Кириэс Халдьаайы Томпо оройуонун биир улахан бөһүөлэгэ. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут учаастактааҕы балыыһа хаарбах туруктааҕынан билиниллибитэ ыраатта. Аны кыһыҥҥы өттүгэр тымныытынан чугас эргин суох дьиэ. Онтон үлэһиттэр да, ыарыһахтар да улаханнык эрэйдэнэллэрэ. Кэнники сылларга, правительство отчуотугар, олохтоохтор саҥа балыыһа тутуутун куруук туруорсаллара.
Бу күннэргэ саҥа модульнай быраас амбулаториятын матырыйааллара кэлэн, тутуу саҕаланна. Амбулатория 240 кв. миэтирэ иэннээх буолуоҕа. Дьиэ устата 30 миэтирэ, туората 8 миэтирэ.
Модульнай быраас амбулаторията тутуулар ороскуоттара кыратынан, тутарга түргэннэринэн ыраах сирдэргэ табыгастаахтар. Саҥа матырыйааллар аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттииллэр, уһун үйэлээхтэр.
Эбийиэк дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Саҥа Дьылы көрсө үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Бу күннэргэ амбулаторияны ититэр систиэмэҕэ холбуурга бэлэмнээн турбатын тартылар.
Олохтоох дьаһалта кэпсэтэн, «Якутскэнерго» уот линиятын тутуу эбийиэгэр диэри тардан биэрдэ, «ИП Кучутов» өссө сайын сирин көннөрөн, таас кутан бэлэмнээбитэ.
Оройуон дьаһалтата үп-харчы көрөн эргэ сарайдар, урукку аптека дьиэтэ көтүрүллүөхтэрэ. Билигин тутууга алта киһилээх биригээдэ үлэлии сылдьар.

Алексей Павлов



