Үөрэх эйгэтигэр  киирэр саҥа уларыйыылар

Саҥа үөрэх дьылыгар оройуон оскуолалара хайдах бэлэмнээхтэрин билээри Томпо улууһун үөрэҕириитин начальнигын Василий Михайлович Луковцевы көрсөн кэпсэттибит. 

  • Василий Михайлович, саҥа үөрэх дьылын оройуон оскуолалара хайдах бэлэмнээх көрсөллөрүй?

Оройуон оскуолалара саҥа үөрэх дьылын көрсө бэлэмнэрин бэрэбиэркэлиир хамыыһыйа 30 объекка көҥүл биэрдэ. Бары үөрэх тэрилтэлэрэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр оҕолору көрсөргө бэлэмнээх олороллор. Быстах өрөмүөнү үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрин үптэринэн ыыттылар. Оскуола автобустара кэмигэр техническэй көрүүнү аастылар. Аан маҥнайгы кылаас боруогун  181 кырачаан үөрэнээччи атыллыаҕа. Кинилэргэ Ил Дархантан бэлэх туттарыллыаҕа.

  • Быйылгы үөрэх дьылыгар ханнык саҥа уларыыйылар киирээри туралларый?

Бастакынан,  оскуолаларга уопсастыбаҕа туһалаах үлэ өйдөбүлэ киирэр. Ол курдук, кылааһы, спортивнай саалалары сууйуу-сотуу, актовай саалалары бэлэмнээһин эбээһинэһэ үөрэнээччигэ сүктэриллиэҕэ. Үлэ ханнык көрүҥэ уопсастыбаҕа туһалаах буолуоҕун  оскуола салалтата быһаарыаҕа.

Урут баар буола сылдьыбыт үрүҥ көмүс мэтээл быйылгы үөрэх дьылыгар төннөр.“Үөрэххэ оһуобай ситиһиитин иһин» II-c истиэпэннээх үрүҥ көмүс мэтээл  үөрэнээччи аттестатыгар икки эрэ «4» , уоннааҕыта «5» сыаналаах буоллаҕына туттарыллар.

Устуоруйа биридимиэтигэр үөрэнээччилэр  саҥа учебнигынан үөрэниэхтэрэ. Бу күннэргэ  оскуолаларынан тарҕаныахтара.

Идэҕэ эрдэттэн туһаайар дьарыктар нэдиэлэ аайы ыытыллар буолуохтара. Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар киирбит «Суолталааҕы кэпсэтии» халыыбынан «Россия-мои горизонты» идэҕэ туһаайар дьарыктар  ыытыллыахтара.  Базаовай,сүрүн уонна үрдүкү таһымнарга арахсар – оскуола бэйэтэ мантан талар.

  • Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ-мунньахтан тус санааҕыҥ үллэстиэн дуо?

Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ-мунньаҕар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев тус этиитигэр үөрэх хаачыстыбата бастакы кэккэҕэ турарын өссө тоһоҕолоон эттэ. Ол курдук, үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга элбэх уларыйыы киирбитин, кадры бэлэмнээһин боппуруостарыгар тохтоото. Биир кэлим экзамены туттарыы түмүгүн  таһынан, үлэ ырыынагын араас хайысхатыгар ханнык баҕарар идэ туһаайылаах  буоларыгар болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ.

Биэс сыл сыл иһигэр элбэх саҥа тутуу, хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын ыйда.  Бары түмсүүлээх буоллахпытына  — кэлэр кэскил оҥкулун оҥоробут диэн бэлиэтээтэ.

  • Үөрэнээччилэргэ дойдуга бэринилээх буолууга туох үлэ ыытылларый?

Билиҥҥи дойдубут уустук балаһыанньатыгар  түбэһиннэрэн  ОБЖ уруогун  оннугар «Основы безопасности и защита Ролины» диэн саҥа биридимиэт сэрэхтээх, буолуу, кутталлаах  быһыыга-майгыга хайдах-туох дьаһаныы уонна патриотизм өйдөбүллэригэр билиини биэриэҕэ. Дойдуларын устуоруйатын, култууратын, үгэстэрин, дойдубут көмүскэлигэр үлэлиир сулууспалар тустарынан сиһилии информацияны үөрэтиэхтэрэ. Гражданин эппиэтинэһин үрдэтэргэ, төрөөбүт дойдуга патриоттуу сыһыаны иитэргэ сүрүн болҕомто ууруллуоҕа.

Үгэс быһыытынан, сылын аайы улахан кылаас үөрэнээччилэригэр байыаннай хомуурдары, күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытабыт.

  • Үөрэх тэрилтэлэригэр учуутал миэстэтин хааччыйыы хайдаҕый?

Оскуолалары каадырынан хааччыйыы боппуруоһа билигин сытыытык турар. Педагогическай кадры үлэ миэстэтин хааччыйыы дьаарбаҥкатыгар оройуон оскуолаларын салайааччылара тус бэйэлэрэ баран кыттыыны ыллылар. Үгүс оскуолаҕа учуутал тиийбэт.Билигин вакансия миэстэлэрин сабар сорук турар.  Сүрүн кыһалҕабыт – эдэр специалистары дьиэнэн хааччыйыы буолар. Атын сиртэн үлэлии кэлбит учууталларга оройуонтан биир кэлим төлөбүр оҥоhуллар. Ил Дархан эдэр учууталлар хамнастарын үрдэтэргэ этии киллэрбитин биһирии иһитттибит.

  • Саҥа үөрэх дьылынан биһиги ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ?

Бары учууталлары, төрөппүттэри, үөрэнээччилэри саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Туруоруммут сыалгытын ситиһэргэ  куруук дьулуһуҥ! Үөрэх баар – бараммат баай.

Лена Слепцова

Читайте дальше