Санкт-Петербург киһи хал буолбат куората дии саныыбын. Дьиҥинэн, оннук өр, киһи хал буолуор диэри, онно сылдьыбатаҕым даҕаны буоллар, ураты тыыннаах, киһини угуйар аптаах куорат диэн өйдөбүл миэхэ тоҕус сыл анараа өттүгэр бастакы сырыыбар үөскээбитэ.
Быйыл биэс оскуола оҕото, биэс улахан киһи бөлөх тэринэн биир нэдиэлэ устата аатырбыт улуу куоракка күүлэйдээн, көрөн-истэн кэллибит. Соругум: урут сөбүлээбит сирдэрбин оҕолорго көрдөрүү уонна эбии саҥаны билии.
Туур бырагыраамматын, кэлэ-бара айан билиэттэрин, түһэр сирбитин Вива-Тур компания оҥорон, булан биэрбитэ. ДФО чэпчэтиилээх билиэттэрэ, хата, көстүбүттэрэ.
Сэттэ күн чыпчылҕан курдук ааста. Тиргиччи айан, хаамыы, ханна эрэ сылдьыы, астыныы, дуоһуйуу… Бырагыраама Россия историятын, культуратын, техника сайдыытын көрдөрөр хабааннаах оҥоһуллубут. Үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьыбыт киһи дии санаабыппыт да, кыһыҥҥы каникулга ол кыаллыбат диэтилэр. Оннук соруктаах күһүҥҥү эбэтэр сааскы каникулга тиийэллэр эбит.
Онон сүрүннээн куорат кэрэ-бэлиэ сирдэрин, түмэллэрин кэрийдибит. Сэттэ музейы көрбүппүтүттэн кэлин бэйэм сөхтүм. Түөрт собуор иһигэр киирэ сырыттыбыт. Цирк, киинэ, опера… Бэлэмэ суох дьоҥҥо, оҕолорго, күүстээх информационнай атаака кэриэтэ буоллаҕа. Сүрэхтэрин астарыахтарыгар диэри. Хата, туох да кыҥкыйа суох, сарсыарда сөпкө туран, ыйыллыбыт бириэмэҕэ хойутааһына суох көрсөн, сирбэккэ-талбакка аһаан, утуйан, этэҥҥэ сылдьан кэллибит. Оҕолор маладьыастар!
Саас-сааһынан сэттэ күн тугу көрбүппүтүн суруйуом.
Тохсунньу 5 күнэ. Хараҥа уонна тымныы…
Киэһэлик көтөн тиийдибит. Гидпыт көрүстэ. Автобуһунан куоракка айаннаатыбыт. Кафеҕа киирэн бэлэм тардыллыбыт остуолга аһаатыбыт. Кылгас обзорнай экскурсия буолла. Исаакиевскай болуоссакка саҥа дьыллааҕы уот-күөс, иллюминация. Невскэй проспект эмиэ киэргэнии бөҕөтө. Оттон хостелга тиийэн олохпутун буллубут. Куорат тымныыта сөхтөрдө. Тыал олох көҥдөй үрэр.
Тохсунньу 6 күнэ. Невскэй проспегынан…
Көҥүл күн. Ороһуоспа чэчиэринньигэ. Сытыахпыт дуо? Туран, хомунан аһыы бардыбыт. Уруккуттан билэр 1№-дээх остолобуойбар тиийэн бары аһаатыбыт. 200 солк иһигэр тотоҕун. Оттон Невскэй проспект устунан бардыбыт. Тымныы тыалтан харыстанан, бэргэһэ, капюшон барыта хос-хос кэтилиннэ, былаатынан, палантинынан ыбылыы бааныы буолла. Былаан: Казанскай собуор, храм Спас-на-Крови уонна Кунсткамера.
“Аттан сууллубут уол” Клодт скульптурнай пааматынньыгын аттыгар хаартыскаҕа түстүбүт. Ити миэхэ эбэһээтэлинэй церемония. Таас глобустаах былыргы «Зингер» хампаанньатын дьиэтин фонугар эмиэ хаартыскаҕа түстүбүт. Обществознание учуобунньугун таһыгар баарын иһин сэҥээрэбин.
Казанскай собуорга сулууспа буола турар. Церковнай ырыаны ыллыыллар. Урукку өттүгэр телевизорга эрэ көрөр-истэр эйгэбит. Киһи толору. Дьон быыһынан сылдьан Кутузов көмүллэ сытар сирин, нуучча сэриилэрэ ылбыт кириэппэстэрин, куораттарын күлүүстэрэ ыйанан туралларын көрдүбүт.
Тахсан Спас-на-Крови диэки бардыбыт. Наһаа кэрэ көстүүлээх храм. Москватааҕы Василий Блаженнай собуоругар маарынныыр. Дьиҥ аата Храм Воскресения Христова на Крови. 1881 с. кулун тутар 1 күнүгэр Александр II императоры өлөрдүү бааһырдыбыт сирдэригэр тутуллубут. Экскурсоводтаах сылдьан храм тутуллубут историятын иһиттибит. Ис оҥоһуутун кэрэхсээтибит. Ыраахтааҕы хаана тохтубут сирэ күрүөлэнэн, дьон ыраахтан көрөрүн курдук оҥоһуллан турар.
Оттон чугас аһаан баран, Кунсткамераҕа барыахха диэн буолла. Официальнай аата Музей антропологии и этнографии им. Петра Великого. Россия бастакы музейа, 1714 с. аһыллыбыт. Оҕолору сылдьарга үөрэтиэххэ диэн санааттан, Кунсткамераҕа соҕотох уолбут Айтал тиэрдэр, оттон төттөрү хостелбытыгар Дайаана илдьэр диэн буолла. Түмэлгэ тиийбиппит — таһыттан уочарат бөҕөтө. Аны тымныыта сүр. Ону ол диэбэккэ туран, сорохпут быыһыгар кофелаан, син биһиги да ааҥҥа кэлэн, киирдибит.
Дьон тобус-толору. Урут иккитэ сылдьыбыт музейым. Манна дьон саамай сэргиирэ Петр I саҕаттан мунньуллубут анатомическай аномалиялар саалалара. Уруккуга тэҥнээтэххэ, экспонаттар турар сирдэрин уларытан кэбиспиттэр, 2-3 сиргэ чөкө мунньубуттар, инньэ гынан киһи онно чугаһаабат анньыһыыта буолбут. Урут сааланы тилэри остуолларга чиччик үөскэхтэр, бодоҥ оҕолор, дьон араас уорганнара тураллара. Билигин ол оннугар олорон эрэ виртуальнайдык экраҥҥа көрүөххүн син буолбут. Санаабар, түмэл уруккутааҕар киһини тардар күүһэ мөлтөөбүт курдук.
Ол да буоллар барытын тилэри көрөн, биир сиргэ түмсэн, Дайаана оҥорбут маршрутунан түспүт дьиэбитигэр метронан төнүннүбүт.
Тохсунньу 7 күнэ. Ыттар, куобахтар уо.д.а…
Циркаҕа бардыбыт. Бэйэм чааһа цирканы олох сэргээбэппин да, хайыахпыный. Былыр 10-ус кылааска тахсан баран, Москваҕа тиийээт, циркаҕа утуйа олорбуппун кэмиттэн-кэмигэр саныыбын. Оччолорго саамай сэргээбитим ыттар уонна клоуннар этэ. Билигин эбиэт саҕана буолбут оонньууга утуйбатым. Ол гынан сэргээбитим эмиэ ыттар уонна клоун буоллулар. Акробаттар, жонглердар, эһэлэрдээх дрессировщиктар, үҥкүүһүттэр, салгын гимнастара уо.д.а. бааллара да буоллар.
Оттон Петропавловскай кириэппэскэ бардыбыт. Собуоругар сылдьыбатыбыт. Романовтар усыпальницалара, дьиҥинэн, интэриэһинэй этэ да буоллар, программаҕа киирбэтэх. Гидпит информация бөҕөтүн кэпсиир. Кириэппэс историятын, ол аата Санкт-Петербург куорат тутуллуутун туһунан иһиттибит. Кириэппэс тутуллуон иннинэ ууга барар арыы эбит. Куобах арыыта диэн. Манна сэрии, кыргыһыы буолбатаҕын кэриэтэ эбит. Сүрүннээн, политическай буруйдаахтары хаайар түрмэ курдук туттуллубут. Кириэппэс казематтарыгар, бастионнарыгар элбэх хаайыылаах олорбут. Бастакылартан биирдэстэрэ Петр I уола Алексей буолбут, манна өлөрүллүбүт.
Кириэппэс территориятыгар киһини сэҥээрдэр биир көстүү — куорат ууга барыытын көрдөрөр табличкалар. Уонна бу арыыга “мэнээктээбит” куобахтары кытта эмиэ урукку курдук хаартыскаҕа түстүбүт. Оттон буоскабай фигуралар музейдарыгар оҕолору киллэрдибит.
Бүтэн баран, аатырбыт “Галерея” атыы-эргиэн киинигэр тиийдибит.
Тохсунньу 8 күнэ. Аныгы музей уонна кинотеатр…
Аныгы искусство түмэлигэр сырыттыбыт. “Эрарта” диэн. Эра арта. Время искусства. Чааһынай музей эбит. 2010 с. аһыллыбыт. Аныгы худуоһунньуктар хартыыналара, скульптурнай оҥоһуктара, интэриэһинэй инсталляциялар турбуттар. Ойуулуур истииллэрин хайысхалара араас: реализмтан саҕалаан примитивизмҥэ диэри. Дьоҕус кинозаллардаах. Электроннай билиэппитинэн сыл устата босхо сылдьыаххытын син диэн буолла да, Питерга өссө биирдэ тиийэрбит саарбах буоллаҕа.
Сэргэх музей эбит. Киирэ түһээт хартыына-чаһыттан саҕалаан. 11 чаас 26 мүн. көрүүнү саҕалаабыппытын ол чааһыттан билэбин. Сыыппаралара сытар хамсыыр дьон. 6 сыыппара 7-ҕэ хайдах уларыйбытын көрбөтөхпүн кэмсинэбин. Библия кэпсээннэрэ, Греция мифтэрэ, киһи олоҕо, история кэмин кэрдиистэрэ киһи соһуйар гына сонуннук бэриллибиттэр. “Модель биполярной активности” диэн инсталляцияҕа тохтоон тура түстүбүт. Мэйииҥ хайа полушариета актыыбынайын музыка дорҕоонунан быһаарар тэрил. Эмоция дуу, логика дуу?
Өссө тугу көрдүбүт? Ринат Миннебаев диэн худуоһунньук биһиги Мииринэй куораппыт үөһэттэн көстүүтүн оҥорбут. Биллэн турар, карьер аҥайан турар. Хара, кыһыл квадраттарыгар сынньана сытар Малевиһы Владимир Комельфо ойуулаабыт. Супрематизм аҕата Казимир Малевиһы айымньыларыгар хото киллэрбиттэр. Стиллэрэ уруулуу буолан дии санаатым. Сэбиэскэй кэм эмиэ бэркэ көрдөрүллүбүт: 3 лиитирэлээх таас бааҥкаҕа кэтэрдиллибит эрэһиинэ бэрчээккэлэр цеменнэнэн “Все за!” диэбиттэр; репрессия, бобуу-хаайыы тиэмэтэ араастаан бэриллибит; боробулуоха киэп иһигэр хаһыаттартан киһи төбөтө оҥоһуллубут уонна “Не забивайте себе голову” дэммит; тыла аллараа буолан тыаһыыр кыаҕа суох куолакал ыйаммыт; “Большая Медведица” диэн сэрии тиэмэтигэр сэттэ байыаннай дьон табахтыы тураллара ойууламмыт, бөппүрүөскэлэрин уота сэттэ сулус буолбуттар; аатырбыт битлзтары “Быдлз” диэн ойуулан туруорбуттар; Юрий Гагарин пааматынньыгын хас да сиринэн эрбээн, арааран баран, соһон иһэр оҕолору көрдөрөр “Поехали!” диэн триптих баар; оҕонньордоох эмээхсин ардах кэмигэр чалбах устун бэлэсипиэтинэн куустуһан айаннаан иһэллэрэ “Дожители” диэн ааттанан турара киһини уйадытар уо.д.а. Хамсыы турар хартыыналар, оборон ылыах курдук параллакстар… Уопсайынан, киһини сонурҕатар сир эбит.
Музей кэннэ куорат устун айанныы түстүбүт, икки сиргэ баҕа санаабытын толорор традицияҕа кыттыстыбыт: грифоннары имэрийдибит, чижик-пыжигы маҥҥьыаттарынан тамнаатыбыт. Быйыл Питерга тымныйбатаҕын тымныйбыт, Нева, үрэхтэр, ханааллар бары мууһунан бүрүллүбүттэр, бэл быһа түһэр ыллыктар хаарга тыргыспыттар.
Оттон аралдьытар кииҥҥэ баран, ким оонньоото, ким маҕаһыыны кэрийдэ, сорох киинэ көрдө.
Тохсунньу 9 күнэ. Опера…
Бүгүн көҥүл күн. Ол гынан баран бачча кэлбиччэ, Мариинскай театрга сылдьыахха диэммит, гидпит Дж. Верди “Трубадур” диэн оператыгар билиэт ылбыт. Киэһэ 7 чааска. Улахан дьон онуоха диэри сыппатыбыт, маҕаһыыннары кэрийдибит, ырааҕынан тэлэһийдибит. Оҕолор утуйдулар, сынньаннылар.
Сылдьыахтаах операбыт ис хоһоонун эрдэттэн биллибит. Трагедия эбит. Киэһэ ыксал бөҕөнөн кылы-мүччү Мариинскай театр аныгы сценатыгар тиийдибит. Сюжетын билэр буолан ылынарга чэпчэки эбит. Артыыстар итальянскайдыы ыллыыллар, тылбааһа сцена үөһээтигэр тахсан иһэр. Инньэ гынан үрдүк искусство көрүҥүн ылыныыбыт этэҥҥэ ааста. Мин, күнү быһа маҕаһыыны кэрийэн сылаарҕаабытым таайда, тоҥхороҥноон ыллым. Кыргыттар, хата, маладьыастар, ытаһан да ылбыттар бааллар эбит.
Тохсунньу 10 күнэ. Эрмитаж уонна араадьыйа…
Аатырбыт Эрмитажка сырыттыбыт. “Объять необъятное” диэн манна баарын бэркэ билэбин. Урут сылдьыбытым. Инньэ гынан аҕыйах эрэ сааланы хаттаан көрдүм: Былыргы Рим, Италия Возрождениета, Голландия көмүс үйэтин бастыҥ бэрэстэбиитэлэ Рембрандт… “Даная” хартыына историята хайаан да көрөрбүн күһэйэр курдук. Луврга турар Леонардо да Винчи “Мона Лизатын” санатар.
Эбиэттээн баран А.С. Попов аатынан араадьыйа уонна сибээс түмэлигэр бардыбыт. Экскурсовод батыһыннара сылдьан сибээс историятын кэпсээтэ: холууптар, тэҥсиктэр, дьаам, буоста, кэмбиэр, маарка, араадьыйа, телеграф, телефон, телевизор, спутник… Мин бастакы КВН-49 телевизоры көрбүппүттэн үөрдүм. Оҕолор барытын тутан-хабан көрөн астыннылар.
Тохсунньу 11 күнэ. Кронштадт, Исаакий, Нуучча музейа…
Сарсын дойдубутугар көтөр күммүт. Ол да иһин буолуо быраагыраммаҕа толору тэрээһиннэр симиллибиттэр.
Кронштадтка айаннаатыбыт. Лахта-Киин аттынан аастыбыт.
Кронштадт — Россия историятыгар улахан суолталаах порт-куорат. Нуучча флота саҕаламмыт сирэ. Финскэй хомо ортотугар Котлин арыыга турар. 1704 с. төрүттэммит. Мантан Крузенштерн экспедицията 1803 с. Сири тула айаҥҥа аттаммыта. 3 сыл 12 күн айаннаан, 1806 с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр төттөрү кэлбиттэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр Кронштадт мотуруостара бассабыыктары утары бастаанньалаабыттара хам баттаммыта, ол сабыытыйа саҥа экономическай политика саҕаланарыгар төрүөт буолбута.
Туһааннаах сирбитигэр тиийээт, саастаах туристар салгын уларыйбытын, чэбдигирбитин, тыынарга чэпчээбитин сонно бэлиэтээтилэр.
Николай Чудотворец Морской собуоругар сырыттыбыт. Саамай сөхпүтүм: хара мрамор табличкалар храм истиэнэлэрин тилэри ыйанан тураллар. Онно 16-ыс үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан 1918 сылга тиийэ моряктар хаһан, ханна, ханнык суудунаҕа, тугу гына сылдьан өлбүттэрэ суруллубут. Хас биирдии киһи олоҕо сыаналарын бэлиэтэ диэн мин ылынным. Холобур маннык баар: “1892, 10 ноября. Утонул в Японском море упавший с транспорта “Якут” во время качки за борт вахтенный начальник лейтенант Иван Степанов 3-й”. Ол курдук сэрии ахсын өлбүттэр ааттара барыта суруллубут курдук: Азовскай походтар, Хотугу сэрии, Турцияны, Швецияны кытта элбэх сэриилэр, Кырыым сэриитэ, нуучча-дьоппуон сэриитэ, бастакы нуучча өрөбөлүүссүйэтэ, бастакы Аан дойду сэриитэ… Адмиралтан борустуой мотуруоска диэри.
Оттон маяк музейыгар бардыбыт. Былыргы Фарос маягын ахтан туран, Россияҕа маяк сулууспатын экскурсовод кэпсээтэ. Практико-экспериментальнай экскурсия буолла. Оҕолор сөбүлээтилэр. Музей кэннигэр турар дьиэ үрдүгэр тахсан, ыраах турар маягы көрүөххүтүн син диэбиттэрин туһанан, үөһээ таҕыстыбыт, тоҥуу хаары кэһэн, аһаҕас сиргэ тахсан ырыых-ыраах сүтэ-сүтэ көстөр маягы көрдүбүт. Ынырык тыал, хаартыскаҕа түһэрээри илиибин үлүтэ сыстым, телефонум тоҥон, иитиитэ бүттэ. Кыргыттарбыт ол көстүүнү сэргээбэтилэр, үөһээ ыттыбатылар.
Оттон төттөрү Питерга кэлэн, Исаакий собуоругар тиийдибит. Экскурсовод храм тутуутун, үлэлээбит архитектордары, киэргэппит худуоһунньктары, ойуулар, мозаикалар ис хоһооннорун уо.д.а. элбэх сыыппараны, чахчылары билиһиннэрдэ. Ким иһиттэ, ким истибэтэ. Оттон 3 турист үөһээ колоннадаҕа тахсан, куораты үөһэттэн көрдүлэр, астынан түстүлэр.
Салгыы Нуучча музейыгар бардыбыт. Манна үгүстэрэ история, литература учебниктарыгар репродукция быһыытынан киллэриллибит нуучча худуоһунньуктарын үлэлэрэ ыйаммыттар: Брюллов, Иванов, Айвазовскай, Суриков, Репин, Васнецов, Левитан, Куинджи уо.д.а. Мин “Последний день Помпеи” илэ көрөр санаалаах тиийбитим, реставрацияҕа барбыт. Уопсайынан, сырдык, чэпчэки ауралаах түмэл дии санаатым.
Тохсунньу 12 күнэ. Оо, суох!..
Туох барыта бүтэр ыйаахтааҕынан, биһиги да күүлэйбит түмүктэнэн, дьиэбитигэр барарбыт кэллэ. Оҕолор бары: “Оо, суох!”- диэтилэр. Сырыыбытын этэҥҥэ түмүктээтибит. Сылдьыбыт дьон бары астынныбыт быһыылаах. Оҕолор чуолкай сөбүлээтилэр, манна үөрэнэ кэлиэх буоллулар.
Онон киэҥ бырагыраамманы толорон, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатан кэллибит диэтэхпинэ, сыыспаппын. Өссө да улуу куорат угуйар.
Светлана Винокурова, Мэҥэ-Алдан