Тыва биир идэлээхтэрин түмэр

Кызыл аэропордугар сарсыарда түһээппитин кытта Сергей Лопсан салайааччылаах Тыва Республикатын  «Оҕо саас сирдьиттэрэ”  ресурснай киин үлэһиттэрэ моойбутугар хадак былааты иилэн, этнотуристическай – үөрэх форума тосхолун  илиибитигэр туттаран үөрэ-көтө көрүстүлэр.  Саха сириттэн  үһүөбүт:  Ньургуйаана Макарова,  региональнай координатор,  Вера Павлова, сүрүн специалист уонна мин, Елена Винокурова, мунипальнай куратор. Тута сымнаҕас олбохтоох массыыналарга олордоот, Кызыл куорат аттынан устар Енисей өрүс кэрэ-бэлиэ миэстэтигэр турар Кундустуг сибэтиэй уу түһэр сирин көрдөрдүлэр.

Эбиэт кэннэ Кызыл куораттан  83  километрдаах истиэп сиригэр  турар Тандынскай оройуон Сосновка нэһилиэгин орто оскуолатыгар ыалдьыттаатыбыт. Тувинецтарга ыраахтан кэлбит ыалдьыттары үүттээх чэйинэн күндүлүүр үгэс баар эбит. Оскуола дириэктэрэ Оюн Аяна Чырандаевна кэллэктиип үлэтин-хамнаһын сиһилии билиһиннэрдэ. Бу оскуолаҕа «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Cаҥа ирдэбилинэн «Точка роста”,  ЦОС тэриллибит. Үөрэх тэрилтэтин иһигэр хас биирдии истиэнэ иитэр үлэҕэ  аналлаах ойуута, суруга — бичигэ киһи хараҕар тута быраҕыллар. Сүрүн болҕомто ыччаты патриотическай иитиигэ туһуламмыт. Сайын устата учаастакка оҕуруот аһын араас көрүҥүн олордоллор. Оҕо айар-тутар дьоҕурун  көҕүлүүр киин анал былаанынан таһаарыылаахтык үлэлии олорор. Экскурсия кэнниттэн нэһилиэктэн чугас сытар  кэрэ айылҕалаах Дургенскай каньон водопадын көрдөрдүлэр. Аара хайа тэллэҕэр айылҕа көстүүтүн пленэрдыы сылдьар лааҕыр оҕолору көрүстүбүт.

Модун Арассыыйа күнүгэр киэҥ-куоҥ тутуулаах Арата болуоссакка  норуокка биллибит артыыстар кыттыылаах улахан кэнсиэр көрдүбүт.  Тыва өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбу-йааччылара Айдын Чюдюк уонна Орлан Сарыглары кытта көрсөн кэпсэттибит.

Өрөбүл күнү туһанан элбэх кэрэ-бэлиэ  миэстэлэри көрдөрдүлэр. Ол курдук, Таас куоракка, «Тубтен шедруб линг»  буддийскай храмҥа, «Азия киинэ»  скульптурнай комплексыгар, Гогэ хайатыгар турар Будда статуятыгар сырыттыбыт. Хас биирдии   тутуу сүдү оҥоһуутунан  кэрэхсэттэ.  Буддизм итэҕэлэ бу ураты  кэрэ-бэлиэ миэстэлэр устуоруйаларын билсиһээт, дириҥ хайысхалаах итэҕэл буоларын өссө төгүл итэҕэйдибит. Экскурсия кэмигэр  Бурятияттан форумҥа кытта кэлбит биир идэлээхтэбитин кытта билистибит.

Енисей өрүс кытыытыгар тутуллубут «Азия киинэ»  скульптурнай комплексы тутуу 1964 сыллаахха саҕаламмыт уонна 2014 сыллаахха Тыва Арассыыйа састаабыгар холбоспута 100 сылыгар саҥаттан реконструкцияламмыт.  Обелиск ортотугар сир шарын үс хахай тутан турар,  тулатыгар  буддийскай гороскоп кыыллара оҥоһуллубуттар. Бу оҥоһуктан чугас киин болуоссакка  «Ыраахтааҕылыы булт»  пааматынньык таһыгар В.Халилов аатынан Тувинскайдааҕы государственнай филармония быйылгы сезонун сабар бырааһынньыктааҕы кэнсиэрэ өрө көтөҕүүлээхтик ыытылынна. Хас биирдии толорууга  көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһын бэлэх ууннулар. Норуот артыыстарга ис сүрэҕиттэн сүгүрүйэрин бэлиэтии көрдүбүт.

Үһүс күммүтүгэр  үөрэх форума үөрүүлээх аһыллыыта  Ийи-тал сэлиэнньэҕэ турар Аграрнай хайысхалаах оскуола-интернат дьиэтигэр буолла. Форум кыттыылаахтарын оскуола дириэктэрэ Евгений Болатоол, региональнай координатор Сергей Лопсан, Бурятия уонна Саха сирин делегацияларын салайааччылара Валентина Бардаханова, Ньургуйаана Макарова эҕэрдэлээтилэр.  Оскуола кэллэктиибэ намыын тыллаах ырыа,  имигэс хамсаныылаах үҥкүү бэлэхтээтэ. Бу оскуолаҕа «Өксөкү өрүөлчээннэрэ» федеральнай  тосхол чэрчитинэн алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах сайыҥҥы лааҕыр үлэлиир. Оҕо сайдарыгар бары усулуобуйа оҥоһуллубут.  Балык-Хаарар айылҕа кистэлэҥ сиригэр турар национальнай колориттаах «Алдын-булак» этнокультурнай комплексы сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Сарсыарда  Национальнай музейга «Кыһыл көмүс скиф» экспозициятын көрүүгэ сырыттыбыт. 2000 cыл саҕаланыытыгар археологтар икки кургантан  биһиги эрабыт V-VI үйэтинээҕи анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт дьон көмүллүүтүттэн  тоҕус тыһыынчаттан тахса кыһыл көмүс киэргэлин уонн сэби –сэбиргэли хостообуттар.  Уопсай ыйааһына  — 20  киилэлээх,  990 үрдүк пробалаах кыһыл көмүс. Учуонайдар сабаҕалааһыннарынан, бу кэргэннии ыраахтааҕы дьоно көмүллүбүттэр. Экспозицияны илэ харахпытынан көрөн-истэн  элбэҕи биллибит.

Талааннаах оҕолору сайыннарар «Сылдысчыгаш» киинигэр «Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Оҕо саас сирдьиттэрэ» бырайыак төрөппүттэри кытта бииргэ ситимнээх үлэтэ»  төгүрүк остуол үрдүк  таһымнаахтык барда. Көрсүһүүнү эҕэрдэ тылынан Тыва республикатын үөрэҕин министрын солбуйааччы Ольга Сенди арыйда. Кини регионнар уопуту тарҕатыыга бииргэ үлэлииллэрэ түмүктээх буоларыгар баҕарда.

Региональнай координатор  Сергей Михайлович үлэтин-хамнаһын маннык билиһиннэрдэ: «Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн сибээстээн,  үөрэх тэрилтэлэригэр Оҕо айар-тутар дьоҕурун  көҕүлүүр кииннэрин иһинэн төрөппүттэргэ аналлаах кииннэр тэриллиннилэр. Сүрүн сыалбыт үүнэр көлүөнэни иитиигэ, дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар үтүө үгэстэри туһанан бастыҥ төрөппүт үлэтин тарҕатыы буолар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрин көмөтүнэн, 140  уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар  1000 тыһыынчаттан тахса  төрөппүтү хаптыбыт. Төрөппүттэргэ аналлаах кииннэргэ анал тиэмэлээх лекторийдар, консультациялар, маастар –кылаастар, акциялар ыытыллаллар. Ону таһынан дьиэ кэргэн театрдара баар буоллулар.    Каникул кэмигэр дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр акция   киэҥ далааһыннаах  ыытыллар. Бу идеябытын олоххо киллэрбиппититтэн дуоһуйа үлэлиибит».

Салгыы төрөппүт Национальнай Ассоциациятын региональнай отделениетын эппиэттээх секретара Людмила Спирина, ресурснай киин эдэр специалистара Айдаш Херел, Сайзана Куулар төрөппүтү кытта бииргэ үлэлииргэ тус бэйэлэрин уопуттарыттан билиһиннэрдилэр.  Региональнай координатордар Валентина Бардаханова  Бурятияҕа уонна  Ньургуйаана Макарова Саха сиригэр «Оҕо саас сирдьиттэрэ» федеральнай бырайыак олоххо киириитин  билиһиннэрдилэр.

«Төрөппүт активын кытта бииргэ үлэлииргэ «Советник и Семь-я» диэн интерактивнай дневник оҥордубут. Бу дневник сэттэ тректэн турар. Ол курдук, дьиэ кэргэн быраабылата,  төрөппүттэргэ аналлаах тренинг, киинэ кулууба, дьиэ кэргэн  айар үлэтин фестиваля, дьиэ кэргэн уонна чөл олох, төрүччүнү үөрэтии. Бу бырайыагынан сыл устата үлэлиибит»,- диэн Валентина Бардаханова кэпсээтэ.

Салайааччыбыт  Ньургуйаана Владимировна бырайыак нормативнай-правовой  докумуоннарын, биир кэлим күннэри ыытарга региональнай компонент киириитин, методическай көмө ыытыллыытын, төрөппүтү кытта үлэни тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Быйыл тахсыбыт «В приоритете – воспитание»  диэн методическай хомуруунньугу биир идэлээхтэригэр бэлэх уунна. Хомуурунньукка Саха сирин дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрин бастыҥ уопутттара түмүллэн киирдэ.

Төгүрүк остуол кэнниттэн А.Б.Чыргал-оол аатынан Кызыллааҕы искусство коллеһын, государственнай лицей дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрин үлэлэрин-хамнастарын билистибит.  Бу үөрэх тэрилтэлэригэр  кадры иитиигэ сүрүн болҕомто ууруллар.

Бүтэһик күммүтүгэр эмтээх Дус-холь күөлгэ, «Туран» маралы иитэр хаһаайыстыбаҕа, «Эдегэй» үҥкүү уонна көстүүм театрын үбүлүөйдээх кэнсиэригэр  сырытыннардылар.

«Оҕо саас сирдьиттэрэ” федеральнай бырайыак үөрэх эйгэтигэр  иитэр үлэҕэ бары хайысханан биир тэтимнээхтик олоххо киириитэ билиҥҥи  сайдыылаах кэм  биир ситиһиитэ буоларын дакаастаата. Ханнык баҕарар хамаанда үлэтэ биир саналаах дьон үлэтин түмүгэ буолар.

Регионнар икки ардыларынааҕы  этнотуристическай – үөрэх форума сыалын-соругун ситтэ. Форум  кыттыылаахтарын хас биирдии күн  ымпыгар-чымпыгар дылы толкуйдаммыта астыннарда.

Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх, ураты ыалдьытымсах, тус үлэлэригэр эппиэтинэстээх, көнө, судургу майгылаах, истиҥ сыһыаннаах  тувинец доҕотторбутугар үтүө махтал тылларын эттибит. Эһиил Саха сиригэр көрсүһүүгэ ыҥырдыбыт. Көрсүөххэ диэри!

Лена Слепцова