Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас уонна Томпо оройуонугар Ийэ сылларын чэрчитинэн Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырын үлэтин сырдатыы.
2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Томпо оройуонугар Ийэ сылларынан биллэриллибиттэрэ. Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолата бу сылга ыытыллар тэрээһиннэртэн туора турбакка оҕолорго сайын ахсын сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийиигэ күүстээх үлэни ыытар. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийии билигин улахан болҕомтону уонна эппиэтинэһи эрэйэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуола «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырын үлэлэтэ олорор. Төрөппүттэр, оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах, ханна туһалаахтык атааралларын эрдэттэн толкуйдууллар. Үөрэнээччилэр кыра эрдэхтэриттэн үүнээйини, бэйэ илиитинэн көрөн-харайан үүннэрдэҕинэ өлгөм үүнүүнү ылары ситиһэри өйдүү үөрэнэллэр, араас саастаах оҕолор хабыллалларын быһыытынан коллектив биир тыыныгар уһуйуллар. Сынньалаҥ кэмигэр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар: спортивнай күрэхтэһиилэр, тематическай сынньалаҥ биэчэрдэр, «Үлэ күнэ», «Бантик күнэ», «Тимэх күнэ», «Сиэрдээх буолуу күнэ» о.д.а. күрэхтэр үрдүк таһымҥа ыытыллалар. Билигин «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕыра иккис сезонун үлэлии олорор. Быйыл лааҕырга оскуола, лааҕыр выпусниктара ХИФУ студеннара Виктория Борисова, Владислав Захаров уонна «Технология уонна дизайн колледжын студентката Валерия Чирикова иитээччинэн, баһаатайынан үлэлииллэр. Наставниктарынан дириэктэри үлэ чааһыгар солбуйааччы М.Е. Кривошапкина уонна оҕуруоччуттар А.В. Варфоломеев, А.А. Павлова, Н.Р. Харлампьева үлэлэстилэр. Оҕолор аһыыр астарын рациона, көрүҥэ араас, тото-хана аһаан дьиэлэригэр бараллар. Поварынан И.И. Готовцева, М.В. Неймохова, көмөлөһөөччүнэн С.К. Трофимова үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллар. Хас биирдии үлэһит, үөрэнээччи сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаарарыгар үлэлэһэр, ситиһэр. Мэҥэ Алдаҥҥа оҕолор сайыҥҥы сынналаҥнарын хайдах атааралларын билсиһиэҕин.
Кирилловтар — үлэһит дьиэ кэргэн
Быйыл 2024 сыл Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Оҕону сөптөөх суолга салайыы, иитии барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах. Оҕону үлэнэн иитиигэ сөптөөх хайысханы Кирилловтар дьиэ кэргэн тутуһар. Аҕа баһылык Ким Иванович оскуолаҕа, күн күбэй ийэ Елена Егоровна уһуйааҥҥа үлэлииллэр. Саха ыалын сиэринэн хороҕор муостааҕы, кууруссаны, сылгыны сылы быһа иитэллэр. Сайынын хортуоска, оҕуруот аһын үүннэрэн эбии дохуот киллэрэллэр. Дьиэ кэргэнинэн куруук бииргэ сылдьаллар, сынньаналлар. Кирилловтар үс эмдэй-сэмдэй кыргыттардаахтар: Мичийэ алтыс, Сандаара сэттис, Күннэй онус кылааһы үчүгэй сыананан бүтэрдилэр. Үөрэҕи таһынан П.П. Колодезников аатынан оҕо искусство оскуолатыгар фольклор кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн хомусчут, ырыаһыт бэртэрэ. Биир да тэрээһин кинилэрэ суох ааспат, маны таһынан спордунан дьарыктаналлар. Бу кыргыттар сайын аайы төрдүс кылаастан саҕалаан «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сынньаналлар, үлэлииллэр. Күннэйи эбэтэ Ираида Кимична иккис кылааһы бүтэрбитин кэннэ аҕалла быһыылааҕа. Онтон ыла Күннэй сылын ахсын биир да күнү көтүппэккэ кэлэ турар. Үлэнэн иитии туһалааҕын төрөппүттэрэ эт хааннарынан билэн оҕолорун өйүүллэр даҕаны, туһалааҕын өйдөтөллөр даҕаны. Күннэй үһүс сылын оҕолор биригээдэлэрин салайар, баҕата диэн, оскуола кэнниттэн үөрэххэ туттарсан киирдэҕинэ, сайынын кэлэн баһаатайдыырын. Уопсайынан, лааҕырга сылдьан баһаатайдарга көмөлөспүт оҕолор, сайынын каникулларыгар иитээччинэн үлэлииллэр. Онон сайыҥҥы бириэмэҕэ кадр боппуруоһа быһаарыллар, учууталлар уоппускаларыгар сынньаналлар. Күннэй солбуллубат баһаатай көмөлөһөөччүтэ. Кини эрэллээх көмөлөһөөччү, боппуруостары этиппэккэ бэйэтэ быһаарар.
Ити курдук, биһиги Мэҥэ Алдаммытыгар оҕолорун үлэнэн иитэр-үөрэтэр төрөппүттэр аҕыйаҕа суохтар. Оҕолору үлэнэн иитии удьуордара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барар, кинилэр олохторугар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит. Үлэнэн иитии уһуйаантан, оскуолаттан, дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын умнубаппыт.
Ахсыс кылаас үлэһит кыргыттара
Түөрт кыыс кыһыннары-сайыннары куруук бииргэ дьүөгэлэһэ-алтыһа сылдьаллар. Бу Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан оскуолатын ахсыс кылааһын үчүгэй үөрэнээччилэрэ: Лия Колодезникова, Таня Колодезникова, Лана Охлопкова, Сайнаара Кириллова буолаллар. Кинилэр «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырын бастыҥ үлэһиттэрэ, актыбыыстара буолаллар. Кыргыттар олус сэмэйдэр, симиктэр уонна эппиэтинэстээхтэр. Олох бэриллибит сорудаҕы саҥата-иҥэтэ суох сылдьан толорбут буолаллар. Лааҕырга кыра эрдэхтэриттэн сылдьаллар, наһаа сөбүлүүллэр быһыылаах сылын ахсын бастакынан суруттаран кэлэллэр. Бырааһынньык аһын астаһарга кинилэр бастакынан көмөҕө кэлэллэр. Бэрэскини, бурдук аһын ааһан иһэн астыыллар, салааты бэрт минньигэстик туустаан-тумалаан оҥороллор. Аны төрдүөн хомусчут бэртэрэ, лааҕыр иһинэн ыытыллыбыт «Алло, мы ищем таланты!» диэн күрэххэ «Звонкие виртуозы» номинация кыайылаахтара. Кыргыттарга ити курдук инники олохторугар ситиһиилэри,үлэҕэ үөрэммиттэрэ туһалаах буоллун диэн алҕыыбын.
Фиалка сибэкки ааттаах Виолетта
Виолетта Кынтоярова Дьокуускай куораттан каникулугар хас сайын ахсын эбэтигэр, аймахтарыгар кэлэн сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарар. Кыракый кыысчаан аан бастаан убайын Саарын Трофимовы, эдьиийин Алена Колодезникованы батыһан лааҕырга киирээри кэлбитэ. Оччолорго төрдүс кылааһы бүтэрбит кыысчаан, кырабын диэбэккэ атын оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн барбыта. Төрөппүттэрэ, Виолетта сайынын туһалаахтык атаардын, үлэҕэ үөрэннин диэн сыал-сорук туруорунан, сайын ахсын ыыталлар. Виолетта быйыл лааҕырга сылдьыбыта номнуо төрдүс сыла. Кыыс уопут бөҕөтө, туохтан да чаҕыйбакка сыыһы-буору кытта охсуһар, элбэх оҕону кытары доҕордосто. Кини кыра эрдэҕиттэн үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. «Бриллианты Якутии» ансаамбылга дьарыктаммыт, онон биир да тэрээһин кини үҥкүүтэ суох ааспат. Сибэкки кэриэтэ Виолеттаҕа инникитин олоҕор ситиһиилэри, үүнэ-сайда турарыгар баҕарабыт.
«Лидер» уолаттар хамаандалара
Билиҥҥи кэмҥэ уол оҕону иитии боппуруоһа ордук сытыытык турар. Былыргыттан кэлбит үтүө үгэһинэн оҕону иитэн таһаарарга дьиэ кэргэн эйгэтэ олус улахан оруоллаах буолар. Үөрэх өссө да үөдүйэ, сайда илигинэ оҕону итэҕэл, бэйэ-бэйэҕэ уонна айылҕаҕа сыһыан, үлэ, иитэн таһаарарга улахан суолталаах буолар. Оҕону үлэһит, үлэни таптыыр буола улаатарыгар чулуу педагогтар П.П. Блонскай, Н.К. Крупская, А.С. Макаренко, В.А. Сухомлинский, С.Т. Шацкай уонна да атыттар суруйбуттара. «Лидер» уолаттар хамаандалара» бырайыак 2022 сылтан лааҕыр иһинэн үлэлиир. Бу бырайыак сыала-соруга — уолаттары биир хамаанда оҥорон салайар идэҕэ бэлэмнээһин буолар. Сайын устата уол оҕолору кытта быйыл үлэлэстибит. Хамаанда салайааччытынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Вова Яковлев буолар. Кини лааҕырга үлэлээбитэ бэһис сыла. Хамаандаҕа 15 уол киирэр. Ол курдук, онус кылаас үөрэнээччитэ Айаал Тарасов аймах уолаттарын Черемкин Диманы, Валераны илдьэ сырытта. 9 кылаас уолаттара Комин Артур, Неймохов Ньургун, Захаров Толя, Жегусов Айтал, бииргэ төрөөбүттэр Цой Кеша (9 кылаас),Тарасов Алекс (8 кылаас), Неймохов Данил, Неймохов Никадим (8 кылаастар), Комиссаров Спартак (6 кылаас), Кривошапкин Юра (8 кылаас),Варфоламеев Роберт (7 кылаас), Егоров Арылхан ( 6 кылаас) кыра эрдэхтэриттэн лааҕыры көтүппэккэ сылдьаллар. Уолаттар үлэҕэ сүрүн үлэһиттэр, оҕолор үлэлэрин хонтуруоллууллар. Лааҕыр иһинэн ыытыллар культурнай-спортивнай тэрээһиннэр кинилэр салайыылара, кыттыылара суох ыытыллыбаттар. Маннык бырайыак үгүс үтүө түмүктэри биэрэрэ уол оҕо инникитин олоххо бэлэмнээх буоларын ситиһэр. Онон оҕо үлэһит, инникитигэр сыаллаах киһи буола улаатарыгар төрөппүт уонна иитээччи улахан оруолу ылар. Ол эрээри сурун оруолу төрөппүт ылар диэн оннооҕор учуонайдар бэлиэтээн тураллар. Ол иһин иитээччи төрөппүтү кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтээх.
Амелия,Оливия Очировалар ийэлэрин туйаҕын хатараллар
Марина Дмитриевна Очирова (Степанова) 2000 сыллаахха Мэҥэ Алдан орто оскуолатын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ. 2006 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай универститетын саха тылын уонна литературатын салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбит. Оскуолаҕа, университекка үөрэнэр сылларыгар лааҕырга үлэлээбитин олох умнубат. 14 сыл Абый улууһун Майыар орто оскуолатыгар саха тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит. 2015 с . «Сыл бастыҥ учуутала» улуустааҕы күрэххэ бастаан, республиканскай күрэххэ кыттан финалист буолбут. Билигин төрдүс сылын Дьокуускай куорат классическай гимназиятыгар библиотекарынан, национальнай култуура учууталынан үлэлиир. Кини инники олоҕор үлэнэн иитиллии наадалааҕын өйдөөн кыргыттарын иккис сылын сайынын лааҕырга үлэлэтэ-сынньата эбэлэригэр ыыталыыр.
Улахан кыыс Амелия 7 «в» кылааһы, кыра кыыс Оливия 5 «в» кылааһы бүтэрбиттэр. Куораттааҕы классическай гимназияҕа ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Амелия уруһуйдуурун сөбүлүүр, спорду: волейболу, баскетболу сэҥээрэр. Оскуола сборнайыгар баар эбит, куорат оскуолаларын икки ардыларынааҕы күрэххэ кыттан иккис миэстэ буолан турардаахтар. Кыра кыыс Оливия «Северные звездочки» үҥкүү ансаамбылыгар сылдьар, араас фестивалларга, күрэхтэргэ кыттан бириистээх миэстэҕэ тиксэллэр. Кыргыттар Оҕо дыбарыаһын куруһуоктарыгар сылдьаллар. Оскуола, кылаас күрэхтэригэр кыахтара тиийэринэн кытталлар. Кыргыттар сэмэйдэр, толоругастар, дьулуурдаахтар.
Сайыҥҥы сынньалаҥы дэриэбинэҕэ атаарааччы Кира Егорова
Кира оҕо эрдэҕиттэн хас каникул аайы эбэтигэр уонна эһэтигэр кэлэн сынньанар. Кира билигин улаатан туһа киһитэ, эбэлээх эһэтигэр күүс-көмө буолар. Эбэтэ Зинаида Алексеевна үйэтин тухары «Кыымчаан» уһуйааҥҥа үлэлээбитэ. Эһэтэ Александр Андреевич эдэр эрдэҕиттэн солбуллубат суоппар. Сопхуоска суоппардыы сылдьан тыһыынчанан килэмиэтири айаннаан тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит киһинэн биллэр. Кэргэнниилэр иккиэн үлэ бэтэрээннэрэ,былырыын ыал буолан олорбуттара 50 сылын бэлиэтээбиттэрэ. Билигин сокуоннай сынньалаҥҥа олороллор, сиэннэрин көрсөллөр. Кыыстара Жанна Александровна 1999 сылга Мэҥэ Алдан орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, английскай тыл учуутала идэлээх. Томпо оройуонун үөрэҕирии салалтатын сүрүн методиһа, үс оҕо амарах ийэтэ. Кэргэнэ Валентин «Якутлесресурс» үлэһитэ. Кира Хандыга орто оскуолатын 6 кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрэн, быйыл В.А. Штыров аатынан Томпо оройуонун элбэх хайысхалаах гимназиятыгар киириэхтээх. Кира ийэтин курдук гуманитарнай предметтары сөбүлүүр, элбэх кинигэ ааҕар, библиотекаҕа сылдьарын ордорор, сөбүлүүр предмета –английскай тыл, хомуска оонньуур, уруһуйдьут. Кира быйыл төрөппүттэрин, бэйэтин баҕатынан «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар киирэн, номнуо иккис сезонун үлэлии сылдьар. Биир да күнү көтүппэккэ сарсыарда эрдэ кэлэр. Кираны төрөппүттэрэ, эбэтэ, эһэтэ сөптөөх суолунан иитэллэрэ көстөр. Үлэҕэ барытыгар сыстаҕас, эппиэтинэстээх. Кира сайынын лааҕырга үлэҕэ үөрэммитэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарабыт.
Андросовтар, Комиссаровтар дьиэ кэргэн үлэһит династиялара
Биһиги Мэҥэ Алдаммытыгар сылын ахсын кэнники кэмҥэ оҕо сылдьан улэҕэ үөрэммит, үлэттэн сөптөөх суолларын булуммут ыаллар үгүстэр. Ол курдук, Мэҥэ Алдан төрүт олохтоохторо, аймахтыы Андросовтар уонна Комиссаровтар дьиэ кэргэттэрэ оҕолорун, сиэннэрин сайыҥҥы каникулга тиэргэннэригэр мунньаллар. Комиссаровтар: Юрий Юриевич уола Спартак Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 6 кылааһыгар, Азия Юриевна уола Юра 8 кылааска үчүгэйдик үөрэнэллэр. Сайын ахсын төрөппүттэрэ сылдьыбыт «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьаллар, сынньаналлар, үлэҕэ үөрэнэллэр. Андросовтар сиэннэрэ үксүлэрэ Дьокуускай куоракка олороллор уонна үөрэнэллэр. Людмила Петровна уонна Семен Прокопьевич улахан уолларын Петр уола Дамир быйыл иккис сылын лааҕырга үлэлээтэ. Кыра уолларын Михаил кыыһа Айсаана былырыын кэлэн лааҕырга үлэлээн-сынньанан барбыта. Улахан кыыстара Евгения кыыһа Дайаана быйыл Чурапчыттан, кыра кыыстарын Агафия уола Даниил иккис сылын кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Былырыын Ирина Прокопьевна сиэнэ Софа Дьокуускай куораттан кэлэн үлэлээбитэ. Александра Прокопьевна сиэннэрэ: Алена оҕо эрдэҕиттэн лааҕырга үлэҕэ үөрэнэн, улаатан салгыы үөрэнэ сылдьар. Артур, Диана, Карина сыл ахсын лааҕырга үлэлии, сынньана кэлэллэр. Бастакы ааны аһааччынан Диана буолар. Быыкаайкаан кыыс эбэтигэр күүлэйдии кэлэ сылдьан лааҕырга кэлбитигэр соһуйбуппут. Билигин олох уопуттаах үлэһит кыыс, аймахтарын арааһа барыларын сүбэлээн аҕалар быһылаах. Оҕолор удьуордарын батан бары сүрдээх сүрэхтээх үлэһиттэр, кыһамньылаахтар, кэпсээннээх-ипсээннээх бэһиэлэй оҕолор буолаллар. Кинилэр элбэх табаарыстаннылар, куруук аймаҕынан бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр, өйдөһөллөр. Лааҕыр иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар, дьиҥнээх үлэ оскуолатын манна төрүттэрин дойдуларыгар булбуттара хайҕаллаах суол. Маннык аймаҕынан үлэһиттэр династиялара дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитииттэн саҕаланар, оҕолор элбэххэ үөрэнэн, уһуйуллан олоҕу сыаналыыр буола улаатыахтара дии саныыбын.
Лааҕыр туруу үлэһитэ Арылхан Егоров
Арылхан Егоров Мэҥэ Алдан орто оскуолатын төрдүс кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Кини улаатан, бэһис кылааска тахсарыгар, улааттым, үлэҕэ үөрэниэм этэ диэн туран быйыл сайын «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар баҕа өттүнэн киирбитэ. Кинини өйөөннөр аҕалаах эбэтэ эрдэттэн тэрийэн, үлэлииргэ бэлэмнээбиттэр. Үлэ таҥаһа, ирдэниллэр хортуус, маҕаһыынтан саҥа тээпкэ атыылаһан, сытыылаан биэрбиттэр. Лааҕыр аһыллыаҕыттан Арылхан күн аайы эбээһинэһин курдук сарсыарда оскуола таһыгар баар буола түһэр. Үлэтигэр хойутаабат, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, баһаатайдар тылларын куруук истэр. Оскуола оҕуруотун сирин көрүүгэ-харайыыга, сибэккилэргэ уу кутуутугар Арылхан сүрүн көмөлөһөөччү. Кини үлэҕэ үөрэммит кистэлэҥэ-талаана кини удьуоруттан бэриллибит. Мэҥэ Алдан дьоно-сэргэтэ үлэһиттэринэн биллэллэр. Ол курдук, оҕолорго оҕуруот биригээдэтэ 1957 сыллаахха тэриллибитэ. Эбэтэ Анна Семеновна оҕо сылдьан оҕуруокка үлэлээбит. Аҕата Сергей Васильевич оскуолаҕа сылдьан балтынаан Ларисалыын сайын ахсын лааҕырга үлэлээн, сынньанан оҕо саастара ааспыта. Билигин бэйэлэрэ ыал ийэтэ, аҕата буоланнар оҕолорун үлэҕэ иитэллэр-такайаллар. Сергей Васильевич оҕуруот үлэтин таһынан, тутуу биригээдэтигэр үлэлээбитэ. Билигин үлэһит бэрдэ, сатаабатаҕа диэн суоҕун кэриэтэ. Мээнэҕэ этиллибэт өс хоһооно бааллар: «Ким үлэлиир — ол аһыыр», «Үлэттэн өлөн-охтон биэрбэккин». Кырдьык даҕаны, норуот сөпкө хоһуйан этэр эбит, ким үлэлиир — ол дьоллоох. Арылхаҥҥа инникитин сылын ахсын лааҕырга сылдьарыгар, сөптөөх суола арылыннын, үөрэҕэр ситиһиилэри, эппиэтинэстээх киһи буола улаатарыгар баҕарабын.
Уол оҕону иитии кистэлэҥэ
Хаһан баҕарар норуот педагогиката этэринэн, оҕо аан бастаан олоххо үөрүйэҕи төрөппүттэриттэн ылар. Хас биирдии дьиэ кэргэн туспа олоххо көрүүлээх. Ону тугу чорботон, туохха туһаайан, хайдах иитэриттэн оҕо инникитэ улахан тутулуктаах. Биһиги Мэҥэ Алдаммытыгар элбэх уол оҕону атаҕар туруорбут дьиэ кэргэн элбэх. Ол курдук, Васедора уонна Альберт Неймоховтар түөрт уол оҕону иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар биир-биир атаартыыллар.Аҕа баһылык Альберт Иванович сыспай сиэллээҕи иитиигэ ураты дьоҕурдаах сылгыһыт, бааһынай хаьаайыстыбалаах, күн күбэй ийэ Васедора Маевна өр сылларга «Кыымчаан» уһуйааҥҥа иитээччинэн, кэлин олохтоох балыыһаҕа үлэлиир. Улахан уол Айсен Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 2009, Евгений — 2011, Дьулус — 2021 сылларга ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. Мурун бүөтэ кыра уол Ньургун быйыл ахсыс кылааһы бүтэрдэ. Уолаттар этэҥҥэ оскуола кэнниттэн талан ылбыт үөрэхтэригэр үөрэнэн идэ ылбыттара. Айсен Забайкальеҕа горнай колледжы бүтэрэн, идэтинэн «Анаабыр алмаастара» АО үлэлиир, кэргэннээх, икки оҕолоох. Евгений Дьокускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын бутэрбитэ. Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа, сахалыы биллэр киинэлэргэ сүрүн оруолларга оонньуур, кэргэннээх, түөрт оҕолоохтор. Дьулус быйыл Намнааҕы педколледжы ситиһиилээхтик бүтэрэн алын кылаас учууталын идэтин баһылаата. Уолаттар бары, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр «Көмүс гектар», «Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар сайыҥҥы каникулга көтүппэккэ үлэлээн, сынньанан кэлбиттэрэ. Бары үлэһиттэринэн аатыран хайҕал суруктарынан куруук наҕараадаланаллара, төрөппүттэрин үөрдэллэрэ. Сэмэйдэрэ, эппиэтинэстээхтэрэ, дьулуурдаахтара оччолортон көстөрө. Ол иһин да буолуо, киһи бэрдэ буолан тахсыахтара. Этэҥҥэ эрэ олордуннар, олохторо иннилэригэр. Кыра уол Ньургун убайдарын туйахтарын хатаран быйыл үһүс сылын лааҕырга үлэлиир. Уол уопутуран, олох элэҥҥэччи үлэлиир, кимтэн да хаалсыбат. Онон Неймоховтар дьиэ кэргэн уол оҕону иитии кистэлэҥин үллэстэннэр, уол оҕону үлэнэн иитии улахан суолталаааҕын этэллэр. Хас биирдии дьиэ кэргэн бэйэтин оҕотугар иитии араас ньыматын туһанар. Ол гынан баран саамай ордук ньыманан оҕону үлэнэн иитии буолар дии саныыбын.
Татьяна Ордахова, Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын дириэктэрэ.