Монголияҕа аҕыйах күн

Анекдот: Квартира географиятыттан. …Монголия – антресоль. Туох онно баарын, туох буола турарын ким да билбэт.

Монголия тугунан интэриэһиргэтиэн сөбүй? Биллэн туран, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт Улуу Чыҥыс Хаанынан.

Чыҥыс Хаан уонна сахалар туох эмэ сибээстээхпит дуо? Биһиги, аныгы европалыы үөрэхтээх дьон буолан, история учуобунньугуттан 240 сыл устата монгуол-татаардарга баттана олорбуппут диэх курдук өйдөбүллээхпит. Оччотооҕу дьиҥ сахалар төрүттэрэ көс биистэр истиэп биистэрин кытта сыһыаммыт чуолкай биллибэт быһыылаах. Арай биир учуобунньукка Чыҥыс Хаантан куттанан тэскилээбиттэрэ диэн баара. Уонна оттон  Николай Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» кинигэтин аахпыт дьон суруйааччы сабаҕалааһынын билэллэрэ буолуо: Улуу Киһи бэйэтинэн өбүгэлэрбитин хоту ыыппыт.

Оттон Чыҥыс Хаан феномена киһини эрэ барытын сөхтөрөр. Билигин планета араас муннуктарыттан кини историятын кэрэхсиир, дойдутун илэ көрүөхтэрин баҕарар дьон быыстала суох Монголияҕа субулла тураллар. Биһиги эмиэ ол субурҕаҕа кыттыһарга сананныбыт.

Ону таһынан монгуоллар минньигэс эт-үүт астарын туһунан истэн ымсыырбытым, амсайыахпын баҕарбытым ыраатта. Аны ватсапка хайа эрэ дьахтар ыыппыт аудиота тарҕаммыта. Ис хоһооно – монгуоллар бырабыыталыстабаларын, экономикаларын хайҕааһын. Өҥ-быйаҥ сирдээх Бурятияҕа уонна сиртэн хостонор аата-ахса биллибэт баайдаах Саха сиригэр олох дьадаҥытын,  оттон 5 см. үрдүктээх оттоох, кураайы истиэп сирдээх монгуоллар экономикалара сөпкө аттарыллыбын сырдатар. Өссө суруналыыс София Булчукей Монголия туһунан айанньыттарга анаан сүбэлэрэ оруобуна эмиэ ол кэмҥэ тарҕаммыттара.

Инньэ гынан бэйэбит илэ харахпытынан көрө түөрт буолан, индивидуальнай туур оҥотторон, Монголиялаатыбыт.

Анекдот:

Монголлар маннык абыычайдаахтар үһү. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, аҕата мас олордор. Уол бэрдэ суох киһи буола улааттаҕына, маһы кэрдэн кэбиһэллэр.

Монголияҕа сылдьыбытым. Биир да мас суох.

Бастаан Улан-Удэҕа пуойаһынан тиийдибит. Оттон массыынанан Улан Баатарга айаннаатыбыт. Таможняны ааспыппыт кэннэ, дьэ, саҕаланна ээ, били аудиолаах дьахтар эппит сыһыы-сыһыы тухары сыспай сиэллээх, хонуу-хонуу тухары хороҕор муостаах быыһа суох кэриэтэ субуһуута. Сылгы, ынах, бараан, як, тэбиэн, коза… Интэриниэттэн билбитим сүөһүлэрин ахсаана 71 мөл. тахсыбыт эбит. Россияҕа  70 мөл., онтон Саха сиригэр  500 тыһ. курдук эбит. Ити көтөрү аахпакка. Нэһилиэнньэни ыллахха Россия 143 мөл. тахсар, монгуоллар 3 аҥаар мөл. чугаһаабыттар. Саха сирин билэҕит.

Ити курдук харахпытын сымната айаннаан куораттары да ааһабыт, ыраах маҥан ураһалары (юрталар) да көрөбүт. Истиэп, хайа дойду.

Анекдот: Улан Баатарга массыына навигатора: Иннин диэки баран ис. Икки хонон баран сарсыарда хаҥас диэки хайыһаар.

Сарсыҥҥытыгар София Булчукей сэрэппитин курдук саҕаланна ээ. Уулуссаҕа массыына элбэҕэ, онтон сылтаан оннуттан сыҕарыйбат харыы. Суоппар хойутаата. Биричиинэтэ харыы, аны эбиитин били тэп диэбиккэ дылы, өтөрүнэн буолбатах халаан буолбут эбит, сорох суоллар сабыллыбыттар. Былааннаммытын курдук Чыҥыс Хаан түмэлигэр да, 25 м. үрдүктээх буддизм таҥарата Аволикитешвара статуята баар Гандантэгченлин манастыырыгар да тиийбэтибит. Харыыга хас да чаас турдубут. Дьиҥинэн, сатыы чугас да сир эбит. Бэккэлээтэҕинэ, 20-чэ мүнүүтэнэн түмэлгэ киһи тиийэр. Туристары сүлүү көрүҥэ эбитэ дуу?

Анекдот: Дьахтар географиятыттан. …71 сааһыттан дьахтар Монголия курдук: ааспыт кэмэ элбэх кыайыылаах-хотуулаах, ол гынан баран инникитэ суох.

Ол күн сыылларан айаннаан, Сухэ Баатар болуоссатыгар, Богдо Хаан дыбарыаһыгар уонна Халкин-Голга сэбиэскэй уонна монгуол буойуттара дьоппуоннары кыайыыларыгар анаммыт панорамнай пааматынньыкка сырыттыбыт.

Болуоссакка 1921 с. Монголия өрөбөлүүссүйэтин сирдьитэ Сухэ Баатар акка олорор статуята турар.  Сухэ диэн сахалыы сүгэ диэн эбит. Улан Баатар эмиэ Сухэ Баатар чиэһигэр ааттаммыт. Кыһыл баатыр диэн. Ол иннинэ куорат Өргөө (дьиэ), Их хүрээ, Нийслэл  хүрээ (улахан манастыыр, киин манастыыр) диэн ааттардаах эбит. Бырабыыталыстыба Дыбарыаһын иннигэр Чыҥыс Хаан олорор, колонналар иннилэригэр кини нүкэрдэрэ Мухали уонна Боорчу аттаах пааматынньыктара тураллар.  Аҕатыттан Чыҥыс Хаантан империя былааһын тутан хаалбыт Үгэдэй уонна Юань судаарыстыбатын тэрийбит Хубилай дыбарыас уҥа-хаҥас кытыыларыгар олороллор. Хубилай Хааҥҥа 17 сыл сулууспалаабыт Венеция атыыһыта, айанньыт Марко Поло пааматынньыга болуоссат биир муннугар турар.

Оттон Богдо Хаан дыбарыаһыгар тиийдибит. Кини 8-с Богдо-гэгэн эбит. 1911 сылга  Монголия Кытайтан босхолонор өрөбөлүүссүйэтин салайбыт. 1924 сылга өлүөр диэри хааччахтаммыт бырааптаах монарх эбит. Богдо-гэгэн диэн Тибет буддизмыгар Далай-лама уонна Панчен-лама кэнниттэн үһүс суолталаах улахан титул эбит. Монголияҕа 1640 с. баар буолбут. Богдо-гэгэн буолар оҕону көрдөөн булаллар. Кини өлөн баран атын уол оҕоҕо хаттаан тиллэр эбит. Үксүгэр Тибеккэ төрүүр эбит. Сэбиэскэй Монголияҕа Богдо-гэгэн итэҕэл института бобулла сылдьыбыт. 9-с Богдо-гэгэн 1936 с. булуллубут уонна 1991 с. эрэ официальнайдык билиниллибит. 2012 с. өлөөрү сыттаҕына, аныгыс сырыыга Монголияҕа төрөөр диэн көрдөспүттэр. Көрдөһүү туолбут: онус Богдо-гэгэн Монголияҕа төрөөбүт. Билигин сааһа 7-8  быһыылаах, торуоҥҥа олоро илик.

Богдо Хаан кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы дыбарыастара, храмнар музей буолан тураллар. Биир да тимир тоһоҕото суох мастан былыргы Кытай архитектуратын стилинэн тутуллубуттар. Син Версаль, Петергоф курдук, дойду бастакы киһитэ кэргэнинээн олохторо көстөр. Мас тутуу буолан кэбирэх, намчы эбит. Таҥас-сап, киэргэл, миэбэл, иһит-хомуос, Богдо-тэгэн коллекциятын эриэккэс оҥоһуктара, бэлэх-туһах уонна, биллэн турар, итэҕэлгэ сыһыаннаах мал. Монгуоллар культуралара кытайдыҥы эбит диэн киһи өйдүүр. Итэҕэллэрэ Индияттан кэлбитэ эмиэ ырылыччы көстөр.

Оттон Зайсан комплекса диэн сэбиэскэйдэр уонна монгуоллар доҕордуу дьон буолалларын туоһута мемориалга 300 үктэллээх кирилиэһи дабайан таҕыстыбыт.   Былаахтаах сэбиэскэй саллаат 24 м үрдүктээх бетон шпиль аттыгар турар.  Тула 3 м. үрдүктээх,  23 м. диаметрдаах сэрии түгэннэрин көрдөрөр мозаика ойуулаах ии оҥоһуллубут. Истиэнэ аттыгар монгуол уонна сэбиэскэй буойуннар былааһы көмүскээн хааннарын тохпут сирдэриттэн буор аҕалан кутуллубут уонна ааттара суруллубут. 1921 с. Алтанбулакка үрүҥ генерал Унгерны утары кыргыһыы буолбут. 1922 с. Толбо-нурга үрүҥнэри утары Байкалов-Некундэ, Широких-Полянскай сэриилэспиттэр. 1939 с. Халхин-Гол кыргыһыытыгар Г.К. Жуков полководец быһыытынан карьерата саҕаламмыт. Уонна 1941 с. Брест кириэппэһи көмүскээччилэр хорсун быһыыларын чиэстээбиттэр. Смотровай площадкаттан Улан Баатар ыраахха диэри тилийэ сытар. Үрдүк аныгы архитектуралаах дьиэлэр уонна быыһыгар маҥан ураһалар көстөллөр. Үрдэл анныгар Будда паарката баар эбит. 23 м. үрдүктээх кыһыл көмүс өҥнөөх Будда күн уотугар кылабачыйа турар.

Анекдот: Киевскэй Русь сокуоннай нэһилиэнньигэ Украина эрэ буолар диэн Верховнай Радаҕа сөбүлэспиттэр уонна Чыҥыс Хаан сиэнэ Батый саҕана геноцид ыытыллыбытын иһин компенсацията төлөөҥ диэн Хуралга (Монголия парламеныгар) сурук ыыппыттар.  Монголия бырабыыталыстыбатыгар сөпсөспүттэр уонна ол саҕана эмсэҕэлээбит Украина дьонун толору испииһэгин ыытыҥ диэбиттэр.

эбэтэр

Киевскэй Русь сокуоннай нэһилиэнньигэ Украина эрэ буолар диэн этиини кытта Монголия бырабыыталыстыбата сөбүлэспит уонна 156 млрд АХШ дуолларын, ааспыт сыллар устата хомуллубатах даан төлөбүрүн хомуйан ыыталларын ирдээбит.

Аны Түмэчиин… Улуу Монголия Улууһун төрүттээбит Чыҥыс Хаан…

Киниэхэ анаммыт түмэлгэ гидэ, тылбаасчыта суох сырыттыбыт.  9 этээһи түргэнник үрдүнэн көрдүбүт. Онон олох астымматым. Этээс аайы араас кэм кэрдииһэ көстөр. 3 тыһ. сыл анараа өттүгэр олорбут хунну норуотун историятыттан саҕаланар уонна чингизидтэринэн түмүктэнэр. Арыый билэрдии Каракорум, Кыһыл көмүс Ордуу, Сарай, Калка уо.д.а. географическай объектарга, Түмэчиин дьиэ кэргэнигэр, полководецтарыгар эрэ тохтуу түстүм. Түмэл 2022 с. Чыҥыс Хаан 850 сааһыгар аһыллыбыт. 12 тыһ. экспонаттаах. Онтон 93% оригинал.

Биир күн Улан Баатар таһыгар таҕыстыбыт. Цонжин Болдог диэн сиргэ акка олорор Чыҥыс Хаан саамай улахан пааматынньыгар тиийдибит. Үһүйээн быһыытынан манна улуу сэрииһит кыһыл көмүс кымньыыны булбут. Оччолорго кини ойоҕун Бөртөнү уорбут мэркииттэри кытта сэриилэһээри кыттыгас көрдөөн испит эбит. Ити күнтэн кини кыайыылаах-хотуулаах олоҕо саҕаламмыт. Монумент көстүүтэ: ат үрдүгэр кымньыыны туппут Чыҥыс Хаан илин, төрөөбүт сирин диэки көрөн олорор. 2008 с. аһыллыбыт сүдү тутуу. Статуя үрдүгэ 40 м. Постамена 10 м. икки этээстээх төгүрүк дьиэ. 36 хаан бэлиэтэ 36 колонналаах. Иһигэр галерея, хунну кэмин музейа, ресторан, лааппы уо.д.а. бааллар. Киирэ түһээт улахан да улахан гутаалга (монгуол саппыкытыгар) хараҕыҥ иҥнэ түһэр. 9 м. үрдүктээх, 6 м. уһуннаах, 2 м. кэтиттээх атах таҥаһын оҥоһуутугар 225 оҕус тириитэ, 120 кв. м. боолдьох, 4500 м. быа, 180 кв. м. холуста, 13 куб. м. мас, 300 л. килиэй барбыт. Аны 2 м. уһуннаах кыһыл көмүс кымньыы көстүүгэ турар. Оттон кирилиэһинэн эбэтэр лиибинэн үөһээ смотровой площадкаҕа тахсаҕын. Онтукабыт Чыҥыс Хаан атын төбөтүгэр оҥоһуллубут. Тула нэлэмэн истиэп, хайалар. Биһиги харахпыт көрө үөрэммэтэх кэрэ көстүүтэ.

Монумент тула 13-үс үйэ олоҕун көрдөрөр паарка тутулла турар эбит. Онно тиийэн тэбиэннэри мииннибит, хотойдору илиибитигэр тутан хаартыскаҕа түстүбүт, үөрдүбүт, астынныбыт.

Төннөн иһэн Горхи-Тэрэлж диэн национальнай пааркаҕа сырыттыбыт, Чарапаахы уо.д.а. таастары көрдүбүт.

Анекдот:

Монголияҕа Муора флотун министиэристибэтин аһарга санаммыттар. Москва соһуйбут:

Тоҕо? Муораҕыт суох дии.

Буоллун. Эһиэхэ культура министиэристибэтэ баар дии.

Дьэ, кырдьык, монгуоллар омук быһыытынан уратыларын илдьэ сылдьаллар эбит. Астара – эт талбыта: ынах, сылгы, бараан, тэбиэн уо.д.а. Гарнира суох эбэтэр олох кыра. Сахаларга – ырай. Айанныахпыт иннинэ Монголияҕа сурок этин сиэн биир киһи бубоннай чуманан ыалдьыбыт диэн СМИ кэпсээбитэ. Онон сурок этин сиэбэппит дэһиспиппит.

Порция улахан. Биир бүлүүдэнэн ыгыччы тотоҕун. Бууза, хушуур, мииннэрэ олох киһи сатаан эппэт минньигэстэр. Кымыс ылан амсайбыппыт эмиэ биһиэниттэн олох атын, ураты үчүгэй.

Россияҕа төннөн, таможняны туораабыппыт кэннэ монгуол суоппарбыт: “Мантан ыла мокоруоҥҥутун сиир буоллаххыт”, — диэбитин өйдөөн кэлэбин.

Атыы-эргиэн чааһын эттэххэ, барыта сол иитэр кыылларын тириититтэн, түүтүттэн: кур, бэрчээкки, саппыкы, таапачыка, суумка, сон, куурка, дубленка, кашемиртан таҥас арааһа, наскы, үтүлүк, боолдьохтон оҥоһуктар, тэбиэн түүтүттэн итии таҥастар, суорҕан… Аны сакалааттарын хаачыстыбата олус үрдүк.

Гостиницалара Европа, Кытай киэннэригэр тиийбэттэр дии санаатым.

Улан Баатарга тутуу бөҕө бара турар. Сэбиэскэй кэмтэн тахсан эрэллэр диэн көрдүбүт.

Бэйэҥ курдук дьүһүннээх дьону кытта тылынан сатаан өйдөспөтүҥ дьикти курдук. Ол иһин быһыылаах монгуоллары аймаҕырҕыы көрбөтүм. Олох атын менталитет дии санаатым. Генетическай памятым уһуктубата.

Ол да буоллар наһаа интэриэһинэй дойдуга, кыахтаах буоллаххытына, баран кэлиҥ диэн этэбин. Аҥардас Улуу Чыҥыс Хаан инниттэн эбэтэр минньигэс эти дэлэччи сиир баҕаттан. Виза ирдэммэт, кыраныысса таһыгар тахсар пааспар эрэ оҥотторуохха наада.

Светлана Винокурова, Мэҥэ Алдан