Мин ох саанан дьарыктаммытым 5 ый буолла. Ийэбинээн Мария Васильевналыын оҕунан ытыы тренерыгар Егоров Василий Прокопьевичка утумнаахтык дьарыктанабыт. Иккиэн кэккэ ситиһиилэрдээхпит.
Ох саанан ытыы оҕо этин-хаанын сайыннарар спорт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ буолар. Биһиэхэ саҥа сайдан эрэр спорт сүрүн көрүҥэ. Ох саанан ытыы дьарыгын 10 ураты өрүттэрэ:
- Ох саанан сааһыттан, доруобуйатыттан тутулуга суох ким баҕарар ытыан сөп. Бу спорт көрүҥэр ыйааһыныҥ, уҥуох улахана-кырата, эдэриҥ-кырдьаҕаһыҥ учуоттаммат.
- Ох саанан ытарга киһи былчыҥнара сайдар.
- Толкуйдаан сыалы табарга өй-санаа үлэтэ күүһүрэр.
- Күүстээх үлэ уонна болҕомто муӊутуур чыпчаалыттан эмискэ сынньанан, холкутуйан ылыы ньиэрбэни бѳҕѳргѳтѳр.
- Тарбахтаргынан үлэлиир буолан, ѳй үлэтэ күүһүрэр. Мэйии икки полушариета иккиэн үлэлииллэр.
- Ох саанан дьарыктаныы бириэмэни сөпкө аттарарга, туһанарга үөрэтэр.
- Сыалгын таба ытыы үөрүүнү бэлэхтиир. Хотторор түгэҥҥэр хотторуу хомолтотун сөпкө ылынаргар, ону туоратарга салгыы сайдаргар олук уурар (эмоцияҕын туттуна үөрэнии).
- Ох саанан ытыы тулуурдаах, дьаныардаах санааны, сөпкө тыыныыны эрэйэр.
- Ох саанан дьыл ханнык баҕар кэмигэр дьарыктанар табыгастаах.
- Оҕунан ытыы бэйэҕэр эрэллээх буолуу хаачыстыбатын иитэр.
Мэӊэ-Алдаӊӊа ох саанан ытыыны саҕалаабыт киһинэн, мантан тѳрүттээх 2010 сылтан, классическай диэн кѳрүӊүнэн, кэлин 2017 сылтан тѳрүт оҕунан утумнаахтык дьарыктанар, билигин Хандыгаҕа «Алроса» спорт уонна культура киинин дириэктэрэ, ох саанан дьарык тренерэ – Петр Семенович Андросов буолар. Оччолорго кини Дьокуускай куоракка олорор да буоллар, улууска ох саа сайдыытын тѳрүттээбитэ. Кини иилээн, бастаан 2017 сыллаахха Томпо улууһуттан Саһыл нэһилиэгиттэн икки эр киһини уонна биир дьахтары, Кириэс Халдьаайыттан үс кыыһы, Мэӊэ Алдантан икки оҕону дьарыктаан, оройуон хамаандатын сүүмэрдиир сыалтан Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин чемпионатыгар кыттыбыттар. Онно талыллыбыт дьон Үѳһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Баһылай Манчаары оонньууларыгар оройуоммут ох кѳрүӊэ сайдыытыгар бастакы сүрэхтэниини ааспыттар. Бу саха дьонугар-сэргэтигэр, Саха сиригэр 4 сылга биирдэ ыытыллар биир бастыӊ күрэххэ, Мэӊэ- Алдантан Кривошапкина Алена уонна мин тастыӊ убайым Сыромятников Ньургун кыттыыны ылбыттара. Онно нэһилиэкпитигэр оҕолору буларга уонна дьарыктыырга Николай Николаевич Андросов улахан кѳмѳнү оӊорбута диэн кэпсиир, Петр Семенович. Бу күрэх кэмигэр, Хандыгаҕа «Алроса» спорт уонна культура киинин дириэктэрэ мас тардыһыыга спорт маастара Афанасий Петрович Саввинныын Томпо оройуонугар ох саа кѳрүӊүн сайыннарар туһунан кэпсэппиттэр. Оччолорго физкультура учууталынан үлэлии сылдьар Василий Прокопьевич Егоров сѳбүлэһэн, 2017 сыл күһүнүттэн Мэӊэ Алдаӊӊа ох саанан ытыы дьарыга арыллан үлэтин саҕалаабыт.
Бастакы оҕунан дьарыктаммыт оҕолор, Колодезникова Анита, Тарабукина Василина, Калачев Ваня (2018с. оҕолорго республика үрүӊ кѳмүс призера), Николаев Витя (2018с. оҕолорго республика чемпиона). Маны таһынан, Николаев Витя блок оххо бастакы спортивнай разряды толорбута.
Василий Прокопьевичка дьарыктанан, билиӊӊи туругунан Мэӊэ Алдантан ох саа кѳрүӊүгэр, спортзал инструктора – Александр Юмшанов Саха сирин спордун маастара, Саха сирин маастарыгар кандидаттар: СВФУ КИТ студентката Дженнифер Дарбасова (Россияҕа улахан дьоӊӊо тѳрүт оҕунан ытыыга, 2022 сылга Россияҕа Федерация Кубогын чемпиона, Россияҕа оххо чемпионатын муӊутуур кыайыылааҕа, 2020-2021с.с. Саха сиригэр оҕолорго уонна улахан дьоӊӊо хас да тѳгүллээх чемпиона, финалистка, өрѳспүүбүлүкэҕэ тѳрүт оҕунан ытыыга хас да күрэҕэр абсолютнай чемпион), оскуола 8 кылааһын үѳрэнээччитэ Вика Колодезникова (2023 с. Саха сиригэр оҕолорго хас да тѳгүллээх чемпиона, финалистка, өрѳспүүбүлүкэҕэ тѳрүт оҕунан ытыыга абсолютнай чемпион), предприниматель – Егор Саввин (улахан дьоӊӊо хас да тѳгүллээх финалист), бастакы спортивнай разрядтаахтар: тренербит – Василий Егоров (өрѳспүүбүлүкэ 2020-2024с.с. хас да күрэҕин финалиһа), нэһилиэкпит баһылыга – Юрий Комиссаров (2024 с. өрѳспүүбүлүкэ таһымнаах Томпо оройуонун баһылыгын Кубогын финалиһа), Виктория Рудых (2021-2022с.с. өрѳспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт күрэхтэргэ финалист), ийэм, «Кыымчаан» уһуйаан иитээччитэ – Мария Сыромятникова (2023 с. өрѳспүүбүлүкэ тѳрүт оҕунан ытыы чемпионатыгар, Ѳймѳкѳѳӊӊѳ Олоӊхо ыһыаҕар финалист, Чурапчыга М.Е.Попова аатынан күрэххэ муӊутуур кыайыылаах), балыыһа аптекатын фармацева – Айталина Гуринова (2024 с. Томпо оройуонун баһылыгын Кубогар финалист, өрѳспүүбүлүкэ Федерациятын Чорооно диэн улахан күрэххэ финалист), нэһилиэк библиотекара Мария Чирикова уонна иккис спортивнай разряд норматын стоматолог – Марина Попова толорбуттар.
Билигин ѳссѳ да саӊа дьарыктанан эрэр дьон бааллар, ол курдук 6 оскуола оҕото уонна саӊа дьарыктанан эрэр, 3 улахан киһи бааллар.
Оҕолорго, табаарыһым Вася Мохначевскай өрѳспүүбүлүкэҕэ «Байанай бэлэҕэ» диэн күрэххэ «куобах» кѳрүӊӊэ бастакы миэстэни ылбыта, кини эмиэ быйылгы үѳрэх дьылыттан саӊа дьарыктанан эрэр.
Бэйэм ох кѳрүӊүгэр, оройуонугар ыытыллыбыт быйылгы оскуола оҕолорун спартакиадатыгар куобахха үһүс, куска – бастакы, үс кѳрүӊ түмүгүнэн – иккис, хамаанданан –бастакы миэстэҕэ тиксибитим.
Ох саанан ытыы – бу кэрэхсэбиллээх эрэ спорт кѳрүӊэ буолбатах, бу кѳрүӊ киһи доруобуйатын физическай уонна психическай туругун тупсарарга сүдү суолталаах. Ох саанан ытыынан дьарыктанар киһи уйулҕата бѳҕѳ, ону таһынан ис-тас күүстэрэ сайдыылаах буолар. Спорду кытта бэйэҕит ис эйгэҕитин дьүѳрэлии сайыннарыаххытын баҕарар буоллаххытына – ох саанан ытыынан дьарыктаныӊ диэн сүбэлиибин.
Мэҥэ-Алдан ох саанан ытыыга Саха сирин биир бастыҥ нэһилиэгэ буолара саарбаҕа суох.
Мин эмиэ биллиилээх биир дойдулаахтарым курдук бу спортка элбэҕи ситиһиэм диэн эрэнэбин.
Сыромятников Айхал, Мэӊэ-Алдан орто оскуолатын 5 кылааһын үѳрэнээччитэ.