Куолакал тыаһыырын тухары

Кириэс Халдьаайы төһө сиргэ тэнийэн сытарын кыра эрдэхпитинэ кырдьаҕас дьонтон ыйытар этим да, ким да билбэт этэ. Арай Андросов Иван аҕата Быытаа оҕонньор маннык үһүйээни кэпсээбитэ. Былыр биир эдэр киһи Ынахсыт олохтоохторуттан ыйыппыт:

— Бу Кириэс Халдьаайы сирэ дуо?

— Суох, бу Ынахсыт сирэ. Таас, Бүөр, Илин Бас, Ичигэс олохтоохторо бары бу Кириэс Халдьаайы буолбатах, урукку былыргы төрүттэрбит ааттаабыттара, Томтор олохтоохторуттан ыйыт, кинилэр билэллэр диэбиттэр. Томтордор эмиэ бу сир Кириэс буолбатах, Томтор сирэ диэн былыргы аата, ити таҥара дьиэтин аҕабыытыттан ыйыт, кини билэр диэбиттэр.

Онно тиийэн аҕабыыт Попов Сүөдэртэн ыйытар:

— Бу сириҥ аата Кириэс Халдьаайы дуо?

— Сөпкө эттиҥ, бу Кириэс Халдьаайы.

— Чээн, кыратын, — диэн ол киһи таҥара дьиэтин эргийэ хаама сылдьан улаханнык мыыммыт. Ону аҕабыыт:

— Үөһэ хантайан көрөҕүн дуо? Отут буут ыйааһыннаах куолакалы? Ити куолакал тыаһын истэр дьон бары Кириэс Халдьаайы олохтоохторо буолаллар.

Куолакал тыаһа Үчүгэй Халдьаайыттан Хонуу Уһукка диэри, Ичигэскэ тиийэ иһиллэрэ, ол сир барыта Кириэс Халдьаайы сирэ буолар диэн үһүйээни истибитим. Ол гынан баран мөҥкөлөр, арыы толооннор, үөгэннэр истибэттэр үһү. Ол иһин кинилэр Кириэс Халдьаайы дьоно буолбатахтар диэн Быытаа оҕонньортон истибитим. Аҕабыыттар этэллэринэн, куолакал тыаһа абааһылары, кыһаҕан тыыны үүрэр, үчүгэй санааны ыҥырар. Дэлэҕэ даҕаны сахалар алгыс эттэхтэринэ түмүгэр куолакал тыаһын үтүктэн: «Дом, дом, дом!» — диэхтэрэ дуо?

Альберт Гринпис