Төрүччүнү үөрэтии оҕо саастан

Муус устар 26 күнүгэр  Мэҥэ Алдан түмэлин үлэһиттэрин көҕүлээһининэн учуутал, кыраайы үөрэтээччи  Дарбасов П.Р. 90 сылыгар аналлаах  «Мин төрүччүм» диэн оскуола оҕолоругар күрэх буолан ааста. Үөрэнээччилэр икки бөлөҕүнэн күрэхтэстилэр. Бастакы бөлөххө иккис кылаастан бэһис кылаастар (8 оҕо), иккис бөлөххө алтыс кылаастан үөһээ кылаас оҕолоро (3 үөрэнээччи) төрүччүлэрин туһунан кэпсээтилэ р.

Оҕолор үлэлэрин Колодезникова О.А., олохтоох администрация баһылыгын солбуйааччы, Чирикова М.В., нэһилиэк библиотекатын үлэһитэ уонна  Колодезникова А.С., Неймохова Т.П. бэтэрээн учууталлар сыаналаатылар.

Тэрээһин музей директора Диана Кривошапкина таҥан оҥорбут Пантелеймон Романович олоҕун, үлэтин, сөбүлүүр дьарыктарын туһунан документальнай киинэттэн саҕаланна. Ол кэнниттэн Матрена Комиссарова дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрдэ, күрэх балаһыанньатын чопчулаата, күрэхтэһээччилэргэ ситиһиини баҕарда.

Бастакы бөлөх оҕолоро бэйэлэрин төрүччүлэрин үөрэтэн баран, кинилэр аймахха киэн туттар   киһилэрин туһунан кэпсээтилэр. Иккис бөлөх төрүччүлэрин киэҥник арыйа сатаатылар.

Ол курдук  бастакы бөлөххө барыта 8 дакылааты иһиттибит. Оҕолор бэйэлэрин аймахтарын балай да үөрэппиттэрэ, эһэлэрин, эбэлэрин, аймахтарын саҥаттан арыйбыттара, кинилэринэн чахчы киэн туттубуттара көстөр.
Бу бөлөххө 1 миэстэни  Винокуров Дамир,  5 кылаас,  «Хос-хос эбэм Мария Прокопьевна Тарасова (Булдакова)» (сал.Винокурова С.А.),
2 миэстэни  Васильева Вика , 2 кылаас  «Ытык Ийэ — Алампыайа»  (сал. Захарова Т. П.), 3 миэстэни  — Комиссаров Спартак, 5кыл. «Удьуор булчуттар»  (сал. Комиссарова М.Г.) ыллылар. 

Түмэл 4 кылаас үөрэнээччилэригэр Мичийэ Кирилловаҕа «Кыайыыны уһансыбыт биһиги хорсун  буойуттарбыт»  (сал. Громова Д.М.) уонна Вова Ефремовка «Мужчины рода Неймоховых» (сал. Ефремова А.П) биһирэбил ааты туттарда.

Иккис бөлөххө 1миэстэ — Егоров Альберт,  9 кылаас,  «Колодезников Ефим Данилович (Оботтоох) төрүччүтэ» (сал. Ордахова Т.Е.), 2 миэстэ — Комиссарова Софья,  6 кылаас,  «Родословная моей семьи» (сал. Борисова Е.И.), 3 миэстэ — Кириллова Күннэй,  «Хос-хос эһэм Лыглаев Иван Иосифович» 10 кылаас (сал. Кириллова И.К.) буоллулар. 


Маны таһынан бэйэлэрин киэн туттар аймахтарын туһунан Сыромятников Айхал, 5 кылаас  «Кыайыыны уһансыбыт ини-бии Дьөгүөрэптэр», Аммосов Айсен, 5 кылаас  «Эһэм Аммосов В. В. бойобуой суола», Мохначевскай Вася, 5 кылаас «Аҕа дойду иккис сэриитэ мин дьиэ кэргэним историятыгар» билиһиннэрдилэр. Салайааччылара Сыромятникова С.П.


Дьэ, ити курдук бииртэн биир интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары истэн үөрдүбүт. Бу маннык оҕо кыра сааһыттан хантан хааннаах, кимтэн кииннээх удьуор уустан төрүттээҕин билэр, өбүгэлэрин ытыктыыр оҕоттон дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах  киһи киһитэ үүнэн тахсыа диэн эрэниллэр.


Төрүттээх киһи-төрэҕэ түҥнэстибэт,

Төрүттээх дьон-оҥоһуута бөҕө,

Төрүттээх омук-кэскилэ киэҥ, — диэн туран күрэххэ кыттыбыт оҕолорбутугар, күрэҕи дьүүллээбит сүбэҕэ махтал тылбытын этэн туран төрүччүгүтүн үөрэтиҥ, билиҥ диибит уонна силистээх мас буолан силигилээн, ситиһиилээх, дьоллоох-соргулаах буолуҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

 

Антонина Ефремова.