Нэһилиэктэргэ Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтээтилэр

Сомоҕолоһуу күнүн дьон-сэргэ нэһилиэктэринэн бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр.

Светла Попова, Ыҥаа нэһилиэгин култуура киинин салайааччыта:

Ыҥаа нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. Олохтоохтор түмсэн сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, эҕэрдэ кэнсиэри дуоһуйа көрөн, уруккуну-хойуккуну санаһан-ахтыһан сэһэргэстилэр. Тэрээһини Лена Филиппова салайан ыытта. Олохтоох библиотекарь Наталья Гаврильевна ыыппыт оонньууларыгар ахтыыбынай кыттыыны ылан кыайыылаахтар бириис ылан үөрдүлэр-көттүлэр.
Тэрээһин урукку ырыа доҕуһуолунан үҥкүүнэн-битиинэн түмүктэннэ.

Роман Тырахинов, Н.И.Колодезников аатынан Мэҥэ-Алдан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта

Мэнэ-Алдан нэһилиэгэр «Сомоҕолоһуу — норуот күүһэ» диэн тэрилтэ үлэһиттэрин эҕэрдэ кэнсиэрэ буолан ааста. «Кыымчаан» оҕо уһуйаанын, Е.П. Неймохов аатынан орто оскуолатын, П.П. Колодезников аатынан оҕо искусство оскуолатын, амбулаторнай балыыһатын, П.Е. Саввин аатынан спортзалын, Н.И. Колодезников аатынан нэһилиэк култууратын дьиэтин коллективтарын, «Иэйии» хомус ансаамбылын уонна «Туой — Кут» фольклорнай бөлөҕүн (сал.Мария Максимова) кыттыылаах холбоһуктаах кэнсиэри көрөөччүлэргэ бэлэхтээтилэр. Кэнсиэри олохтоох дьаһалта специалистара Уруйдаана Дарбасова, Эрхан Саввин иилээн-саҕалаан ыыттылар.

 

 

 

 

Лена Слепцова