Оҕо сааспыт сырдык суолдьута 

Биһиги Мэҥэ-Алдан орто оскуолатыгар үөрэнэр кэммитигэр начаалынай кылааска ырыа уруогун Зоя Степановна Чирикова үөрэппитэ. Учууталбыт Зоя Степановна олус элбэх ырыаны билэрэ. Дуоскаҕа ырыа тылын кыраһыабайй буочарынан суруйбутун, тэтэрээппитигэр устан ыларбыт. Үксүн нууччалыы тыллаах ырыалары толорорбут. Биир уруокка «Мой адрес Советский Союз» диэн ырыа хос ырыатыгар «мой” диэн тыл биир эрэ киһи дойдутун курдук иһиллэр, Сэбиэскэй Соз барыбыт дойдубут диэн “наш” диэн тылга уларытан ыллаппыта. Ырыа уруогун олус сөбүлүүрбүт. Уруок саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы ыллыыр буоламмыт, сүргэбит көтөҕүллэрэ. Учууталбыт чуор куолаһа ыраахха дылы дуорайара.

Сайын аайы оскуола үөрэнээччилэрэ «Кыһыл көмүс гектар” лааҕырга үлэлиирбит. Лааҕырбыт начальнига Зоя Степановна бастакы смена аһыллыытыгар барыбытын мунньан этэрээттэргэ араарара. Зоя Степановна хас биирдии оҕону аатынан, ханнык этэрээккэ баарын барытын билэрэ. Оҕолорго наһаа истиҥ ураты сыһыаннааҕа. Лааҕырбыт базата хатыҥ чараҥ быыһыгар кэрэ да миэстэҕэ турбута. Смена аайы 70-80-ча оҕо буолара. Республика араас оройуоннарыттан оҕолор эмиэ үлэлии кэлэллэрэ. Этэрээттэр икки ардыларыгар күрэхтэһии ыытыллара. Күнүс бааһынаттан үлэлээн кэллэхпитинэ, уопсай линейка буолара. Этэрээттэр хамандыырдара  лааҕыр начальнигар рапорт биэрэллэрэ. Смена аһыллыыта биир туспа бырааһынньык этэ. Бары аалай кыһыл хаалтыспытын баанан, маҥан ырбаахыбытын кэтэрбит. Этэрээттэр пионерскай горн, барабаан тыаһынан хааман киирэрбит. Лааҕырбыт былааҕа күөрэччи тэлээрэн тахсара. Минньигэс астаах күнүскү аһылык кэнниттэн баһаатайдарбыт араас күрэхтэһиилэри ыыталлара. Ордук сөбүлээн пионерболу оонньуурбут. Сылаас уулаах Алдан өрүс кытыытыгар ыытыллар Нептун быраһаанньыгын ордук сөбүлүүрбүт. Лааҕырбытыгар икки сыл устата Монголия студеннара ыалдьыттаабыттара. Оҕолорго значок, открытка бэлэх ууммуттара.

Биир дьыл лааҕыр начальнига Зоя Степановна кэпсэтэн, “Заря” теплоходунан Амма кытылыгар (билигин Нулевой) биир хонуктаах бохуокка барбыппыт. Бары рюкзак, балаакка тутуурдаахпыт. Этэрээттэринэн арахсан “Зарница”, чехарда, пионербол оонньообуппут, киэһээ кутаа тула пионерскай ырыалары ыллаабыппыт. Баһаатайдарбыт барытын хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Бары биир иллээх дьиэ кэргэн курдук этибит. Улахан саастаах оҕолор кыралары куруук көрө-харайа сылдьаллара. «Ийэбит” куруук үөрэ-көтө сылдьар Зоя Степановна түбүгэ баһаам буолара. Ол бохуот оҕо сааспыт биир саамай умнуллубат  түгэнэ этэ. 

1989 с. Мэҥэ-Алдан уонна Кириэс Халдьаайы орто оскуолаларын үчүгэй үөрэхтээх үөрэнээччилэрэ Өлүөнэ остуолбаларыгар күүлэйдээн кэлбиппит. Салайааччыларынан Зоя Степановна уонна Николай Николаевич Туласынов анаммыттара.“Россия” теплоходка республика араас муннуктарыттан мустубуппут.Культурнай программата бэркэ толкуйдаммыт этэ. Саха сирин кэрэ миэстэтигэр Өлүөнэ очуостарыгар тахсаммыт дуоһуйа сынньаммыппыт. Теплоходунан Өлүөхүмэ куоратыгар тиийэ устубуппут. Бэйэбит саастыылаахтарбытын кытта билсибиппит. Салайааччыларбыт Зоя Степановна, Николай Николаевич оҕо-аймах кутун туппут дьон буолан, тэбис-тэҥҥэ биһигинниин сылдьыбыттара. 

Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбитигэр үтүө санаалаах, сымнаҕас майгылаах учууталбыт Зоя Степановна Чирикова оҕо сааспыт чаҕылхай күннэрин бэлэхтээн ааспыт эбит. Кини сырдык мөссүөнэ куруук сүрэхпитигэр тыыннаах.

 

Лена Слепцова.