан киирэн бардылар. Ол кэмҥэ таайа киирэн, кыыс сытарын көрөн:

  • Хайаа, тоойуом, Ааныскаа, тоҕо манна  сыттыҥ? Бачча тымныыга тоҥон хаалаыҥ дии тур-тур, — дии-дии оҕону көтөҕөн ылан туруорда, оҕо түөһүгэр хам тута сылдьар талах оонньуурдарын ылан сиэбигэр угунна, уонна:
  • Дьиэбитигэр бардыбыт,-диэт кыыһы сиэппитинэн дьиэттэн тахсан бардылар.

Кыысчаан барахсан, бу кэмҥэ аҕата хайы-сах уоттаах сэрии толоонугар охтон, Калинин куорат таһыгар братскай могилаҕа көмүллэ сытарын билбэт этэ…

         

И. Саввина-Сырдаабыт,

2019 с. Тохсунньу 19 күнэ.