От ыйын 31 күнүгэр Бүтүн аан дойдуга Таптыыр кинигэни ахтыһар күнэ бэлиэтэнэр.
Биһиги ааҕааччыларбытыттан маннык ыйытыыларга эппиэттииллэригэр көрдөстүбүт.
1. Оҕо сылдьан саамай сөбүлээн аахпыт кинигэҥ аата, ааптара?
2. Билиҥҥи кэмҥэ ханнык айымньылары ордук сөбүлээн ааҕаҕыный?
3. Таптыыр кинигэни ахтыһар күҥҥэ ханнык кинигэни ааҕааччыларга сүбэлиэн этэй?
Марина Филиппова, Хаандыга:
— Оҕо сылдьан үгүс кинигэни сөбүлээн ааҕар этим, ордук өйдөөн хаалбыт кинигэм — «Четвертая высота», автора Елена Ильина уонна «Төлкө», «Сүрэх тэбэрин тухары», «Хара кыталык» саха биллиилээх суруйааччыларын кинигэлэрин аахпыппын билигин да умнубаппын.
Билигин психология, фэн-шуй, мотивация туһунан кинигэлэри ааҕарбын сөбүлүүбүн. Сайын даачабар тиийдэхпинэ омук классик суруйааччыларын романнарын урут сурутан ылан, мунньубутум, олортон ааҕабын, бириэмэ буллахпына.
Таптыыр кинигэни ахтар күҥҥэ Джим Дорнан «Пианино на берегу» диэн кинигэтин булан ааҕарга сүбэлиэм этэ, олоххо уустук, ыарахан түгэннэргэ киһиэхэ элбэх сүбэни биэрэр, сырдыкка тардыһарга, олоххо сыалгын ситиһэргэ, дьулуурга, тулуурга, тулалыыр эйгэҕэ, дьону кытта сыһыаны тупсарарга, инникигэ уонна тус бэйэҕэр эрэллээх буоларга олус туһалаах кинигэ дии саныыбын.
Светлана Винокурова, Мэҥэ Алдан:
— Саамай сөбүлээн өйбөр хаалбыт кинигэлэрим — Марк Твен «Приключения Тома Сойера», «Приключения Гекльберри Финна».
Билигин историческай айымньылары ааҕабын. Соторутааҕыта Томас Манн «Иосиф и его братья» ааҕан бүтэрбитим. Ааҕа сылдьан Н. Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романыгар баар «Илдэгис туһунан номоҕу» элбэхтэ санаатым. Бэҕэһээ кыраайы үөрэтээччи Павел Пермяков-Тэлэкэ «Борогонские якуты» ааҕан бүтэрдим. Бороҕоннор төрүттэринэн киэн тутталларыгар сөптөөх үлэ буолбут. Былырыын сайын «Сокровенное сказание монголов» Монголияттан атыылаһан аҕалбыппын кыһын аахпытым. Бары хайдах эрэ ситимнээх курдук кинигэлэр.
Кинигэ наһаа элбэх. Киһи сөбүлүүрэ араас буоллаҕа. Арыый эдэр сылдьан фантастиканы, детективы наһаа ааҕар этим. Стивен Кингы 30-ча саастаахпар аахпытым. Биир кэмҥэ, уонча сыл анараа өттүгэр, Дэн Браунынан үлүһүйэ сылдьыбытым. О’Генри новеллалара эмиэ да күлүүлээхтэр, эмиэ да киһини уйадыталлар. Чехов кэпсээннэриттэн киһи салгыбат. Донцова кинигэлэрин, дьахтар арамааннарын төбөнү сынньата таарыйа ааҕарга бэрт. Онон ким тугу сөбүлүүрүнэн. Сахалартан Ойуунускайы ордоробун. Улуу Кудаҥсаны оҕо сылдьан сөҕө аахпытым. Булгаков «Мастер и Маргаритата» — шедевр. Мин сөбүлүүрүм элбэх. Дьон эмиэ оннук буолуо. Интэриэстэринэн ааҕан саҕалыахтарын син.
Сырдык Айалхаана Баай, Кэскил:
— Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Саха фольклора» хомуурунньугун оҕо сылдьан олус сөбүлээн,тартаран туран ааҕарым,өйбөр ойуулаан көрөрүм. Ол миэхэ олус күүстээх суолу толкуйдуурбар,олоҕу анаарарбар хаалларбыт, саха уус-уран тылын сүмэтин өйдүүрбэр төһүү күүс буолбут эбит диэн сыаналыыбын.
Биллэн турар,тыл үөрэхтээҕэ буоларым быһыытынан, нуучча,саха уонна омук классик суруйааччыларын өрө тутабын. Ол эрээри, билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньылары быыс-арыт булан ааҕабын. Кэнники аахпыттарбыттан Леонид Юзефович «Зимняя дорога», Энтони Дорр «Весь невидимый нам свет» кинигэлэрин уонна Г.Г. Андросов таһаарбыт «21 үйэ сүүрбэ биир эдэр суруйааччыта» эдэр ааптардар саҥа хомуурунньуктарын ааттыахпын сөп.
Кинигэ диэн,чахчы, киһи-аймах бараммат баайа. Кинигэни ааҕыы, таптааһын оҕо эрдэхтэн саҕаланар. Онон чопчу кинилэргэ туһаайан этиэхпин сөп: нуучча, саха, омук норуоттарын остуоруйаларыттан саҕалаан аах, толкуйдаа, уруһуйдаа, бэйэҥ майгынныыр остуоруйата ай. Ол кэлин талан ылан ааҕар суруйааччыларыҥ кинигэлэрин өйдүүргэр улахан көмө буолуо.
Кинигэ биһиги чугас доҕорбут,сүбэһиппит, көһөҥө көмүстээҕэр күндү кылааппыт буоларын умнумаҥ!
Римма Захарова, Хаандыга:
— Оҕо саас саамай элбэҕи билэ сатыыр, барыны-бары интэриэһиргиир саас. Төрөөбүт бөһүөлэкпэр библиотека кинигэтин уларсарга уочарат буолара. Кыра эрдэхпитинэ ийэбит саха, нуучча, омук остуоруйаларын ааҕара. Бэйэм «Мэник Мэнигийээни» ааҕан бараммын наһаа соһуйбутум, олус да оттомо суох быһыылардаах, толкуйа, суох Мэнигийээн эбит диэн. Маннык остуоруйа оҕолорго анаммыт диэн бэркиһээбитим. Элбэҕи ааҕарбыт, бииргэ үөрэнэр оҕолорбутунаан ырытарбыт. Владислав Крапивин «Мальчик со шпагой», Сат-Ок «Земля Соленых скал», В. Гюго «Козетта», Е. Ильина «Четвертая высота», «Дети-герои», «Тим Талер, или Проданный смех» — оччолорго кинигэ ааптарыгар болҕомто улаханнык уурбат эбиппит. Николай Носов «Незнайка на Луне» кыракый дьоннор тустарынан суруллубут кинигэтэ фантастика эйгэтигэр билсиспит бастакы кинигэм.
Саха сирин историятын, суруйааччыларын айымньыларын ааҕарбын ордоробун. Оҕо саастан истэн, ааҕан кэлбит төрүт тылбыт баайын, сүмэтин иҥэрдибит саха суруйааччыларын айымньыларын сөбүлүүбүн, кинилэргэ махтанабын, киэн туттабын.
Сүрэх таптыырынан, өй ылынарынан ааҕыҥ. Дьыл кэмиттэн, дууһа аһыылларыттан: хоһоон, ырыа тыллара, оҕолорго — остуоруйалары ааҕыҥ, айыҥ. Саха литературатын классиктарын айымньылара, кэлиҥҥи кэм саҥа суруйааччыларын кэпсээннэрэ.
Кэлэр сыл норуот суруйааччыта Егор Петрович Неймохов төрөөбүтэ 75 сылын бэлиэтиэхпит. Онон ааҕааччыларга кини айымньыларын ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
Саргылана Сыромятникова, Мэҥэ Алдан:
— Урукку суруйааччылар айымньыларын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан түүннэри ааҕарбыт. Дьонум «бу оҕо эмиэ утуйбакка сытар, хараҕын буорту гынаары» дииллэрин өйдүүбүн. Мөҕүллэр буолан үксүн суорҕан иһигэр фонаригынан ааҕарбын өйдүүбүн. Холобур, Далан «Дьикти сааһын» бу кинигэ хаһан да бүппэтэ эбитэ буоллар» диэн саныы-саныы ааҕар этим. Билиҥҥи кэмҥэ Семён Маисов «Ийэм кэпсиир» диэн айымньытын наһаа сөбүлээн аахпытым. Ис хоһоонунан да, тылынан-өһүнэн да олус табыллыбыт айымньы. Ааптар ийэтин оҕо сааһа хайдах курдук кыһалҕалаахтык, ону тэҥэ дьоллоохтук ааспытын туһунан тоҕус аҥаар сылы быһа тиһэн суруйбутун туһунан кэпсэнэр. Бу айымньы иитэр-үөрэтэр суолтата улахан.
Онон, күндү ааҕааччылар, «Ийэм кэпсиир» арамааны кытта билсэргитигэр сүбэлиибин. Уонна, биллэн турар, Николай Якутскай «Төлкө», Далан «Дьикти саас», Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» кинигэлэрин саха киһитэ ааҕыахтаах диэн саныыбын.
Татьяна Захаров, Мэҥэ Алдан:
— Оҕо сылдьан ийэлээх аҕам өрүүтүн кинигэ, хаһыат ааҕалларын көрө улааппытым. Дьиэбитигэр бибилэтиэкэлээх этибит. Олус да элбэх кинигэ баара, үксүн сахалыы кэпсээннэр, айымньылар этэ. Алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан Николай Якутскай «Төлкө» романын умсугуйан туран аахпытым. Онтон 11 кылааска сылдьан иккистээн аахпыттаахпын. Арыый улаатан олох атыннык ылынан, эппэр-сүрэхпэр иҥэрэн аахпытым.
Мин билигин да сахалыы кэпсээннэри, сэһэннэри ааҕарбын туохтааҕар да ордоробун. Кэнники сылларга хоһоон ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ордук Наталья Михалева-Сайа хоһооннорун.
Далан, Николай Якутскай саамай сөбүлээн ааҕар суруйааччыларым. Онон кинилэр айымньыларын ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
Фекла Еремеева, Үөгэн:
— Оҕо сылдьан Иван Гоголев «Хара кыталыгын» сөбүлээн аахпытым.
Дьиҥнээх олоххо олоро сылдьыбыт аатырбыт дьон олохторун туһунан кинигэлэри ааҕарбын сөбүлүүбүн.
Билиҥҥи эдэр ыччакка саха классик суруйааччыларын кинигэлэрин «Төлкөнү», “Сүрэх тэбэрин тухары» , Сааскы кэм» романнары ааҕыҥ диэн сүбэлиибин.
Виталий Слепцов, Арыы-Толоон:
— Оҕо сылдьан элбэх кинигэни аахпатаҕым, кэлин студенныы сылдьан уонна студенческай олох эрэ кэннэ син ааҕар буолбутум. Ону даҕаны барыта омук кинигэлэрин нууччалыыга тылбаастаммыттары эрэ. Саха суруйааччыларын кинигэлэриттэн биири да ситэ аахпатаҕым. Оҕо сылдьан саамай сөбүлээн аахпыт кинигэм — «Гарри Поттер» чаастара, Джоан Роулинг.
Билиҥҥи кэмҥэ детективнай жанрдаах айымньылары сөбүлүүр буоламмын бүтэһик аахпыт кинигэм — Йоэль Диккер «Правда о деле Гарри Квеберта».
Сөбүлээн аахпыт кинигэлэрбиттэн биирдэстэрин Джон Стейнбек «О мышах и людях» ааҕарга сүбэлиэм этэ.
Лена Слепцова