Учуутал — ийэ, аҕа,
Учуутал — доҕор, атас,
Уһун сааска умнубакка
Учууталы ытыктыахха!
Үлэҕэ -үөрэххэ кыттыһан
Ыччаттар үгэһи салҕыыллар.
«Учуутал убайга» — махтанан
Эҕэрдэ тылларын ыыталлар.
Бу тыллар саха тылын учууталыгар өр кэмнэ биһиги оскуолабытыгар өрө күүрүүлээхтик айымньылаахтык үлэлээбит истиҥ доҕорбутугар, убаастыыр коллегабытыгар Гаврил Кириллович Павловка анаммыт курдуктар.
Гаврил Кириллович бу үлэлээбит сылларын усталаах туоратыгар төһөлөөх элбэх кэнчээри ыччакка урдук билиини, төрөөбүт сахатын тылыгар тапталы, сахалыы сиэргэ — туомна ииппитэ буолуой!?
Кини үөрэппит — ииппит такайбыт оҕолоро үрдүк үөрэҕи бүтэрэн республикабыт араас муннуктарыгар чиэстээхтик үлэлии сылдьаллара биһигини үөрдэр. Онон биһиги киэн туттабыт. Гаврил Кириллович үөрэнээччилэрэ кинини өрүү махтал истиҥ тылларынан ахталлар. Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиадаларга Гаврил Кириллович үөрэппит оҕолоро куруук бастыҥҥар кэккэлэригэр сылдьаллара. Ол учуутал сыралаах үлэтин түмүгэ буолар.
Гаврил Кириллович ону таһынан оскуола иитэр үлэтигэр бэйэтин кэккэ кылаатын киллэрсибитэ. Ол курдук хас биирдии үөрэх таһынан ыытыллар тэрээьиннэр, оскуола ыһыахтара кини быһаччы салайсыыта суох ааспаттара…
Кини биир ойуччу турар айымньылаах бырайыагынан биһиги оскуолабытыгар кылаастар икки ардыларыгар хор күрэҕин киллэрбитэ буолар.
Биһиги оскуолабытыгар 2004 сыллаахтан Гаврил Васильевич Бястинов музыка учууталынан үлэлиир кэмигэр бастаан “Кыайыыга кынаттаабыт ырыалар” диэн байыаннай – патриотическай ырыа фестивалын тэрийбиппит. Онно кылаастарынан хор толоруутун 1-тэн 11-тэн кылааска диэри киллэрбиппит. Гаврил Васильевич араас да ырыалары үөрэтэрэ, баянист буолан оҕолор да ырыаны түргэнник ылыналлара. Гаврил Васильевич бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытын кэннэ, музыка учууталынан үлэлиир кэммэр бу фестивальбытын бэлиэ даталарга ыытар буолбуппут. Билигин бу фестивальбыт Г.В.Бястинов сырдык кэриэһигэр ыытыллар.
Онтон салгыы сана таас оскуолаҕа киирэн баран 2014 сыллаахха Гаврил Кирилловичтыын Комсомол күнүгэр аналлаах хор күрэҕин тэрийиэххэ диэн буолла, кини “Битва хоров” диэн ааттыахха диэн оннук сүрэхтээн эмиэ сыл көтө-көтө ыытар буолбуппут. Өктөөп өрөбүлүүссүйэтин сылыгар анаан эмиэ ыыппыппыт.
Гаврил Кириллович саха тылын учууталын да быһыытынан, культураҕа эмиэ олус чугас сыһыаннаах буолан 60-70 сыллардааҕы саха поэттарын хоһоонноругар суруллубут ырыалары олус сөбүлүүр этэ уонна бу ырыалар өрүү иһиллэ туралларын курдук бу «Битва хоров» күрэҕи биһиги оскуолабытыгар киллэрбитэ. Бу ырыалар биһиги республикабыт историятын биир сырдык кэрэһиттэрэ буолаллар, онон бу Гаврил Кириллович киллэрбит күрэҕин хаалларбакка, салгыы ыытан иһиэхпит диэн улахан баҕалаахпыт уонна бигэ эрэллээхпит.
2022 сыллаахха Гаврил Кириллович сырдык кэриэһигэр оскуола иһинэн төрөөбүт дойду туһунан ырыаларга хор күрэҕин ыыппыппыт. Манна Гаврил Кириллович бииргэ төрөөбүттэрэ көһө сылдьар кубогы Гран-При буолбут кылаас хоругар туттарбыттара. Гран-При — 9 кылаас хора, Гаврил Кириллович үөрэппит оҕолоро буолбуттара. Кылаас салайааччыта Охлопкова Л.М.
2023 сыллаахха кини сырдык аатыгар сүгүрүйэн Саха литературатыгар региональнай олимпиада ыытыллыбыта.
Бу үөрэх сылыгар Гаврил Кириллович кэриэһигэр иккис төгүлүн хор күрэҕин региональнай «Алдан — Ситим» холбоһук иһинэн ыыттыбыт.
Гаврил Кириллович биһиги кэккэбитигэр баара буоллар, бу 2024 сылга 70 сааһын үөрэ- көтө бэлиэтиэх этибит. Онон быйылгы «Битва хоров” күрэхпит кини 70 сааһыгар уонна Оҕо саас сылыгар анаан бэрт үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста. Ол курдук, Гаврил Кириллович туһунан бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕоро Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Анна Николаевна Келина, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Байаҕантай норуот айымньытын киинин директора Альбина Сергеевна Баланова истиҥ- иһирэх тылынан ахтыы оҥорбуттарын үөрэнээччилэр, учууталлар олус сэргээн иһиттилэр.
Гаврил Кириллович олоҕун туһунан презентация, видеоролик көрдөрүллүннэ.
Быйылгы бастакы Алдан- Ситим региональнай холбоһук иһинэн ыытыллыбыт күрэхпитигэр уопсайа 17 хор, 200-тэн тахса оҕо кыттыыны ылла. Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ-Алдан, Е.П.Протопопов аатынан СаҺыл, А.Сыромятникова аатынан Арыы- Толоон, Үөгэн оскуолалара. Уус- Алдантан В.А.Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатыттан уонна Хаандыгаттан Оҕо айымньытын киинин педколлектива кыттыыны ылан сүргэбитин көтөхтүлэр. Онон бу күрэхпит инникилээх буолууһу диэн эрэл санааны үөскэттэ.
“Битва хоров” региональнай күрэхпит үс категориянан барда ( 1-4, 5-7, 8-11 кылаастар).
Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр М.П.Габышева, КХОО иитэр үлэҕэ директры солбуйааччы, М.В.Слепцова, Л.Мекюрдянов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын фортепиано уһуйааччыта, Л.Г.Сергеева, “Байаҕантай” норуот айымньытын киинин специалиһа, А.Н.Зыкова, “Байаҕантай” норуот айымньытын киинин специалиһа, “Эллээйик” оҕо фольклорнай коллективын салайааччыта үлэлээтилэр.
1-4 кылаастарга: I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын 3 кылаас хора (кыл.сал. Бурцева Д.И.), (Л.Попов тыл.Эйэ ырыата, солистар Амелия Кондратьева, Арсений Кузьмин) ылла. I истиэпэннээх лауреат – Саһыл орто оскуолатын хора (уус-уран сал.Охлопкова О.С.), (С.Тимофеев тыл. Эйэ, дьол иһин); II истиэпэннээх лауреат — 2 кылаас хора (кыл.сал.Сивцева М.В.), (Баал Хабырыыс тыл. Күн бытархайа, солист Толя Какаисов); II истиэпэннээх лауреат — Үөгэн ситэтэ суох оскуолатын хора (сал.Еремеева Ф.И.), (Илья Чаҕылҕан тыл.Хайыһар; III истиэпэннээх лауреат — 4 кылаас хора (кыл.сал.Попова Т.Ю.), (Эллэй тыл.Таптыаҕыҥ ийэни); I истиэпэннээх дипломант — 1 кылаас хора (кыл.сал.Атакова И.Е.), ( П.Тулааһынап тыл.Кымыс ырыата) буоллулар. Маны таһынан оскуола иитэр үлэ салаатын анал бирииһин “Саамай айымньылаах хор” анал ааты кытта харчынан бириэмийэни 3 кылаас коллективыгар туттарыллынна. Начальнай кылаас учууталларын бириэмийэтэ “Бастыҥ сценическэй уобарас” анал аат Үөгэн ситэтэ суох оскуолатын хоругар ананна.
5- 7 кылаастарга: I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын 5 кылаас хора (кыл.сал.Черноградская А.А.),(С.Тимофеев тыл. Эйэ, дьол иһин, солистар Венера Бурцева, Дьулус Матаркин ) ылла. I истиэпэннээх лауреат – Уус-Алдан оройуонун В.Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатын хора- (сал.Свинобоева Н.Н.) (П.Ойуунускай тыл. Былааһы Сэбиэккэ); II истиэпэннээх лауреат — Үөгэн сүрүн оскуолатын хора (сал.Еремеева Ф.И.),
( Эллэй тыл. Дорообо, Тохсус Маай, солистар Виолетта Слепцова,Ньургун Марков (сал.Еремеева Ф.И.); III истиэпэннээх лауреат – 7 кылаас хора(кыл.сал.Заболоцкая М.Ю.), (И.Гоголев тыл. Аан дойду ыччатын сүрэҕэ); I истиэпэннээх дипломант — 6 кылаас хора (кыл.сал. Охлопкова Е.С.), (С.Данилов тыл. Өлүөнэ эбэккэм ) ; II истиэпэннээх дипломант- Мэҥэ- Алдан орто оскуолатын хора (сал.Ефимова П.С.), (С.Данилов тыл. Саха үҥкүүтэ); III истиэпэннээх дипломант Арыы-Толоон сүрүн оскуолатын хора (сал. Бурцева С.Р., Аммосова С.А.), (С.Тимофеев тыл. Эйэ, дьол иһин) буоллулар.
Маны таһынан оскуола иитэр үлэ салаатын анал бирииһин “Саамай айымньылаах хор” анал ааты кытта харчынан бириэмийэни 5,7 кылаас коллективтарыгар туттарыллынна. Гаврил Кириллович бииргэ үөрэммит доҕотторо туруорбут бириистэрин – 5 тыһыынча харчынан бириэмийэни А.Н.Келина Үөгэн сүрүн оскуолатын хоругар, кини салайааччытыгар Ф.И.Еремееваҕа дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан туттарда.
Гаврил Кириллович коллегалара Кириэс-халдьаайы орто оскуолатын учууталлара туруорбут харчынан биримиэйилэрэ 6 кылаас коллективыгар ананна.
8-11 кылаастарга түмүк маннык буолла: I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын 8 кылаас хора (кыл.сал.Слепцова А.А.), (С.Данилов тыл.Эҕэрдэ ырыата) ылла. II истиэпэннээх лауреат – 10 кылаас хора (кыл.сал.Харитонова Е.В), (С.Тимофеев тыл.Доҕордоһуу ырыата), III истиэпэннээх лауреат- 9 кылаас хора (кыл.сал Константинова Т.Н.), (П.Ойуунускай тыл.Былааһы Сэбиэккэ). Маны тэҥэ саха, английскай тыл методическай холбоһуга туруорбут анал бириистэрэ 8 кылаас коллективыгар уонна бу кылааска «Байаҕантай» норуот айымньытын киинин анал бирииһэ туттарыллынна. 10 кылаас коллективыгар Гаврил Кириллович коллегаларын харчынан бириэмийэлэрэ туттарыллынна.
Хаандыгаттан Оҕо айымньытын киинин педколлективыгар (А.Аччыгыйын тыл.Учууталга) «За лучшее хоровое исполнение” анал номинация уонна салайааччыларыгар О.В.Павловаҕа махтал сурук бэриллиннэ.
Онтон Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Г.К.Павлов сырдык кэриэһигэр анаммыт “Битва хоров” региональнай күрэхпит Гран- При хаһаайынынан Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын выпускниктара, 11 кылаас хора (кыл.сал.Охлопкова Л.М.). (А.Аччыгыйын тыл.Учууталга, солистар Вася Степанов, Лида Дьячковская) иккис төгүлүн муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста. Кыайыылаах кылааска Гаврил Кириллович бииргэ төрөөбүттэрэ туруорбут көһө сылдьар кубоктара, минньигэс тортара уонна Гаврил Кириллович коллегаларын харчынан бириэмийэлэрэ туттарыллынна.
Бу «Битва хоров» региональнай күрэхпитигэр көхтөөхтүк кыттыбыт бары үөрэнээччилэргэ, салайааччыларга Кириэс- Халдьаайы орто оскуолатын салалтата (дир.Слепцов С.А.), педагогическай коллективын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Гаврил Кирилловиһы оройуоҥҥа, республикаҕа билбэт учуутал да үөрэнээччи да бука ахсааннаах буолуо, онон инникитин бу 2026 сылга буолуохтаах күрэхпитин өссө салгыы тэнитэн республиканскай таһымнаах ыыппыт киһи диэн баҕалаахпыт. Бу күрэхпитигэр эбии уһуйааччылары, учууталлары, педагогтары эмиэ кытыннарар буоллар өйүөхтэр эбит диэн түмүк санааҕа кэллибит.
Онон оҕо-аймах сүгүрүйэр уһуйааччыта, эрэллээх доҕор, чаҕылхай табаарыс, биһиги оскуола эрэ буолбакка,бүтүн республика киэн туттар учуутала Гаврил Кириллович Павлов кэриэһигэр ыытыллар тэрээһиннэр баалларын тухары кини сырдык аата умнуллуо суоҕа, кини туһунан үтүө өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр, дьыалабытыгар өрүү тыыннаах буолуоҕа.
Мария Габышева, Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ