Хаандыгаҕа элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбилиннэ

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн турар. Бу быһаарыы дьиэ кэргэни өйүүргэ, бары өттүнэн көмүскэллээх буоларын хааччыйарга туһуламмыта саарбаҕа суох. Улахан болҕомто ордук элбэх оҕолоох ыалга ууруллар.

Олунньу 7 күнүгэр Хаандыга бөһүөлэгэр оҕону төрүүр дьиэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Юрий уонна Алена Уваровскайдар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон Аня диэн кыысчаан күн сирин көрдө. Бу ыалга Тимофей уонна Игнат диэн сыллата уолаттардаахтар.

«Томпо оройуона» МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Оксана Назаренко баһылык Яков Степанов уонна бэйэтин аатыттан эҕэрдэлээн туран сибэкки дьөрбөтүн, өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда. Хаандыга бөһүөлэгин баһылыгын солбуйааччыта Ирина Геленкенова эҕэрдэҕэ кыттыста.

Социальнай харалта салалтатын салайааччыта Галина Канашова дьиэ кэргэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут 110 тыһ. 775 солкуобайдаах «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал сертификатын уонна 300 тыһ. солк. «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сертификатын туттарда.

Элбэх оҕолоох ийэ Алена:

— Дьиэ кэргэн дьоло – оҕолоругар. Кыысчааммыт күн сирин көрөн үөрүүбүт улаатта. Уолаттарбыт эмиэ Хаандыгаҕа төрөөбүттэрэ. Гинеколог быраас Ирина Викторовна Евсикова салайар балыыһа отделениетын кэлэктиибигэр болҕомтолорун, кыһамньыларын, идэлэригэр бэриниилэрин иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.


Любовь Моторина