Учуутал олоҕун ситимэ-оскуола,
Хас биирдии уруок-кини үлэтин түмүгэ,
Олоҕун күннээҕи түбүгэ
Аан дойдутааҕы Учуутал күнэ — 1966 сыллаахха ЮНЕСКО уонна МОТ (Дойдулар Үлэҕэ тэрилтэлэрэ) учуутал дойдуга туругун туһунан сүбэлэри бигэргэппиттэр. 1994 сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбута. Маны таһынан, үгүс дойдуларга бэйэлэрэ учуутал күннээхтэр. Бу бэлиэ күн Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!» диэн тиэмэҕэ учуутал туһунан санааларын суруйдулар.
Мин бастаан оскуолаҕа киириэхпиттэн ыла син балачча дьыл-хонук ааста. Мин билигин 7-с кылааска үөрэнэбин. Ол да буоллар аан маҥнай оскуолаҕа киирбиппин ырылхайдык өйдүүбүн уонна хаһан да умнубаппын. Учууталым олус үчүгэй уонна мындыр өйдөөх диэн туттына өйдөөбүтүм. саргылаана Анатольевна, саҥа билиини олоххо киллэриигэ эрэллээх көмөлөһөөччү, уопуттаах учуутал.
Мин маҥайгы учууталым туйгун киһи диэн этиэхпин баҕарабын. Оннооҕор бу күҥҥэ диэри кини бэргэн этиилэрин ырылхайдых өйдүүбүн. Кини ордук чорботон үөрэтэрэ, ураты ньымалары туһанара. Биллэн турар, сороҕор Саргылаана Анатольевна кытаанах туругун көрдөрөр этэ. Ол гынан баран, чопчу маннык ньымаларын суотугар кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэхтэрэ да, бэрээдэктэрэ да үрдүк таһымнаах буолара.
Билигин биһигини элбэх учуутал үөрэтэр. Суолбар араас учууталлары көрүстүм. Кинилэр сорохторо кытаанах, үтүө дьон буолалар да , тапталлаах учууталым Саргылаана Анатольевна умнуллубат өйдөбүлбэр хааллаҕа.
Лилия Колодезникова
Мин эдьиийим Данилова марина Прокопьевна. Кини мин эөээм эдьиийэ. Кини ыам ыйын 12 күнүгэр 1948 сыллаахха Мэҥэ Алдаҥҥа күн сирин көрбүтэ. 1967 сыллаахтан учуутал идэтин саҕалаабыта. Кини нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Ан бастаан Кэбээйи улууһугар үлэлээбитэ. Онтон Мэҥэ Алдаҥҥа үлэлээбитэ.
Марина Прокопьевна – уопуттаах педагог, үчүгэй бэлэмнээх. Талааннаах иитээччи. Кини 7 кылааһы таһаарбыта.
Марина Прокопьевна сүҥкэн кылааты оҕо лааҕырыгар киллэрбитэ. Кини сэттэ сыл устата үлэлээбитэ. Кини социальнай педагогунанүµлэлии сылдьыбыта.
Мин педагог аймахтаахпыттан киэн туттабын.
Лана Охлопкова
Ульяна Ивановна Ефимова эбэм бииргэ төрөөбүт балта. Учууталлар учууталлара буолар. Кини 1962 сыллаахха Уус Алдаҥҥа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. 1986 сыллаахха СГУ физика салаатын бүтэрбтэ. Аан бастаан Суотту 18 №-дээх ПТУ-тугар үлэлээбитэ. 1987 сыллаахха Томпо оройуонун Кэскил нэһилиэгэр көһөн кэлбитэ. 1988 сыллаахха «Кэскилчээнэ» уһуйааҥҥа уон сыл үлэлээбитэ. 1998 сылтан эмиэ учууталлаабыта. Оскуолаҕа технология учууталынан уонна оҕо хамсааһынын тэрийээччитинэн үлэлээбитэ. 2002 сыллаахтан, 20 сыл устата, дириэктэрдээбитэ. Билигин Ульяна Ивановна технология учууталынан үлэлиир. Кини оҕолору ас астыырга, тигэргэ уо.д.а үөрэтэр.
Педагог үрдүк аатын сүгэр аймахтаахпыттан киэн туттабын.
Слепцова Марианна
В школе у каждого ученика наверняка были любимые и не очень любимые учителя. И отношение к каждому так же отличается, но это не значит, что кто-то плохой. Разный подход тоже влияет на отношения между старшим и молодым поколением.
Лично моим любимым учителем всегда был учитель английского языка, не толькоиз-за простого подхода к материалу, но и за личные качества, которые сказываются на обучении. Сначала может показаться, что какой-то учитель может быть слишком жесток или наоборот, но за, практически каждой, маской скрывается забота о детях и их обучении, что и относится к моему фавориту среди учителей.
Основные качества, которыми я дорожу и ценю в учителе является: пунктуальность, прямолинейность и честность.
Исходя из этого, я могу сказать, что каждый учитель разный, и каждый учитель заслуживает уважения за такую трудоёмкую и щепетильную работу с детьми.
Александра Шубина
Мэҥэ Алдан оскуолатыгар биир үчүгэй баҕайы учуутал үлэлии сылдьыбыта. Кини аата — Зинаида Ивановна. Оҕолору кытта үөрэ сылдьар, хаһан да кыыһырбат уонна кытаанаҕа суох этэ. Зинаида Ивановнаны оҕолор сөбүлүүллэр аҕай этэ. Кини биһигини үөрэтэр буолан, география уруогун сөбүлээбитим уонна экзаменнарбын үчүгэйдик туттарбытым. Кини суоҕа эбитэ буоллар, география ОГЭ-тын куһаҕан сыанаҕа туттарыам этэ дии саныыбын. Мин санаабар, кинини оскуола барыта ахтар.
Юра Хоноёхов
Учуутал киһи олоҕор улахан суолталаах. Мин санаабар, учуутал буолар олус ыарахан. Учуутал олус элбэх хаачыстыбалаах буолуохтаах: үтүө майгылаах, тулуурдаах, өйдөөх-санаалаах. Үчүгэй учуутал бэйэтин предметин эрэ буолбакка, үөрэнээччилэрин эмиэ таптыахтаах. Кини үөрэтэр уруогун сонуннук интириэһиргэтэр эбээһинэстээх. Учуутал буоларга олус уустук, ол эрээри учуутала суох олорор кыаллыбат.
Яна Хоноёхова
Мин сөбүлүүр учууталым Елена Иннокентьевна. Кини математика учуутала уонна биһиги кылааспыт салайааччыта. Кини биһигини кытта тэҥҥэ оонньуур, биһигини өйүүр. Кини биһиэхэ сайын лааҕырга вожатай буолбута. Кини биһиэхэ көмөлөһөр. Уруокка өйдөөбөтөхпүтүнэ быһааран биэрэр. Елена Иннокентьевна — үтүө, бэһиэлэй уонна биһигини тулуйар. Махтал эһиэхэ биһиэхэ көмөлөһөргүт иһин уонна эн саамай үчүгэй учууталгын!
Томтосов Алексан
Мин санаабар, учуутал диэн- оҕолору ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран үөрэтэн билиини биэрэр, оҕоҕо үтүө сыһыаннаах киһи.
Хас биирдии оҕоҕо атыттартан ордорор арыый чугас учууталлаах буолар. Холобур, мин сөбүлүүр учууталларым: саха тылын уонна литературатын, нуучча тылын уонна литературатын учууталлара.
Саха тылын уонна литературатын Екатерина Егоровна үөрэтэр. Екатерина Егоровна уруокка барытын үчүгэйдик, сиһилиии быһаарар. Кини — үтүө учуутал. Мин урут саха тылын куһаҕаннык билэр этим. Билигин саха тылын үчүгэйдик билэбин диэхпин сөп.
Нуучча тылын учуутала Анна Юрьевна. Кини эмиэ үтүө майгылаах. Нуучча тылын уроугар эмиэ үчүгэйдик үөрэнэбин.
Арина Дарбасова
Учуутал диэн кимий? Учуутал диэн оҕону бу олоххо үөрэтээччи. Холобур, суруйарга, ааҕарга, суоттуурга уо.д.а. Учуутал оҕо олоҕугар сүҥкэн кылаата, оруола инэн эрэ бүппэт. Кини оҕо инники олоҕун суолун сирдээн биэрэр. Учуутал оҕо дьоҕурун таба көрөн арыйар уонна онтукайын сайыннарар. Учуутал — олус убаастанар киһи. Мин санаабар, учуутал идэтэ наһаа ыарахан. Хас биирдии киһи бу идэни талбат. Чахчы бу мин идэм диэн талан, таптаан ылбыт эрэ буоллахтарына таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик үлэлииллэр, айаллар-туталлар дии саныыбын.
Күннэй Кириллова
Ол курдук, хас биирдии киһи учуутал билиититтэн кынат үүннэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр. Учуутал баар буолан, алыптаах муусука эйгэтигэр, уустук ахсаан суотугар, төрөөбүт төрүт тыл умсулҕаныгар эттиин-хаанныын уһуйуллар, уйдарыллар.
АЙГЫЛААНА