Норуот сомоҕо күүһэ — улуу күүс

2005 сылтан сэтинньи 4 күнүттэн биһиги дойдубутугар Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күн ис-иһин өҥөйдөххө, баай историялаах, дириҥ суолталаах. Хас да үйэни нөҥүөлээн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри уларыйан-тэлэрийэн кэллэ.

Сомоҕолоһуу күнүн төрдө-төбөтө XVI үйэ саҕаланыыларыттан силистэнэр. Билигин дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа, Кыһыл болуоссакка Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай диэн историческай дьоҥҥо пааматынньыктар бааллар. Бу дьон бэйэлэрин кэмнэригэр 1612 с., отуччалаах эрэ эрдэхтэринэ, норуот күүһүн түмэн, Арассыыйаны Польша халабырдьыттарыттан босхолообуттара. Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Рюриковичтар династиялара мөлтөөбүтүн кэннэ, Арассыыйаҕа бутуурдаах кэмнэр бүрүүкээбиттэрэ, Москваны поляктар баһылаан олорбуттара. Ол курдук, I Лжедмитрий: “царевичпын”, — диэн сымыйанан этэн, норуоту албыннаабыттара. Итиэннэ Польша сэрииһиттэрэ саба түһэн, дойдуга улахан охсууну оҥорбуттара. Ити курдук күннээн-күөдэхтээн сырыттахтарына, Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай дойдуну өстөөх саба түһүүтүттэн босхолуурга чудотворнай Таҥара ийэтин Казанскай иконатын туппутунан, бэйэлэрин тула норуоту түмпүттэрэ. Уопсайа уонча тыһыынча саллааты, үс тыһыынча кэриҥэ хаһаагы, тыһыынчаттан тахса саалаах охчуттары, бааһынайдары мунньан поляк, литва, швед халабырдьыттарын самнарбыттара. Сэтинньи 4 күнүгэр норуот өстөөхтөрө бэриммиттэрэ, дойдуну босхолообуттара.

Ити күнү кэриэстээн: “Итэҕэл күүһэ кыайыы өрөгөйүн аҕалла”, — диэн махтанан Пожарскай кинээс бэйэтин харчытыгар Кыһыл болуоссакка Казанскай собор туттарбыта (бу собор билигин да баар). Дьэ ити кэмтэн саҕалаан нууччаларга православнай итэҕэл уонна норуот сомоҕолоһуута күүһүрбүтэ. Норуот түмсүүлээх, эйэлээх буоллаҕына ханнык да ыарахаттары этэҥҥэ туоруурун бу история кэрчигэ кэрэһэлиир. Ол да иһин ханнык да кэмҥэ норуоту түмэр сыалтан дойду үрдүнэн сомоҕолоһуу күнүн чорботон бэлиэтииллэр.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ — дириҥ историческай уонна духуобунай суолталаах бырааһынньык — Арассыыйа олохтоохторун сомоҕолоһууларын, төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ, дириҥ ытыктабылы, истиҥ тапталы үөскэтиигэ туһуланар.

Клавдия Мексярова, геология бэтэрээнэ

Билигиҥҥи кэмҥэ анал байыннай эппэрээссийэ буолар кэмигэр Арассыыйа регионнара бары биир сомоҕо буолан киирсэллэр, уоттаах сэриигэ Ийэ Сирбитин көмүскүүллэр. Арассыыйа дьоно тугу кыайарбытынан көмөлөһө олоробут. Ким эрэ дроннары, снарядтары тохтоторго, иилиһиннэрэн кэбиһэргэ бэрт туһалааҕын сэрии хонуутугар көрдөрбүт тэриллэри, илимнэргэ хагдарыйбыт, эбэтэр чээлэй күөх от дьүһүннээн матырыйаалтан кырыйан мас сэбирдэҕэр майгынната дьүһүннээн сатабыллаах тарбахтарынан бииртэн биир илимҥэ сөрүү өрдөр өрөн кээһэллэр. Бу өрө олорон истэригэр алгыс тылларын этэннэр сүрэхтэрин сылааһыттан арчылаан ыыталлар. Өтөр буола-буола быыһын быспакка илимнэр Дальневосточнай уокурук байыастарыгар тиийэ тураллар.

“Спицназ” наскы, бэргэһэ баайааччылара тохтоло суох наскы, бэргэһэ баайан илиилэрин сылааһын, алгыстарын, тапталларын иҥэрэн ыытан көмөлөһө олороллор. Норуоттар Сомоҕолоһууларын биир көстүүтэ буолар эбээт, кинилэр сыралаах үлэлэрин түмүгэ!

Араас наадалаах техника, таҥас-сап, аһылык тиһигин быспакка ыытылла турара хайҕаллаах дьыала буоллаҕа дии.

Билиҥҥи кэмҥэ норуот барыта, биирдиилээн коллектив, дьиэ кэргэн, бары биир сомоҕо буолан үлэлээтэхпитинэ, үөрэннэхпитинэ, сайыннахпытына тугу барытын кыайыахпыт. Норуот сомоҕо күүһэ — улуу күүс!

Светлана Винокурова, учуутал, общесвтеннай кэррэспэндьиэн

Урут сэбиэскэй кэм саҕана Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сэтинньи 7-8 күннэригэр бэлиэтиир этибит. ССРС ыһыллыбытын кэннэ ол сабыытыйа үтүө өттө өлбөөрдө, дойдубут бэлитиичэскэй эрэсиимэ бэрдэ суох этэ диэн ити күннэри бырааһынньык быһыытынан бэлиэтиирбит тохтообута. Ол оннугар 1612 с. Арассыыйа дьылҕата быһаарыллар күннэригэр норуот сомоҕолоһон, саа-сэп тутан, тастан кэлбиттэртэн босхоломмут күнүн булан таһаарбыттара. Урукку өттүгэр аахайыллыбатах буолан, саастаах дьон уларыйа охсон соччо билбэт сабыытыйаларын уруйдуу-айхаллыы охсоллоро, биллэн турар, ыарахан. Арыый атын историяны үөрэппит, атын сыаннастары өрө туппут дьон буоллахпыт. Ол гынан баран 1612 с. сомоҕолоһуу суолтата сүдү.

Николай Ефимов, общественник

Бу тыҥаан турар кэмҥэ хаһааҥҥытааҕар да түмсүүлээх, норуот омугуттан тутулуга суох сомоҕолоһуох эрэ кэриҥнээх. Тоҕо? Россия сирин баайыгар ымсыыран, араас итэҕэллээх омуктары утарыта туруора сатааһын бара турар. Ол мэктиэтинэн Украинаны кытта уодаһыннаах сэрии. Маны сытыырхатар сыаллаах дойду экономиятын таһыттан тууйан самнара сатааһын барбыта хас сыл буолла. Олимпиада политическай аренаҕакубулуйуута. АХШ соҥнооһунунан кирдээх политика бу хайысханан ыытыллар. Аан дойду таһымыгар наруоттар икки ардыларыгар ыытыллар спортивнай, культурнай күрэхтэргэ Россия кыттар бырааптарын араас биричиинэлэринэн хааччахтааһын күннэтэ барар. Түмүктээн этэххэ хаһааҥҥытааҕар да түмсүүлээх буолан хас биирдиибит таһаарыылаахтык, эппиэтинэстээхтик үлэлиэх-хамсыах кэриҥнээхпит. Араас хайысханан ыытыллар хара дьайдаах политикаҕа киирэн биэриэ суохтаахпыт дии саныыбын. Барыта этэҥҥэ буолуохтун. Бу тыҥааһыннаах кэрчик кэмнэри этэҥҥэ туораан, сайдыы суолугар киирэргэ бигэ эрэлбитин хаһан да сүтэримиэҕин!!!

Лена Слепцова