Санкт-Петербург – музей-куорат

1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград куорат фашистар төгүрүктээһиннэриттэн букатыннаахтык босхоломмута. 80 сыл ааста. Ол ынырык кэм тыыннаах туоһулара билигин суохтарын тэҥэ болуо. Сэрии иннинэ куорат 3 мөл. киһилээҕиттэн  төгүрүктээһин бүтэһик күннэригэр 557760 киһи хаалбыт. 100 тыһ. киһи фроҥҥа ыҥырыллан барбыт. 448,7 тыһ. киһи блокада иннинэ эвакуацияламмыт. 840,6 тыһ. блокада кэмигэр куораттан таһаарыллыбыт. 1 мөл. 398 тыһ. киһи төгүрүктээһин кэмигэр аччыктаан, ытыалааһыҥҥа табыллан уо.д.а. өлбүт.

Төһөнөн бириэмэ ыраатан иһэр соччонон ити трагедия хабаана өйтөн-санааттан сүтэн, мүлүрүйэн иһэр. Киһи олох олоруох баҕата оччо буоллаҕа.

Санкт-Петербург – Петр I сирдээҕи ырайа. Романовтар империяларын киин куората. 200-тэн тахса сыл устата Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыар диэри дыбарыас бөҕөтө тутуллубута, пааматынньык бөҕөтө турбута, араас муоста, ханаал уо.д.а. оҥоһуллубута. Барыта Россия историята. Сэрии саҕаламмытыгар ити духовнай баайы харыстыырга туспа үлэ ыытыллыбыта. Архитектурнай тутуулары маскировкалааһын, скульптуралары уһуллар кыахтаахтары постаменнарыттан түһэрэн кистээһин, хаалбыттары кумахтаах куулларынан хас эмэ хос бүрүйээһин уо.д.а. Оттон аатырбыт нуучча сэрииһиттэрэ Суворов, Кутузов, Барклай де Толли пааматынньыктарын аһаҕас хаалларбыттар. Геройдар уобарастара кыайыыга ыҥыра турдуннар диэн. Собуордар көмүһүнэн кылабачыйар куупаллара уонна үрдүк шпиллэр өстөөххө ориентир буолалларыттан маскировка үлэтэ саҕаламмыт. Ол ыарахаттардаах буолбут. Үгүстэри бороҥ өҥүнэн кырааскалаабыттар. Петропавловскай собуор шпилигэр альпинистар тахсан туруос ыйаабыттар, онон оробуочайдар матырыйааллары таһааран, бүрүйбүттэр. Сорох куупаллары улахан халыҥ холустанан саппыттар. Адмиралтейство шпилэ чап-чараас кыһыл көмүс пластиналарынан бүрүллүбүт буолан, кырааскаланыа суохтаах эбит. Ол иһин биир түүн устата туонна аҥаардаах чохуол тигэн, онон кистээбиттэр.

Ол үрдүнэн элбэх тутуу эмсэҕэлээбит: Кунсткамера, Юсуповтар, Шуваловтар дыбарыастара, Нуучча музейа, Сенат дьиэтэ, Инженернай замок, Кронштадтааҕы Муора собуора уо.д.а. Ленинград таһынааҕы, фронт кирбиититтэн чугас сирдэр, улаханнык алдьаммыттар, кыайан төннөрүллүбэт сүтүктэммиттэр. Царскай Селоҕа баар Екатерининскай дыбырыас умайбыт, Янтарнай хос сүппүт, Павловскай дыбарыас эмиэ умайбыт, Петергоф барыта кэриэтэ үлтүрүтүллүбүт, Самсон уонна улахан атын кистэммэтэх паа атынньыктар сүппүттэр.

80 сыл устата куорат оннугар түһэрилиннэҕэ. Билигин ол ынырык кэми санатар бэлиэ сирдэр, музейдар, паааматынньыктар Санкт-Петербурга бааллар. Гидтэр, экскурсоводтар ити тиэмэни хайаан да таарыйаллар.

Мэҥэ-Алдан оскуолатыттан түөрт оҕо учууталларын кытта бу ааспыт каникулларга Санкт-Петербурга бара сырыттылар. Кинилэр улуу куорат архитектуратын кэрэхсээн, музейдарыгар сылдьан, дьонун-сэргэтин биһирээн кэллилэр. Мин биири бэлиэтии көрдүм: кинилэр эйэлээх олохтоох Питеры эрэ көрбүттэр.

Ити сырыы туһунан оҕолор кылгастык маннык кэпсээтилэр.

Байбаллыкова Дайаана, 10 кылаас. Мин бу каникулум уратытык ааста. Ол курдук учууталбытын кытта Санкт-Петербург куоракка баран кэллибит. Айаммыт табылларын-табыллыбатын наһаа долгуйа кэтэспиппит. Хата, барыта сатанан, үчүгэйдик күүлэйдээн, сынньанан кэллибит. Ити куоракка биһиги, оҕолор, бастакы сылдьыыбыт, ол иһин барыта наһаа сонун этэ. Куорат дьиэлэрин архитектурата уратытын бэлиэтии көрдүм. Уулуссаларга уот-күөс, гирлянда ыйанан, Саҥа дьыл атмосферата киһини үөрдэр.

Учууталбыт биһигини бастаан Казанскай собуорга илдьибитэ. Оруобуна Ороһуоспа сочельнига этэ. Сулууспа буола турара, ырыа ыллыыллара. Олох хаһан да билбэтэх чуубустубам миэхэ уһуктубут курдук этэ. Оттон Спас на крови барбыппыт.

Атын күннэргэ Кунсткамераҕа, Эрмитажка, Эрарта диэн аныгы искусство музейыгар, Нуучча государственнай музейыгар сылдьыбыппыт. Петропавловскай кириэппэс турар Заячай арыыга үчүгэй баҕайытык аһаппыттара. Онно өссө буоскабай фигуралар музейдарыгар сылдьыбыппыт. Онно баар фигуралар бары дьиҥнээх дьон курдук этилэр.

Биир киэһэ Мариинскай театрга «Трубадур» диэн Дж. Верди оператыгар барбыппыт, итальянскайдыы ыллаабыттара, тылбааһа үөһээ экраҥҥа тахсан иһэр. Бастаан соччо сөбүлээбэтэҕим. Онтон, дьэ, ис хоһоонун өйдөөбүтүм. Наһаа үчүгэй эбит. Бүтэһигэр ытаабытым.

Галерея диэн Санкт-Петербург саамай улахан атыы-эргиэн киинигэр сылдьан, атыылаһан, астынан, бакыат бөҕөлөөх тахсыбыппыт.

Бүтэһик күммүтүгэр Кронштадтка тиийэн Финскэй хомоҕо турар хараабыллары көрбүппүт, интэриэһинэй баҕайы маяк музейыгар сылдьыбыппыт.

Питер кыраадыһа сылаас курдук гынан баран, наһаа тымныы тыаллаах эбит. Онон киһи тоҥор.

Бу сэттэ күн биһиэхэ наһаа түргэнник ааспыта. Табыллара буоллар өссө да хаалыам этэ.

Санкт-Петербург куораты наһаа сөбүлээтим. Оскуоланы бүтэрэн баран онно үөрэнэ барар эбиппин диэн бэйэбэр сыал туруоруннум.

Тарасова Аделина, 10 кылаас. Дьикти үчүгэй каникул миэхэ ааста. Биһиги наһаа кэрэ Санкт-Петербург куоракка күүлэйдээн кэллибит. Биир нэдиэлэ сылдьыбыппыт — наһаа кылгас кэм эбит. Олох аҕыйаҕы эрэ көрөр эбиккин. Элбэх музейдарга, собуордарга сырыттыбыт. Куорат саҥа дьыллааҕы киэргэлинэн турара эриэккэс үчүгэй. Уулуссалар, болуоссаттар бары наһаа кыраһыабайдар. Эрмитаһы, Кунсткамераны сөбүлээтим. Наһаа интэриэһинэй экспонаттары, хартыыналары көрдүм. Саамай сөбүлээбитим Нуучча государственнай музейа. Айвазовскай долгуннаах муораны ойуулаабытын сэҥээрдим.

Комина Лия, 11 кылаас. Циркаҕа, Эрарта музейга, Эрмитажка, Мариинскай театрга, Казанскай, Исаакиевскай собордарга уо.д.а. сирдэргэ сырыттыбыт. Мин ордук Кунсткамераны, Нуучча государственнай музейын, Попов А.С. аатынан сибээс музейын сөбүлээтим. Кунсткамера анатомическай театра элбэх киһи болҕомтотун тардар эбит. Нуучча музейыгар Айвазовскай, Боровиковскай үлэлэрин, нуучча былыргы  оонньуурдарын интэриэһиргээтим. Сибээс музейыгар былыргыттан бүгүҥҥэ диэри пуочта историятын кэпсээтилэр. Онно өссө сылларынан, ыйдарынан пуочта мааркаларын коллекцията баар. Санкт-Петербург баай историялаах куорат диэн илэ харахпынан көрдүм. Инникитин ити куораккка тиийэн үөрэммит киһи диэн баҕа санааланным.

Кириллова Күннэй, 10 кылаас. Бу Саҥа дьыл кэнниттэн биһиги Россия саамай кэрэ куоратыгар Санкт-Петербурга күүлэйдээн кэллибит. Эрдэ тур программатын оҥотторон төлөөбүппүт, ол иһин барыта бэлэм графигынан сылдьыбыппыт. Транспорбыт, аһыырбыт эмиэ. Итинник оҥотторор үчүгэй эбит. Элбэх музейдарга, собуордарга, циркаҕа, операҕа сырыттыбыт. Саамай сөбүлээбит музейым – маяк музейа. Куораты наһаа астынным: тутууларын, дьонун-сэргэтин. Билбэтэхпин биллим, көрбөтөхпүн көрдүм. Бэл, олоҕу көрүүм уларыйда диэххэ сөп.

Атын омук дьонун кытта кэпсэтэн ылбыппыт. Омук тылыгар практикаланар наһаа туһалаах дии санаатым. Биир тылы булар букатын үчүгэй.

Хас сылдьыбыт сирбит аайы хаартыскаҕа түспүппүт билигин үтүө өйдөбүл буоллулар.

Төрөппүттэрбэр уонна учууталбар бу аатырбыт  куоракка сылдьар кыах биэрбиттэригэр наһаа махтанабын.

Оттон мин, оҕолору илдьэ сылдьыбыт учуутал буоларбынан, үп-харчы булан бу сырыы табылларыгар сыраласпыт төрөппүттэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин!

Светлана Винокурова, Мэҥэ-Алдан