Сопхуос туругурарын туһугар

1956 сыллаахха аҕабыт Василий Васильевич Аммосов Дабаччымаҕа холхуоска биригэдьиирдии сырыттаҕына “Саҥа олоххо” кыыл иитэр ферма үлэтэ мөлтөөбүтүнэн кинини сэбиэдиссэйинэн, ийэбитин кыылы иитээччинэн анаан көһөрөн аҕалаллар. Оччотооҕу кэмҥэ партия эттэ да утары барбаккын, онон үлэҕэ-хамнаска ылсыбытынан бараллар. Ити кэмтэн кырымахтаах хара саһылы иитиигэ улахан үлэ ыытыллыбыта.

Урукку звероферма сонос соҕус туруору тиит мастарынан эргитиллэн саһыл килиэккэтин алдьатан таҕыстаҕына тыаҕа куоппатын диэн ыксары күрүөлээҕэ. Саһыл хаайыллан турар килиэккэлэрдээх этэ. Кэлин эргэрэн биир кэм элбэхтик абырахтанар уонна турар сирэ табыгаһа суоҕун иһин аҕабыт элбэхтэ туруорсан 1971 сыллаахха саҥа звероферма тутулларын ситиспитэ. Саҥа звероферма стандартка эппиэттиир элбэх саһыл иитиллиэн сөптөөх шедтардаах этэ. Күһүн төрөөн элбээтэхтэринэ тыһыынчанан буолаллара. Биэс зверовод икки сүүстэн тахсалыы саһылы көрөллөрө, аһаталлара.

Саҥа дьылтан саһыллары саптарыы саҕаланар этэ. Хас биирдии зверовод тэтэрээттээх сылдьан ийэ саһыл ханнык нүөмэрдээх атыырга хаһан сабыллыбытын бэлиэтэнэн иһэрэ. Ити уруурҕаһыы таһыстаҕына саһыл түүтүн өҥө мөлтүүр уонна тириитэ стандартка эппиэттээбэт буолар диэн эбэһээт тутуһуллар үлэ этэ. Сааһыары төрүөх саҕаланар, онно төрүүр уйаны оҥоруу, кэтээһин, көрүү-истии барыта элбэх сыраны, сатабылы эрэйэрэ. Хас сыл аайы төрүөҕү ылыыга былаан үөһээттэн түһэрэ, онон хас биирдии зверовод былаанын толорорго кыһаллара.

Аҕабыт итиччэ элбэх саһыл аһылыгын кэпсэтэн буларга үгүс сыратын биэрэрэ. Соп­хуос ол кэмҥэ элбэх сүөһүлээх, сылгылаах буолан күһүн идэһэ өллөҕүнэ сүөһү иһин, төбөтүн, хаанын буочукаҕа тоҥорон саһыллары аһатарга тиэйиллэн кэлэн сүөкэнэрэ. Томпоттон таба төбөтө кэлэрэ. Кормокухня үлэһитэ барытын эттээн костодробилкаҕа түһэрэн бытарытан саһыл аһыырыгар сөптөөх гына оҥороро. Оһоххо күн аайы хааһы буһарыллара, ону таһынан күөх оту мясорубкалыыллара, балык сыата уо. д. а. битэмииннэр норманан көрүллэн бэриллэллэрэ.

Күһүн саһыл өлөрүүтүгэр сопхуос булчуттара кэлэн саһыл тириитин сүлэн, ыраастаан судаарыстыбаҕа туттарарга бэлэмнииллэрэ. Охотовед Степанов Василий Васильевич тирии стандартка эппиэттиирин хонтуруоллуура. Сайыары күһүн бонитировка ыытыллара, хас биирдии саһылы куйуурунан клеткатын иһиттэн тутан аҕалан ыйааһынын ыйаан уһуннарын кээмэйдээн түүтүн өҥүн хаачыстыбатын көрөн суруйан иһэллэрэ.

Ол курдук биир да күн өрөбүлэ суох ол кэмнээҕи ирдэбили түһэн биэрбэккэ сүүрбэччэ сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн республиканскай куота-лаһыыга кыайыылаах тахсан элбэх республика, оройуон грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыттара. Кинилэр үлэлиир ньымаларын, уопуттарын үллэстээри Мэҥэ Алдаҥҥа кыылы иитээччилэр республикатааҕы семинардара ыытыллар этилэр.

Ийэлээх аҕабыт дьиҥ чахчы бэриниилээхтик, туох баар өйдөрүн санааларын, күүстэрин-күдэхтэрин ууран туран Ф.М. Охлопков аатынан сопхуос туругурарын туһугар үлэлээбиттэрэ.

Үлэ-хамнас ортотугар сылдьан ыспыт сиэмэлэрэ сириэ­дийэн уон оҕолоох дьиэ кэргэнтэн араас идэлээх оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр, хос хос сиэн кинилэр олохторун салгыыллар. Учууталлар, инженердэр, экономистар, быраастар, юрист, “АЛРОСА” кылаабынай аналитига, программистар, политолог Мииринэйгэ, Москваҕа, Италия Рим куоратыгар тиийэ айа-тута, үлэлии сылдьаллар.

Галина Никифорова,

кыыстара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэ ветерана