Балаҕан ыйын 27 күнэ – оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнэ. Бу күн Россияҕа 2004 сылтан бэлиэтэнэр, аан маҥнай 1863 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка оҕо саада аһыллыбыт күнүн кытта ситимнээх. Билигин Саха сирин оскуола иннинээҕи үөрэҕэ Россияҕа биир бастыҥнар кэккэлэригэр киирэр. Бу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Томпо оройуонун тыа сирин уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэригэр аҕыйах ыйытыы биэрдибит.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо уһуйааныгар хаһыс сылгын үлэлиигин?
Сэбиэдиссэй күннээҕи үлэтэ туохтан саҕала-нарый?
Салайар уһуйааныҥ сүрүн уратыта туохха сытарый?
Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ аналлаах үгэс буолбут тэрээһиннэртэн сырдатыаҥ дуо?
Биир идэлээхтэргэр баҕа санааларыҥ
Мария Мярина, «Кэскилчээнэ» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Саһыл нэһилиэгэ
Мин, Мярина Мария Максимовна, «Кэскилчээнэ» уһуйааҥҥа 2012 сылтан үлэлээбитим, методиһынан саҕалаабытым, онтон 2015 сыл атырдьах ыйыттан сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбитим номнуо 12 сыл буолбут, сэбиэдиссэйинэн – уон сыл. Сэбиэдиссэй күннээҕи үлэтэ, биллэн турар, бүгүҥҥү күҥҥэ хас оҕо, хас үлэһит баарын учуоттааһынтан, ким ыалдьыбытын, туох-ханнык биричиинэнэн кэлбэтэхтэрин быһаарыыттан саҕаланар. Оҕо ахсаана үлэбитигэр сүрүн оруолу оонньуур, онон биричиинэтэ суох кэлбэт буолууну кытта үлэ төрөппүттэри кытта күүскэ барар. Күннэтэ сарсыҥҥы аһылык менютун бигэргэтэбин, араас локальнай, быраабы нуормалыыр докумуоннары кытта үлэлиибин, күннээҕи отчуоттары толоробун.
Календарнай былаанынан туох баар буолар тэрээһиннэр барыта ыытыллаллар. Үгэс буолбут тэрээһиннэртэн «Байанай күнүн» чорботуохпун баҕарабын, манна уол аҕатыныын, убайын биитэр эһэтин кытта булт араас ньымаларын кытта билсэр, сүүрүүлээх-көтүүлээх күрэхтэһиилэр олус интэриэһинэйдик ааһаллар. Аан дойду дьахталларын күнүгэр кыргыттар ийэлэрин кытта араас дойду омуктарын үтүктэн, кинилэр курдук таҥнансимэнэн кэлэн, кинилэр астарын астаан аҕалан уонна ол омук куукулатын таҥыннаран уһуйааҥҥа хааллараллара үгэс буолбута. Араас омук куукулатын быыстапката ыытыллар. Үлэһиттэрбит, бэтэрээннэрбит тас дойдуларга сырыттахтарына хайаан да ол дойду куукулатын кэһии гынан илдьэ кэлэн коллекциябытыгар эбии буолар. Кэлэктииппит ортотунан 23-24 үлэһиттэн турар, 2 үрдүк, 3 бастакы уонна 2 дуоһунаһыгар сөп түбэһэр категориялаах педагогтардаахпыт. Музыкальнай салайааччы, физическэй култуура инструктора уонна логопед курдук исписэлиистэрдээхпит.
Уһуйаан үлэһиттэригэр барыларыгар ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэ күөнүгэр эрэллээхтик үктэнэн үлэлииллэригэр, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, иитиллээччилэрбит, оҕолорбут инникилэрин туһугар туох баар күүспүтүн-уохпутун биэрэн туран үлэлиэххэйиҥ диэн этэбин. Уонна бу кэлэр сылга биһиги уһуйааммыт үлэһитэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ иитээччи» күрэххэ оройуоммут чиэһин көмүскүү барарыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарыам этэ.
Ольга Келина, «Сандалыма» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Үөгэн
Сэбиэдиссэйинэн биир сыл үлэлээтим. Уһуйаан нормативын, санитарнай-гигиеническай өттүнэн, баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһабын. Үлэм, детсадым оҕолоругар табыгастаах эйгэни олохтуу сатыыбын, битэмииннээх астары аһыылларыгар кыһаллабын, тэрилтэ ис-тас өттө тупсаҕай көрүҥнээх буоларыгар күүскэ үлэлиибин. Оҕо, үлэһит үөрэ-көтө кэлиэхтээх. Биллэн туран, хаачыстыбалаах үөрэҕи, үлэни хонтуруоллуубун. Сүрүн уратыбыт диэн уһуйааммыт аччыгый комплектаах, биир бөлөххө араас саастаах оҕолор сылдьаллар. Сайдыыларын таһыма, бэйэлэрин көрүнүүлэрэ, ирдэбиллэрэ, ылыналлара тус-туспа. Ол иһин ону барытын өйдөөн туран бэйэ бэйэлэрин өйдөһүннэртиир эйгэни олохтуубут. Улахан оҕолор кыра оҕолору көрөллөр. Кинилэри эйэлээх буоларга, бииргэ үлэлииргэ үөрэтэбит. Иллэҥ кэмнэригэр улахан оҕолор кыраларга остуоруйа кэпсииллэр, онон кэпсэтэр дьоҕурдара сайдар. Кыралар улахаттары үтүктэн элбэх оонньууга кытталлар. Бу курдук араас саастаах оҕолору уһуйааммытыгар элбэх хайысханан сайдалларыгар дьарыктыыбыт. Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ үгэс быһыытынан Хомуур, Сомоҕолоһуу, Аан дойду дьахталларын, Аҕалар күннэрин, Саҥа дьылы, ыһыаҕы тэрийэн ыытабыт. Биир идэлээхтэрбин барыларын идэлээх бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин! Үрдүктэн үрдүк ситиһиини, таһаарыылаах үлэни, дьиэ кэргэннэригэр дьолу-соргуну баҕарабын!
Нелли Габышева, «Чуораанчык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Кириэс Халдьаайы
Уһуйааҥҥа 18 сылбын үлэлиибин. Үлэм инники, күннээҕи былааммыттан саҕаланар. Уратыбыт диэн оҕолорго туох баар ирдэниллэр аныгылыы көрүүнэн хайысхалары ситэрии, материальнайтехническай базаны саҥардыы уонна, сүрүнэ, оҕолорбут сылаас, сырдык дьиэҕэ сылдьалларын хонтуруоллааһын буолар. «Инникигэ хардыы» научнайпрактическай конференцияҕа 2008 сылтан кыттабыт. Оҕо уонна төрөппүт ыкса ситимнээх буолуутугар үлэлэһэбит. Оҕо эрдэттэн чинчийэр үлэтин улаатыаҕар дылы сайыннарар, оннук курдук үлэбит түмүгэ көстөр.
Биир идэлээхтэрбэр баҕарыам этэ, туохтан да толлон турбакка, саҥаттан саҥаны билэнкөрөн иһэргитигэр, үлэҕит түмүгэ ситиһиилэх буоллун!
Лена Слепцова