Саха сирэ эмтээх үүнээйинэн баай. Салгына ыраас, кураанах буолан ыҥырыа иитэргэ олус табыгастааҕын исписэлиистэр бэрт өртөн бэлиэтииллэр.
Бу салаа барыстааҕын өйдөөн өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо, уурбаанньыттар дьарыгыран ылсан эрэллэр.
Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр олорор Хоноёховтар дьиэ кэргэн – дьоһун-мааны саха ыала. Ыал аҕата – тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Юрий Устинович, ыал ийэтэ – Айталина Михайловна, Мэҥэ Алданнааҕы оҕо искусствотын дьиэтин уһуйааччыта. Түөрт оҕолоохтор, түөрт сиэннээхтэр. Өбүгэ төрүт дьарыгын утумнаан, сылгы-ынах сүөһүнү ииттэллэр, оҕуруот аһын, араас сибэккини, сир аһын дэлэйдик үүннэрэллэр. Ону таһынан, аҕыйах сылтан бэттэх, сахаҕа ураты дьарыгы – ыҥырыа иитиитинэн дьаныардаахтык ылсан үлэлээн эрэллэр.
Айталина мүөттэн, воскаттан бэйэ бородууксуйатын: кириэми, мыыланы, чүмэчини оҥорон таһаарар.
Биһиги Айталинаттан хаһыат ааҕааччыларыгар анаан бэйэ мүөтүн оҥорон таһаарар дьарыгын, бородууксуйатын уратытын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
Уйа иһигэр үлэ күөстүү оргуйар
— Кэргэним Юрий биэс сыллааҕыта ыҥырыа ылан иитэр эбиппин диэбитигэр, олус соһуйа, уолуйа истибитим. Билбэт кынаттаах үөннэрбитин хайдах-туох иитэбитий диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Бастаан саҕалыырбытыгар эрдэ сакаастаһан, Приморьеттан үс уйаны атыылаһан аҕалан дьиэбит таһыгар туруоран ииттибит, биир уйаны контрольнай ыйааһыҥҥа туруоран, хас киилэ эбиллэллэрин көрө-истэ, суруна сылдьыбыппыт. Биир уйаҕа барыта уон тыһыынчаттан отут, түөрт уон тыһыынча кэриҥэ ыҥырыа үлэлиир. От-мас тыллыыта ыҥырыаларбыт үлэ-хамнас бөҕө буоллулар. Биир кэм солото суохтар. Уйа иһигэр олох күөстүү оргуйар. Саамай эппиэтинэстээх кэм бэс ыйа буолар. Сыыһа хамсаныыттан бөлөхтөһөн көтөн баран хаалыахтарын эмиэ сөп, харабылтан саҕалаан дьиэни сууйааччы, сотооччу, «маатканы» (ийэ ыҥырыаны) көрөөччү-истээччи, уйаны ыраастаан баран, «дезинфекциялааччы» диэҥҥэ арахсаллар. «Оҕо көрөөччү» эмиэ баар. Күһүн соталаах араамаларын барытын бэчээттээн кэбистилэр, ол аата сота иһигэр баар мүөттэрин сиппит буоллаҕына восканан хаппахтаан кэбиһэллэр.
Бэйэ мүөтэ
— Аны мүөтү арааран ылар медогонкабыт суох буолан, Ытык Күөлгэ пасекалаах дьоҥҥо мүөт эрийтэрэ айаннаабыппыт. Биһиги тиийдибит да эрийтэриэхпит дии санаабыппыт, үлэтэ хара баһаам буолла. Мүөттээх арааматтан били хаппахтаабыт воскаларын ылыыттан саҕалаан, эрийиигэ диэри барыта быраабыла эбит.
Мүөппүтүн эрийэн, мүөт сыыйыллан түспүтэ үчүгэйиин, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук этэ. «Бу бэйэбит Мэҥэ Алдаммыт отуттан-маһыттан мүөт ыллыбыт дуо?» — диэн үөрүүбүт муҥура суох. Ол курдук бастакы сыл 15 киилэ курдугу ылбыппыт.
Бастааҥыта бу дьарыкка ылсарбытыгар уһук хоту ыҥырыа хайдах сайдарын, төһө наадалааҕын билээри-көрөөрү ииппиппит.
«Ыҥырыа бэйэтэ эйгэлээх, киһини өтө билэр айылҕа оҕото”
— Кыһын иитэргэ улахан уустуктары көрсөр эбиккин. Бастатан туран, биир температураны тутан турар, сиигэ уонна түннүгэ суох эбэтэр түннүгэ хараҥа сабыылаах, кыстыыр дьиэлээх буолуохтаахтар. Кыстатарга ылбыт мүөтүҥ аҥаарын бэйэлэригэр хаалларабыт, саас диэки эбии саахардаах сироп оҥорон аһатаҕын. Элбэх битэмиин наада, кинилэр саас эмиэ ыраллар, ыалдьаллар.
Ыҥырыалар мүөт биэрэллэрэ айылҕа ото-маһа хайдах үүнэриттэн, халлаан туругуттан наһаа тутулуктаах. От үүнэр-үүммэт сайыннаах дии, ыҥырыаларга эмиэ оннук. Буруолаах сайын олох да мэлийэҕин. Үчүгэй дьылга биир уйаттан 10-15 киилэ мүөтү ылыаххын сөп.
Бэлиэтээн эттэххэ: ыҥырыа үйэтэ уһуна суох. Хас биирдии улейга сүүһүнэн ыҥырыа баар, кинилэр баара суоҕа 40-45 эрэ күн олороллор. Онон сай устата хас да көлүөнэ ыҥырыа манна уларыйар. Ийэ ыҥырыа биир күҥҥэ 2000 кэриҥэ сымыыт баттыан сөп. 21 күн сымыыт иһигэр сыталлар. Онтон сымыыттан тахсан баран, уонча күн улей иһигэр үлэлииллэр. Бэйэлэрин төрүөхтэриттэн воскаларынан уйа иһин байыталлар. Онтон салгыы таһырдьа үлэлии тахсаллар мүөт хомуйа.
Сиппит мүөттээх арааманы хомуйарга анал таҥастаах сылдьабыт. Ким сайыны быһа муспут баайын-дуолун босхо биэриэн баҕарыай, оргуйан тахсан тыгаллар. Ыҥырыа туһунан бэйэтэ эйгэлээх, киһини өтө билэр айылҕа оҕото. Киниэхэ ыксыы тиэтэйэ сылдьан киирбэтэх ордук, олус билэр, сэрэйэр-айманар. Олох чуумпу туруктаах, налыйан киириэхтээххин. Саҥаларыттан кыыһыралларын киһи билэр. Дьон эмискэ хамсанарын, куотарын, атын сыты-сымары сөбүлээбэттэр, анал буруо таһаарар тэриллээх киирэбин.
Сир-дойду (баһаар, ууга барыы) алдьанан бааһырбытын, ыҥырыалар түргэнник оһордоллор.
Уһук хоту дойду минньигэс мүөтэ биһиэхэ, Томпоҕо, эрэ баар диэн киэн тутта этиэхпин сөп.
Воскаттан оҥоһуллар бородууксуйа
— Оҕолорбут, сиэннэрбит «Технология производства продукции их отрасли», «Пчеловодство на Северо-Востоке Якутии», «Пасека моей семьи» темаларынан оройуон, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа иһинэн ыытыллар НПК-ларга кыттан, үрдүк ситиһиилэрдээхтэр.
Бастакы бэлэх набордары НПК-ҕа илдьэ баралларыгар мүөт уонна воскаттан чүмэчи оҥорбутум. Чүмэчигэ воск ыларбар бастаан табыллыбатаҕа: «Мне корешки, тебе вершки» диэбит курдук сылы быһа муспут воскаларбыттан мэлийбитим. Бу быйыл үчүгэйдик хасыһан, үөрэтэн воск дьэ ыллым. Восканан чүмэчи эрэ буолбакка, кыралаан маастары, кэлин крем, бальзам оҥорон эрэбин.
Воска туһата олус элбэх, аһаҕас бааска, псориазка, гайморикка, сүһүөх уо.д.а. ыарыыларыгар. Маас оҥорорго былырыын холонон көрбүтүм. Дьон сөбүлээн туттар. Бэйэм ааптарскай кистэлэҥнээхпин, ону көмүскүөхпүн баҕарабын. Инникитин мыыла, чүмэчи уонна крем оҥорон күүскэ ылсан, сайыннарыахпын баҕарабын.
Туохтан крем оҥордун диэтэххэ, мин илиим уонна сирэйим тымныыга, дьиэ кураанах салгыныгар наһаа хатырар. Онон боруобалаан крем оҥостон көрбүтүм. Бэйэбэр соттон көрөн, олус сөбүлээтим. Креммин сарсыарда аайы астына соттобун, суумкабар укта сылдьабын.
Бородууксуйабын Мэҥэ Алдан эрэ иһигэр буолбакка, соҕурууттан-хотуттан тиийэ сакаастыыллар. Билигин сакаас элбэх, холобур аны күһүҥҥүнү билигин үлэһэн саҕалаатылар.
Инники былаан
— Бородууксуйам киһи сүргэтин көтөҕөр аналлаах буолуохтаах буоллаҕа. Кэнэҕэс бу бородууксуйабын кэҥэтэн, атын сыаналаах косметика оҥорооччулар илиилэрин-атахтарын манаабакка, 100% Мэҥэ Алданым отун-маһын сүмэһинин иҥэринэн оҥоһуллубут косметиканы оҥорон таһаарыахпын баҕарабын.
2021 сыллаахха бу саҥа ылсыбыт дьарыкпытын өйөөн оройуоммут баһылыга Яков Степанов харчынан көмө оҥорбута биһиэхэ улахан олук буолбута. Ити сыл уйаларбытын элбэтиннэрэн атыыласпыппыт. Түгэнинэн туһанан Яков Иннокентьевичка улахан махталбытын тиэрдэбит!
Ыра санаа кими-кими туохха-туохха тиэрдибэтэҕэ баарай?! Оттон Айталина: «Киhи сатаабатаҕа диэн суох», – диэн санаалаах.
Мария ЗАХАРОВА