Эр киһитэ суох оскуола – аҕата суох ыалга тэҥнээх дииллэрэ кырдьык. Эр киһитэ суох эр киһини иитии олох сөбө суох. Билигин, хомойуох иһин, оскуолаҕа эр дьон учуутал элбэх буолбатах.
Бүгүн хаһыаппытыгар Үөгэн сүрүн оскуолатын устуоруйаҕа, географияҕа учуутала, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ кыттыбыт, кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүт Юрий Сотрудников ыалдьыттыыр.
— Юрий Васильевич, бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсиэҥ дуо? Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
— Эбээн омук дойдутугар, Эбээн Бытантай улууһун Саккырыыр нэһилиэгэр, 1996 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр Сотрудниковтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым онно ааспыттара. Саккырыыр орто оскуолатыгар 11 кылааһы толору үөрэнэн оскуолабын түмүктээбитим. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Юлия диэн ахсыс кылааска үөрэнэр кыра, мааны балтылаахпын. Олохпор өйөбүл, тирэх буолар дьоннорбунан аҕам Василий Тимофеевич уонна ийэм Елена Васильевна буолаллар. Ийэлээх аҕам — наар үлэни өрө туппут дьон. Кинилэр биһиэхэ үтүө холобур буолаллар. Сахалыы сайаҕас майгылаах төрөппүттэрбит истиҥ сыһыаннарыгар, тапталларыгар бигэнэн улааппыт дьоллоох дьоммут. Оҕо эрдэхпиттэн үлэҕэ сыстаҕас буолан үлэ үөһүгэр сылдьабын. Күндү дьоммут биһиэхэ ахсаабат кыһамньыларынан куруук сүбэһит-амаһыт, олохпут суолун сирдьиттэрэ буолаллар. Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт, муҥура суох махтанабыт.
Билигин Томпо оройуонун Үөгэн оскуолатыгар история уонна география учууталынан үлэлиибин. Кэргэним Валерия Константиновна Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан сылдьар. Уруһуй уонна черчение учуутала.
— Учуутал идэтин хайдах талбыккыный? Мэлдьи учуутал буолар санаалааҕыҥ дуу эбэтэр атын идэҕэ туттарсан көрбүтүҥ дуу?
— Итиннэ учууталым Дмитрий Александрович Прокопьев улахан оруолу оонньообута. Дьиҥэ, кыра эрдэхпиттэн кыылга-сүөлгэ сыстаҕас этим, үөнү-көйүүрү үөрэтэн-чинчийэн, «эпэрээссийэлээбитэ» буолан, уопут оҥорорбун сөбүлүүрүм. Онон бэтэринээр буолуохпун баҕарар этим. Тохсус кылааска география учуутала Дмитрий Александрович кэлэн, санаабын тосту уларыппыта. География эйгэтигэр уһуйбута. Оскуолабын бүтэрээт, СВФУ естественнэй наука институтугар туттарсан, этэҥҥэ дипломмун көмүскээбитим. Устудьуоннуу сылдьан, актыбыыс быһыытынан араас күрэхтэргэ кыттан миэстэлэһээччибин. Ону таһынан чэпчэки атлетикаҕа уонна боксаҕа эмиэ элбэх ситиһиилэрдээхпин. Устудьуон кэмнэрим олус чаҕылҕайдык ааспыттара. Билигин да ахта саныыбын. Үөрэхпин бүтэрээт, төрөөбүт дойдубар икки сыл идэбинэн үлэлээбитим.
— Аймахтаргар учууталлар бааллар дуу?
— Төрүттэрбэр педагог идэлээхтэр элбэхтэр. Эбэм Зоя Васильевна – эбээн тылыгар методист уонна иитээччи. Эдьиийдэрим Аргылова Христина Тимофеевна, Аверенская Алиса Васильевна, Былчахова Мария Юрьевна, Стручкова Прасковья Васильевна, Стручкова Мария Дмитриевна, Пахомова Галина Борисовна, Аммосова Елена Васильевна уонна балтым Кириллина Нарыйа Петровна учуутал, иитээччи идэлээхтэр. Хос эһэм Былчахов Василий Иосифович эмиэ учуутал этэ. Кустуур оскуолатын төрүттээбитэ.
— Эн хаһыс кылаастары үөрэтэҕин? Оҕолор эксээмэҥҥэ устуоруйаны, географияны төһө талалларый? Көрдөрүү хайдаҕый?
— Үөгэн оскуолатыгар бэһис-ахсыс кылаастары үөрэтэбин. Оскуолабыт аҕыйах комплектаах буолан аҕыс кылаастаах. Бу оскуолаҕа күһүҥҥүттэн кэргэммин кытта саҥа кэлэн үлэбитин саҕалаабыппыт. Үөгэн дьонун-сэргэтин, айылҕатын олус сөбүлээтибит. Бу иннинэ дойдубар икки сыл үлэлээбитим. Онно ОГЭ-ҕэ географияны сэттэ оҕо талан, бары этэҥҥэ туттарбыттара. 11-с кылаастан үс оҕо география экзаменын үчүгэйдик туттаран, үрдүк үөрэххэ этэҥҥэ киирбиттэрэ. Онон, санаабар, көрдөрүүм үчүгэй курдук.
— «Учуутал – …» диэни салҕыаҥ дуо?
— Учуутал диэн, мин санаабар, сүрдээх улахан эппиэтинэстээх киһи дии. Нууччалыы эттэххэ: «Наше будущее зависит от учителей». Тоҕо диэтэр биһигиттэн, учууталлартан, оҕо хайдах иитиллэн тахсара тутулуктаах. Учуутал киһи бастатан туран үлэтин, оҕолору таптыахтаах. Кини психолог, табаарыс, наставник буолуохтаах дии саныыбын.
— Билигин учуутал чопчу уруогун эрэ ыыппакка, үгүс бириэмэтэ докумуону толорууга барар дииллэр.
— Оннук. Учууталга докумуон үлэтэ наһаа элбэх, ордук кылаас салайааччытыгар.
— Оскуолаҕа билигин туох улахан кыһалҕа баарый? Эдэр учуутал тыаҕа тоҕо таласпатый?
— Мин санаабар, оскуола биир сүрүн кыһалҕатынан эдэр специалистар тиийбэттэрэ буолар. Бу ханна баҕарар баар көстүү. Оттон эдэр ыччат дэриэбинэҕэ барбата диэн, бииринэн, үрдүк хамнаска талаһыыта буолар. Иккиһинэн, олорор усулуобуйа суоҕуттан.
— Ханнык куонкурустарга кыттыбыккыный? Хайдах саҕаламмытай?
— Быйыл бэйэбин холонон көрөн, күрэх бөҕөтүгэр кытынным. Билигин алтыс кылааска үөрэнэр Камилла Слепцова диэн үөрэнээччибин НПК-ҕа бэлэмнии сылдьабын. Быйыл Чурапчыга ыытыллыбыт Ларионовскай ааҕыыга иккис миэстэ буолбута. Бу күрэххэ кыттарбытыгар бииргэ үлэлиир учууталларым эмиэ улахан күүс-көмө буолбуттара. Онон биһигини өйөөбүт коллегаларбар уонна директорбар Лилия Гаврильевна Слепцоваҕа, завучпар Саргылана Васильевна Слепцоваҕа махталбын тиэрдиэм этэ.
Быйыл кыһын «Мин идэм-2024» диэн Кириэс Хальдаайыга ыытыллыбыт араас хайысхаҕа үлэлиир эдэр специалистар күрэхтэригэр иккис миэстэ буолбутум. Бүлүү улууһугар ССРС норуотун учуутала М.А. Алексеевка аналлаах «Учуутал – эр киһи идэтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи идэ VI куонкуруһугар кыттаммын «Дебют года» диэн номинация ылбытым. Ону таһынан, биир улахан күрэхтэһиибинэн Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт «Молодой учитель Заречья» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолар. Араас оройуоннартан барыта 17 кыттааччы баар этэ. Томпо оройуонуттан мин уонна Мэҥэ Алдан алын кылааһын учуутала баран кыттыбыппыт. Күрэхтэһээччилэр олус бэлэмнээхтэр этэ. Икки күнү быһа киирсэммит, хомойуох иһин, хайабыт да миэстэлэспэтэҕэ, ол оннугар Саха сирин тас өттүгэр баран үөрэнэрбэр сертификат биэрбиттэрэ. Маннык араас күрэххэ кыттан, элбэх уопут ылаҕын. Уопсайынан, бу маннык улахан таһымнаах күрэххэ кыттан киһи сайдар.
— Юрий Васильевич, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Түбүктээх үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
Мария Захарова