Үөгэҥҥэ этнографическай диктант ыытылынна

Бүгүн Үөгэн библиотекатыгар «Улахан этнографическай дьыктаан» аахсыйа ыытылынна. Тургутук 30 ыйытыыттан турар. Ол иһигэр 20 боппуруос киирэр: кыттааччыларга барыларыгар тэҥ, уопсай федеральнай чаас; 10 боппуруос — региоҥҥа туһуланар чаас. Бүгүҥҥү аахсыйаҕа 10 киһи кыттыыны ылла. Саамай аҕа саастаах кыттааччы 73 саастаах, саамай эдэр кыттааччы 21 саастаах. Уопсай түмүгүнэн орто баал 42 буолла. Үөгэн библиотеката бу акцияҕа сылын аайы кыттар, сыл аайы саҥа кыттааччылар эбиллэллэрэ үөрдэр.

 

Татьяна Гоголева