Үөгэн оскуолатын кырачааннарыгар Тимофей Сметанин остуоруйатынан оонньуу

Фронтовик суруйааччы, поэт, драматург Т.Е. Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан «Сахалыы ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн, «Күөрэгэй» остуоруйанан аахпыты тургутар оонньуу-күрэх алын кылаас үөрэнээччилэригэр ыытылынна.

Эрдэ сорудах биэрэн, дьиэлэригэр «Күөрэгэй» остуоруйаны дьиэ кэргэнинэн аахпыттара. Оонньууга оҕолорго остуоруйаттан араас ыйытыылар бэрилиннилэр, сөпкө эппиэттээбит оҕо «көмүс манньыат» ылан истэ. Ону таһынан эргэрбит тылларга эмиэ ыйытыылары биэрдибит.

Оҕолор бары аахпыттара оонньууга былдьаһа-былдьаһа эппиэттииллэриттэн көстөр. Оонньуу түмүгүнэн бастакы элбэх «манньыаты» хомуйан бастакы үрдэли Максимов Эрэл (2 кылаас), иккис миэстэни Бурцев Ярик, (3 кылаас) уонна үһүс миэстэни Степанов Айтал (4 кылаас) ыллылар. Кыттыбыт оҕолорго туоһу сурук, кыайыылаахтарга добун суругу кытта минньигэс ас бэрилиннэ.

Сахалыы ааҕыыны кыра эрдэхтэриттэн көҕүлээн, аахтаран уонна аахпыттарын тургутан маннык оонньуулары, күрэхтэри ыытан оҕоҕо кинигэҕэ ааҕыыны умсугутуохха.

Татьяна ГОГОЛЕВА