Музыка эйгэтигэр. Эдэр исписэлиис Богдан Эверстов

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт — эдэр уһуйааччы, билигин Хаандыгаҕа айымньылаахтык үлэлии сылдьар Богдан Эверстовы кытта билсиҥ.

Кини Хаандыгаҕа Оҕо айымньытын киинигэр иккис сылын үлэлиир. Богдан ыллыы үөрэниэн, музыка кэрэ эйгэтигэр холонуон баҕалаах оҕолорго «Хас биирдии киһи ыллыан сөп» диэн кружогу  салайар. Манна араас саастаах, ыллыан баҕалаах оҕолор мустан ырыа эйгэтигэр үөрэнэллэр. Үгүс кэнчээри ыччат талба талаанын арыйан, Богдан оҕолор куолас­тарыгар барсар ырыаны талан, утумнаахтык дьарыктыыр.

Богдан, эйиигин олус көхтөөх, аныгы кэм уһуйааччытын быһыытынан көрөбүн. Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсээ, сэһэргээ.

1994 с. Сунтар улууһу-гар күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым, оскуола кэмнэрим Нам оройуонугар ааспыта. Ийэм Надежда Васильевна Чокурдаахха, Аллайыаха оройуонугар, ИДьМ начальнигын солбуйааччытынан үлэлиир. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Анна Намҥа Култуура дьиэтигэр юрист.

2012-2013 сс. Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэммитим. Аармыйа кэннэ дьонум суолларын батыһан, Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар юрист идэтигэр үөрэнэн, кыһыл дипломунан бүтэрбитим. 2018 сылга үөрэхпин бүтэрээт, «Азия» кинотеарга контролерунан, атыыһытынан түөрт сыл үлэлээбитим. Эдэр киһиэхэ, ордук харчы өттүнэн, куоракка олорон үлэлиир ыарахан этэ. Уопута суох киһини үчүгэй хамнастаах үлэҕэ мээнэ ылбаттар. Ити санааттан улуус­ка тахсан үлэлииргэ санаммытым. Ковид кэннэ туох эмит атын идэни саҕалыахха диэн санаа киирбитэ. Онон Намҥа киирбитим. Биир күн маай бырааһынньыгар «Өйдөбүнньүк чүмэчи» уура сылдьан, үөрэммит педагогическай коллеһым учууталларын көрсүбүтүм. Эн ыллыыр этиҥ диэннэр колледжка музыка салайааччытынан  үлэ баар диэн ыҥыраллар. Онон колледжка киирэн түөрт ый үлэлиибин. Эдэр буоламмын, устудьуоннарга биэрэр билиим тэҥнэһэр эбит диэн санааттан уурайбытым.

Өрүү айар, тэрийэр үлэҕэ талаһарым, наар олох үөһүгэр буолуохпун баҕарарым. Музыка өттүгэр барар буол­лахпына, оҕолору кытта үлэлиэхпин баҕарабын диэн санааҕа кэлбитим. Этэргэ дылы, сүрэҕим, санаам туохха сытарынан диэххэ.

Сайын табаарыспын Александр Попову көрсүбүтүм. Кини Хаандыгаҕа Оҕо айымньытын киинигэр «Робототехника» кружогар үлэлиир этэ. Кини биһиэхэ ырыаҕа оҕолору дьарыктыыр үлэ миэстэтэ баар диэн ыҥырбыта. Онон күһүн барар эбиппин диэн тута сөбүлэспитим.

Оҕолору кытта үлэлиир хайдах эбитий? Бу сыллар усталарыгар туох эмэ санаа үөскээтэҕэ дии…

Бастатан туран, эппиэтинэстээх. Музыка эрэ өттүгэр буолбакка мин иитэр-үөрэтэр оҕолорбун кытта доҕордуу сыһыаны олохтуу сатыыбын. Кинилэр – миэхэ, мин кинилэргэ итэҕэйсэрбит курдук сыһыаны үөскэтэбин. Өссө наар аһаҕастык кэпсэтэбин, туох эмэ кыһалҕа үөскээбит буоллаҕына, көмө-тирэх буола сатыыбын, сүбэлиибин. Оччоҕуна оҕолору кытта өйдөһүү тахсар эбит, үлэлииргэ да чэпчэки буолар. Куруһуокпар саамай кыра иитиллээччи биэс саас­таах. 20-тэн тахса оҕо сылдьар.

Эбэн эттэххэ, билигин аныгы оҕолор сайдалларыгар усулуо­буйа бөҕө баар. Бииртэн биир саҥа бырайыак, куйаар ситимигэр былаһаакка үөскээн иһэр. Оҕолор бэйэлэригэр бүгэн хаалбакка, сайдыы суолун тобулаллар, билиилэрин-көрүүлэрин чиҥэтэ сылдьаллар. Уһуйааччы кинилэр интэриэстэрин учуоттаан, сөпкө салайан биэрдэҕинэ, эдэр дьон салгыы бэйэлэрэ баран иһэллэр. Маннык оҕо аһаҕас буолар, бэйэтигэр эрэлэ улаатар дии саныыбын. Аҥаардас үөрэххэ эрэ охтубакка, дьоҕурдарын сайыннараллар.

Билиҥҥи үлэҥ туһунан салгыы сырдат эрэ… Быһаччы үөрэнээччилэри кытта үлэлиир буоллаҕыҥ? Эйигиттэн туох ирдэнэрий?

Былырыын куруһуок хайысхата музыка, видео оҥоруута буоллаҕына, быйыл «Хас биирдии киһи ыллыан сөп» диэн бэйэм программабын киллэрдим. Бастатан туран, оҕолор сөпкө тыынар гимнастикаҕа, ыллыах иннинэ куолаһы кичэллээхтик эрчиллэргэ, үөрэнэллэр. Үксүгэр, бу саамай наадалаах куолас тренировкатын сыыһа тутталларыттан, сөпкө дьарыктаабаттарыттан куолас эчэ­йиэн, киһи ыллыыр диапазона кэһиллиэн сөбүн быһаарабын. Сыанаҕа тутта-хапта сылдьарга бэлэмнээх буолалларыгар үөрэтэбин. Оройуон иһигэр ыытыллар күрэхтэргэ кыттабыт.

Эрдэ оҕолору кытта үлэлиир үөрэҕим суоҕа, лааҕырга эҥин хаһан да сылдьыбатах буолан, бастакы сылбар ыарахаттар бааллара. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим бары уопуттаахтар, миэхэ сүбэлээн, улахан күүс-көмө буолбуттара.

Билигин элбэх оҕо ырыаҕа дьарыктанара,  тардыһара буоллар соччонон ордук буолуо этэ. «Ырыа — олох аргыһа» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ырыа хас биирдии киһи олоҕор тус-туспа оруоллаах, суолталаах. Ырыа — ускуустуба саамай чараас, сырдык, ыраас көрүҥэ. Ырыа киһини бүөбэйдээн улаатыннарар кэриэтэ эмиэ сүрдээх улахан болҕомтоҕо наадыйар. Ырыаҕа сыһыаным итинник.

Үлэбэр саҥа билиини-көрүүнү ылабын. Ырыаны устууга, куолас оҥорор программаларга саҥа үөрэнэн эрэбин.

Эдэр дьон тыа сиригэр таласпат дииллэрэ төһө оруннааҕый?

Мин санаабар, билиҥҥи ыччат олох атын толкуйдаах. Интернет нөҥүө СММ менеджеринэн, блогерствонан дьарыктаныан баҕарар. Үөрэхтэрин бүтэрээт, идэлэринэн буолбакка, атын хайысханан барар киһи элбэх. Биир кыһалҕанан, саҥа үөрэҕин бүтэрбит исписэлииһи уопутуҥ суох диэн үлэҕэ ылбаттара баар суол. Баҕар, дьиэ кэргэн кыһалҕатынан да, хамнас балаһыанньатынан  да  буолуон сөп. Сорохторго өрөспүүбүлүкэ киинигэр олохсуйар дьиэ-уот, хамнас өттүнэн уустук.

Төрүттэргэр ырыа-һыттар бааллара дуу?

Мин эбэм Христина Макарова ырыаһыт, мелодист, суруйааччы этэ. Ырыа хомуурунньуга кинигэлээх. Ол ырыалара сир-халлаан икки ардыгар сыталлар. Мин бастакы сыалым  эбэм ырыаларын олоххо киллэрии буолар. Ийэм бииргэ төрөөбүт убайа Иван Макаров эмиэ ырыаһыт, мелодист быһыытынан биллэр.

2014 с. аармыйаҕа сулууспалыы сырыттахпына  кулууп арыллыбыта. Онно кулууп үлэһитэ ыллыан баҕалаах дьону көрдүү сылдьара. Мин сөбүлэспитим. Хабаровскай куоракка ыытыллар «Тайна. Талант. Виктория» диэн эдэр ырыаһыттар күрэхтэригэр сүүмэрдиир турга бастакы истиэпэннээх  диплом ылабын.  Онтон финалга кыттан  «Приз зрительских симпатий» номинацияны ылбытым.  Бу бастакы улахан ситиһиим буолар. Манна кыттан баран, мин дьүүллүүр сүбэҕэ буолбакка, дьоҥҥо ыллыыбын, ол аата мин ырыаһыт эбиппин диэн санаа киирбитэ.

Кэлин өссө сайдан,  билигин уруккутааҕар  үчүгэйдик ыллыы­бын дии саныыбын. Миигин ырыаҕа, муусукаҕа ким да үөрэппэтэҕэ. Оҕо сылдьан, дьиэбэр дьонум суоҕар Далаа­на, Лэгэнтэй ырыаларын кис­тээн ыллыыр этим. Ол иһин ырыаҕа наһаа харыстабыллаахтык, чэнчистик уонна убаастабыллаахтык сыһыаннаһабын. Буоллун-хааллын диэн хаһан да оҥорбоппун. Нам коллеһыгар үөрэнэ сылдьан сыанаҕа тахсыбытым. Ол мин  бастакы ырыаҕа хардыым этэ. Билигин санаатахпына уһуйааччым, ол саҕана информатика учуутала, билигин бэйэм курдук музыка эйгэтигэр саҥа саҕалааччы эбит. Бастакы долгуйуу — сыанаҕа тахсыы. Мантан саҕалаан араас куонкурустарга кыттан барбытым. 2016 с. «Туой Хайа» бэстибээлгэ кыттан бастакы истиэпэннээх лауреат аатын сүкпүтүм. Бу ааспыт сыллар усталаах-туораларыгар «Туой Хайаттан» силис анньынан, эстрада чаҕылхай сулуһа буолан тахсыбыт ырыаһыт элбэх. Бу саҕана Сергей Сорокин, Леон кытта сылдьаллара.

Дьиҥэр, киһи барыта ыллыан сөп. «Ээ, мин куолаһым суох, сатаан ыллаабаппын» диэн баран, бэйэтин ис кыаҕын, талаанын иһигэр тутан сылдьар киһи үгүс. Баҕа санаа, бэйэҥ куоласкын сөбүлүү истэ үөрэниэххэ наада.

Мин бастакы учууталым СӨ Үтүөлээх артыыската, ырыаһыта Екатерина Саввинов-Саина буолар. Былырыын Томпоҕо «Саҥа тыын» диэн бырайыагынан кэлэн баҕалаах дьону ырыаҕа үөрэппитэ. Үөрэх түмүгүнэн кэнсиэр туруорбуппут. Сыанаҕа хайдах турарга, тыыны ыларга, куолас араас диапозоҥҥа арахсарын манна билбитим. Түөрт күн иһигэр дьарыктанан бэркэ ыллаабытым дии саныыбын.

Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.

Дьылҕам Хаандыгаҕа сирдээн аҕалбыта эмиэ биир интэриэһинэй. Кэргэним Джулия Эверстова Хаандыгаттан төрүттээх. Дизайнер үөрэхтээх. 2022 сыл ахсынньыга кыыс оҕоломмуппут. Үс сылга үөрэх управлениетын кытта контракт түһэрсэн кэлбитим. Эдэр исписэлиистэргэ биир кэмнээх көмөлтө биэрэллэр. Үс сыл устата дьиэ аҥарын төлүүллэр. Бу эдэр дьоҥҥо олус үчүгэй программа.

Инникигэ туох сыаллаах­хын?

Ырыа эрэ өттүнэн буолбакка, атын өттүнэн эмиэ сайдыахпын баҕарабын. Куоракка үлэлии сылдьан, бэйэбин лидерскай хаачыстабалаах, дьону түмэр, салайар эбиппин дии санаабытым. Инникитин бу хаачыстабабын сайыннаран, дьону кытта үлэлэһиэхпин баҕарабын. Оттон ырыа — мин хоббим, сөбүлүүр дьарыгым. Билиҥҥитэ сүрүн үлэлээх киһибин. Онон, ырыаттан тэйбэппин, ыллыыр­бын олус сөбүлүүбүн уонна сыанаҕа өссө да тахсыам диэн эрэнэбин.

Эдэр дьоҥҥо тугу баҕарыаҥ этэй?

Оскуолаттан саҕалаан оҕолору идэлэрин сөпкө талалларыгар бэлэмниэххэ наада. Харчы эрэ диэҥҥэ охтубакка, бэйэ сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыктаннаххына, ис сүрэххиттэн үлэҕэр кыһалыннаххына, бириэмэни туһата суохха ыыппакка, төһө кыалларынан олоххо көхтөөх буоллаххына — барыта табыллар.

Кэпсээниҥ иһин махтал!

Мария ЗАХАРОВА