Олунньу 9 күнүгэр – Бүтүн аан дойдуга стоматолог күнэ. Онтон кулун тутар 6 күнүгэр Норуоттар икки ардыларынааҕы тиис бырааһын күнэ бэлиэтэнэр. Арассыыйаҕа тиис бырааһын күнүн аҕыйах сылтан бэттэх эрэ бэлиэтииллэр.
Хаһыаппыт бу нүөмэригэр РФ Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Земскэй доктор” уонна “Земскэй фельдшер” федеральнай бырагырааманан Томпо оройуонугар кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьар икки эдэр ыалы билиһиннэриэхпит.
Елена Новогодина:
— Мин Абыйтан сылдьабын, кэргэним — Уус Алдантан. Оҕо сылдьан тииспин эмтэтэрбэр тоҕо тиис ыалдьарын, ону хайдах эмтииллэрин олус интэриэһиргиир этим. Онон оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан быраас буолуом диэн баҕа санаалааҕым. Эрдэттэн да эмчит буоларбын билэр этим. Төрөппүттэрим идэбин таларбар эмиэ олук уурбуттара.
Оскуола кэннэ ХИФУ мединститутун “Стоматология” салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Кэргэним Андрей медколледжка тиис бырааһыгар үөрэнэн баран, мединститукка киирбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан билсиһэн ыал буолбуппут. Икки оҕолоохпут. Улахан кыыспыт бастакы кылааска үөрэнэр, уолбут оҕо уһуйааныгар сылдьар. Сылын аайы үөрэх кыһаларын бүтэрэр ыччакка үлэ дьаарбаҥкатыгар сүрүннүүр быраастар кэлэннэр ханна үлэ миэстэтэ баарын кэпсииллэр. Биһиги кэргэмминиин икки үлэ миэстэтэ баар сирин көрдөөбүппүт. Булуҥ уонна Томпо оройуоннарыттан талан, Хаандыгаҕа кэлбиппит. Кэргэммин кытта «Земскэй доктор» бырагыраамаҕа хапсан, билигин үһүс сылбытын үлэлии сылдьабыт.
Билигин тиис алдьанарыттан сылтаан, пульпит уонна периодонтит буолан, дьон тиистэриттэн маталлара элбээтэ. Тиис алдьаныытыттан үөскээбит инфекция салгыы бүөргэ, быарга охсуон сөп. Экологияттан, иһэр ууттан тииспит туруга эмиэ тутулуктаах. Ону таһынан киһи бэйэтэ тииһин-уоһун илиитин таһынан көрүнэрэ эмиэ дьайар. Тиис туругар киһи силэ эмиэ улахан суолталаах. Өскөтүн сили оҥорон таһаарар былчархай үлэтэ кэһиллибит буоллаҕына, тиис лааҕа кэбириир. Стоматология салаата болҕомтоҕо ылар биир сүрүн кыһалҕатынан дьон тииһин сыыһа ыпсыыта буолар. Эдэр сылдьан тииһи ылларбыт буоллахха, тиис ыпсыыта уларыйар. Оччотугар аһы үчүгэйдик ыстаабаттан куртах ыарыыта үөскүүр. Уопсайынан, тиис киһи доруобуйатын туругар барытыгар дьайар.
Тиискитин сөпкө көрүнүҥ, стоматологка сылдьаргытын куттанымаҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Раиса Матвеева:
— Кэргэним Елена, Андрей Новогодиннары кытта бииргэ үөрэммитэ. Онон кинилэр сүбэлэринэн 2021 сыллаахха «Земскэй доктор» бырагырааманан Томпоҕо үлэлии кэлбиппит. Бэйэм Үөһээ Бүлүүттэн, кэргэним Артем Ньурбаттан төрүттээхпит. Мин оҕо эрдэхпиттэн быраас буолуохпун баҕарар этим. Бастакы идэм биолог буолар. Онтон кэлин медколледжка медсиэстэрэ идэтигэр үөрэммитим. Кэргэним Артем идэтинэн стоматологортопед быраас. Үөрэхпитин бүтэрэн баран, Артем 2021 сыллаахха диэри чааһынай клиникаларга үлэлээбитэ. Үлэтин таһынан ординатураҕа икки сыл үөрэммитэ. Икки оҕолоохпут. Уолаттарбыт Хаандыга оскуолатын иккис кылааһыгар үөрэнэллэр.
Артем Матвеев:
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, боксанан дьарыктанар этим. Оскуола кэннэ Чурапчытааҕы спортивнай институкка үөрэххэ киирбитим эрээри, үөрэнэ барбатаҕым. «Ханнык идэҕэ барыахпын сөбүй”, — диэн толкуйдаан баран, билиҥҥи кэмҥэ тиис бырааһа олус наадалаах диэммин, Дьокуускайдааҕы медколледжка зубной техник идэтигэр киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, мединститукка үрдэтиммитим. Билигин санатаахха, идэбин сөпкө талбыт эбиппин. Олус эппиэтинэстээх үлэ. Дьон ыарыытын чэпчэтэр, суох гынар олус уустук эрээри, дьону эмтииртэн, кыраһыабай гынартан, дьон махталын ылартан ордук үчүгэй суох. Тиискит бигэ туруктаах буоларын туһугар бу курдук кылгас сүбэлэри туһаныҥ:
— бастатан туран, тииһи суунар араас ньымалары сөпкө туттуохха;
— тиис суунар щетканы эргэрдэ дии санаатахха уларытан, сырыы аайы сымнаҕас, кытаанах щеткалары атастаһыннара сылдьан туттар ордук;
— тиис суунар паастаны биир көрүҥүнэн буолбакка, икки-үс нэдиэлэ буола-буола уларытыҥ;
— сылга иккитэ стоматологияҕа кэлэн көрдөрөр булгуччулаах;
— ууну оргутан эбэтэр фильтрдаан баран иһэр ордук;
— оҕолору кыра эрдэхтэриттэн, тиистэрэ таҕыста да, паастата да суох, хайаан да сууннара үөрэтиҥ.
Бу күннэргэ Владимир Путин “Земскэй доктор” уонна “Земскэй фельдшер” федеральнай бырагыраамаҕа кыттар дьоҥҥо подьемнайдарын — быраастарга 2 мөлүйүөҥҥэ, фельдшердэргэ 1 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарарга этии киллэрдэ. Маннык быһаарыы ыраах улуустарга араас специалистар кэлэллэригэр улахан өйөбүл буолуоҕа диэн эрэнэбит.