Сылы түмүктүүр ахсынньы ыйын 12 күнүгэр дойдубут төрүт сокуона – Россия Конституциятын ылыллыбыта 1994 сылтан бэлиэтэнэр. Бу ылыллыбыт сүрүн докумуон ыйыытынан, сокуонунан олохпутун салайтаран олорбуппут быйыл 30 сыла буолла.
Билиҥҥи Конституция Россия государствотын сүрүн балаһыанньаларынан оҥоһуллубут бэһис докумуоммут буолар.
От ыйын 10 күнүгэр 1918 сыллаахха ылыллыбыт РСФСР маҥнайгы Төрүт сокуона «Собрание Узаконений РСФСР» хомуурунньукка бэчээккэ тахсыбыта. Сүрүн бириинсибинэн «Үлэһит уонна көлөһүннэнэр норуот декларацията» суруллубута. Бу пролетариат муҥур былааһын сокуонунан биллибит докумуон Сэбиэскэй Союз саамай идиэйэлээҕинэн ааҕыллар Конституцията буолар. Бу кэмҥэ наймылаһан үлэлиир уонна үлэттэн ураты дохуоттанан олорор дьон дойду политическай олоҕор кыттар бырааптара суоҕа.
Онтон Сэбиэскэй Союз Социалистическай Республикаларын саҥа төрүттэммиттэринэн, Төрүт сокуоҥҥа административнай территориялар, сэбиэскэй салайар органнар уларыйыылара тахсан 1925 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр саҥа Конституция ылыллыбыта.
1937 сыл тохсунньу 21 күнүгэр олохтоммут Конституция дойду аатын уларытан, чопчулаан биэрбитэ: Россия Социалистическай Федеративнай Сэбиэскэй Республикаттан – Россия Сэбиэскэй Федеративнай Социалистическай Республиката буолбута.
1978 сыл РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Декларациятынан муус устар ый 12 күнүгэр олоххо киирбит Конституция бүтүн Союзтааҕы “Сталин конституциятыттан» СССР “Брежневтии салайыы» конституциятыгар олоҕурбута.
70 сыл кэриҥэ биир тутулунан олорбут Сэбиэскэй Союз хайдыһыыта дойдуга барытыгар ыар содуллаах бутумаҕы үөскэппитэ. Россия норуоттарыгар уустук кэм туспа быраабыланы, сайдар суолу тутуһалларыгар саҥа сокуоннары ылыныы ирдэбил буолбута.
1990 сыл от ыйын 16 күнүгэр Конституционнай комиссия тэриллэн Төрүт сокуон бырайыагын оҥоруу уһун үлэтин саҕалаабыта. Депутатттар утарыта туруулаһыылара, сокуону таһаарар уонна ситэриилээх былаас тыл-тылга киирсибэккэлэр бырайыак үлэтэ үс аҥаар сыл уһаабыта.
1993 сыл ахсынььы 12 күнүнээҕи Россия Конституцията норуот бүттүүн куоластааһынынан ылыллыбытынан ааҕыллар. Ол эбэтэр, дойду Төрүт сокуона быыбардааччылар үгүстэрин куоластарынан эрэ уларыйар кыахтанар. Саҥа ылыллыбыт Конституция ахсынньы 12 күнүгэр «Россия хаһыата» бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн юридическай күүһүгэр киирбитэ.
2005 сылга диэри бу күн өрөбүл күнүнэн биллэриллэн 13 сыл тухары үлэһит дьон сынньалаҥнара буола сылдьыбыт. 2005 сылтан Үлэ кодексатыгар уларыйыы киирэн өрөбүл тохтотуллан үлэ күнүнэн ааҕыллар, бу сыл Төрүт сокуон ылыллыбыт күнэ Россияҕа бэлиэ күнүнэн биллэриллибитэ.
Олох сайдан, дьаһал уларыйан, сайдыы баран истэҕин аайы сүрүн сокуон эмиэ онно сөп буолар гына Конституционнай сокуон быһыытынан уларыйыылар киирэллэр. Үс күннээх быыбарга 77,92% норуот өйөбүлүнэн Төрүт сокуон саамай улахан уларыйыылара 2020 сылга ылыллыбыттарын бары да өйдүүбүт.
Бу инники олохпутун кытта сибээстээх, билиҥҥи турукпутун кытта тутулуктаах Төрүт сокуоммут туһунан эдэр ыччаттарга быһаарыы үлэтин оройуон Киин библиотеката сыллата тэрийэр. Ол курдук биллэрик араас көрүҥүнэн ыытыллар тест, викторина, өй-билии оонньууларынан, электроннай презентация оҥоһуллар.
Бу сыл түмүктүүр көрүҥүнэн быыстапканы көрдөрүү, Төрүт сокуоҥҥа ыйыллыбыт дьон быраабын, эбээһинэһин, дойдубут судаарыстыбыһаннаһын туһунан эдэр ыччаттардыын бэсиэдэ буолла. Тэрээһин кыттааччылара — хайа геологиятын техникумун бастакы курсун студеннара. Сорох ыччат госуслуга порталыгар регистрацияланар. Бу түмүктэнэн эрэр үлэ сылыгар барыта 130 тахса ыччат «Пушкин каартата» — ыччаты култуураҕа көҕүлүүр программанан туһаналларыгар бибилэтиэкэрдэр өҥө оҥордулар.
Римма Захарова