Суруналыыстар айымньылаах көрсүһүүлэрэ

Улуу суруйааччылар, олоҥхоһуттар, бөлүһүөктэр, тимири ыллатар уустар, улахан ойууннар уутуйан үөскээбит кырдьаҕас сирдэрэ киһини тардар ураты эйгэлээҕин, дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын бу улууска пресс-турга сылдьан бэлиэтии көрдүбүт.

Ол курдук кулун тутар 21-22 күннэригэр «Таатта» хаһыат төрүттэммитэ 85 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, биир идэлээхтэрэ ыҥырыллан, «Томпо илдьитэ» хаһыаттан кылаабынай редактор Гуннара Байгильдина уонна мин ытык-мааны талба Таатта сиригэр бэртээхэй бырагыраамалаах тэрээһиҥҥэ сылдьан, астына-дуоһуйа  сынньанан кэллибит.

Хаандыгаттан сарсыарда эрдэ айаннаан, Таатта-Чурапчы кыраныыссатыгар сарсыарда тоҕус чааска тиийдибит. Тыараһа нэһилиэгин олохтоохторо ыалдьыттары үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Алгысчыт Сергей Кладкин алгыс тылынан арыаллаан, аал уоту арыылаах алаадьынан, кымыһынан күндүлээн киэҥ далааһыннаах тэрээһиммит саҕаланна.

СӨ норуотун  маастара Изабелла Элякова Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын таҥастарын үтүгүннэрэн тикпит коллекциятын  кэппит аттаах дьон көрүстүлэр, суолбутун арыаллаатылар. Суруналыыстар идэлэринэн бу кэрэ түгэннэри хаартыскаҕа түһэрдилэр, видеоҕа уһуллулар.

Айаммыт бастакы тохтобула — А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт сиригэр,  Кыйы нэһилиэгэр, улуу киһибитигэр анаан туруорбут пааматынньык скверигэр сибэкки дьөрбөтүн  ууруу буолла. Дьэ, бу кэннэ, Чөркөөх нэһилиэгин аар-саарга аатырдырбыт Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон туруорсуутунан аһаҕас халлаан анныгар, Таатта үрэх биир саамай кыраһыабай биэрэгэр 1977 сыллаахха тэриллибит Политсыылынайдар музейдарыгар сырыттыбыт. Чөркөөх биһигини таҥара дьиэтин куолакалын лыҥкынас тыаһынан көрүстэ. Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай комплекс дириэктэрэ Михаил Протодьяконов, сотрудниктара Изабелла Жерготова, Светлана Халгаева улуус историятын, чулуу дьонун туһунан сырдаттылар.

Талааннаах норуот маастара Изабелла Элякова Өймөкөөн сылгыһыт далбар хотуна Сардаана Громоваҕа анаан тигэн эрэр таҥаһын көрдөрдө. Сахалар улуу дьоммут олорон ааспыт XIX үйэтээҕи уонна таҥара дьиэлэригэр, политсыылынай Всеволод Ионов 1893 с. аспыт оскуолатыгар Өксөкүлээх «Сайын кэлиитэ» поэматынан туруорбут тифло-испэктээгин харах баайыылаах туран иһиттибит, ураты иэйии хас биирдиибитин кууста.

Биир дойдулаахпыт, бар дьон дьокутаата Виктор Лебедев Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар былырыын туттарбыт тимир муостатыгар суруналыыстар өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт. Маны сэргэ норуот дьокутаата Прокопий Рахлеев көҕүлээһининэн туттарбыт сынньанар сиригэр сырыттыбыт.

Мантан салгыы Саха советскай литературатын төрүттээччи, уопсастабыннай деятель П.А. Ойуунускай төрөөбүт, оҕо сааһа ааспыт балаҕаныгар тиийэммит алаадьылаах кымыс амсайдыбыт. Кини 14 сааһыгар Маппыайабыс учууталга үөрэммит оскуолатын көрдүбүт. Ыалдьыттарга Чөркөөх норуодунай тыйаатырын артыыстара туруорбут нүөмэрдэрин бэркэ дуоһуйа, астына көрдүбүт, уйадыйан да ыллыбыт.

Салгыы айаннаан Хадаайы литературнай-художественнай түмэлигэр тиийдибит. Манна И.В. Попов худуоһунньук дьиэтигэр Хадаайы түмэлин дириэктэрэ Владимир Таппыров көрсөн историческай сирдэрин көрдөрдө. Суолбут бүтэһик уһуга — Ытык Күөлгэ тиийии.

Онно тото аһаан, сынньанан баран, А.И. Софронов-Алампа «Тыл сытыйбат, сыттаммат, сурук сууйуллубат, суодайбат» диэн этиитинэн тосхолломмут семинарга олохтоох хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ Галина Им, Маргарита Егорова, Ольга Макарова, ону таһынан идэтийбит суруналыыс Анисия Иевлева маастар-кылаас ыыттылар. Манна эссе, ыстатыйа арааһын, хайдах сөпкө суруйуохха сөбүн, о.д.а. элбэҕи кэпсээтилэр. Семинар олус сэргэхтик уонна  интэриэһинэйдик ааста. Элбэҕи биллибит, үөрэннибит.

Сарсыҥҥы күнүгэр улуус баһылыгын Айаал Бурцевы кытта өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара кыттыылаах пресс-конференция буолла. Манна анал байыаннай дьайыыга барбыт байыастарга көмө, ыччакка саха тылын сөргүтүүгэ, эһиил Тааттаҕа ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларын хайдах быһыылаахтык сырдатары, түөлбэлэр үлэлэрин сайыннарыыга, о.д.а. ыйытыылар, этиилэр киирдилэр. Түмүккэ, Таатта улууһа «Сахабэчээт» судаарыстыбаннай автономнай  тэрилтэни кытта бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэристэ.

Салгыы улуус кииниттэн 60 килэмиэтир арҕаа сытар барҕа быйаҥнаах Баайаҕа сиригэр-уотугар тумус туттар киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уустуун көрүстүбүт.  Биһиэхэ олус интэриэһинэй кэпсээннээх, этэргэ дылы, хас биирдии үлэhиккэ сахалыы тыыны киллэрэн, иҥэрэн салгыы үлэлииргэ кынаттаата. Аныгы оҕолорбут билигин хойутуу тылланалларын бэлиэтээн туран, ойуу нөҥүө кырачааннарга остуоруйалаах кинигэ таһаарарга үлэлэһэ сылдьарын кэпсээтэ, уруһуйдара бэйэтин олоҕуттан буоларын эттэ. Бу кэнниттэн «Мандар Уус» этнологическай түмэли киирэн сөҕө-махтайа көрдүбүт-иһиттибит.

Ити курдук, биһигини икки күнү быһа үбүлүөйдээх «Таатта» хаһыатын кылаабынай редактора Анна Константиновна Посельская кэлэктиибин кытта үөрэ-көтө көрсөн, арыаллаан, бэлиэ сирдэринэн, түмэллэринэн Баайаҕа сэлиэнньэтигэр  сырытыннарда.

Биһиги кинилэргэ истиҥ махталбытын тиэрдэн туран, сыралаах үлэҕит өссө да ситиһиилээх буоллун, сайда-чэчирии туруҥ диэн баҕа санаабытын этэбит. «Киһиэхэ айар үлэттэн, эйэлээх олохтон ордук дьол суох», — диэн норуот суруйааччыта Суорун Омоллоон эппитэ бу күннэргэ ордук суолталанна.

Мария Захарова.