Мин эһэм Сэмэн 100 сааһын туолбутун кэннэ ыйыппытым, ханнык үлэ саамай ыараханый диэн. Онуоха кини: “Сир солооһуна. Бурдук саҥа сиргэ үс сыл үүнэр, онтон үүнүүтэ мөлтүүр. Ол иһин тыаҕа сир солуугун, онно бастаан мас сууллараҕын, ол чөҥөчөк силиһин сүгэнэн быһаҕын. Ол кэнниттэн чөҥөчөгү быанан баайан баран, оҕуһунан тууран кэбиһэҕин. Улахан төҥүргэһи сороҕор оҕус кыайбат, оччоҕуна ол төҥүргэһи уоттаан суох оҥороҕун. Ыарахан үлэ этэ”, – диэбитэ.
Онтон иккис боппуруоспун ыйыттым: “Саамай элбэх бааһына сирин ким солообутай?” “Охлопков Петр Михайлович (Көдьөөн). Кини элбэх сири тыаны солоон бурдук ыһар сири оҥорбута. Ол сирэ билигин ыһыахтыыр парка буолан турар, кинини билигин биир эмит киһи билэр эрэ, суох эрэ. Бэйэтин бириэмэтигэр күүстээх киһи этэ. Төҥүргэһи үксүн илиитинэн туура тардар идэлээҕэ”, – диэн баран эһэм үөһэ тыыммыта.
Тоҕо сир солооһунуттан кэпсээҥҥин саҕалаатын диэн ыйытыкка эппиэттиибин. Былыр биһиги өбүгэлэрбит сир солоотохторуна эрэ дьиэлэрин тутталлар, бурдук ыһаллар, ынахтарга мэччирэҥ, от оттуур ходуһа оҥороллор. Биһиги сирбитин барытын тыа маһа сабардаан үүнэн турара. Билигин хас биирдии алаас, ходуһа өбүгэлэрбит тыаны солоон оҥорбут сирдэрэ. Элбэх көлөһүнү тоҕон, эрэйи көрсөн оҥорбуттара. Бу хаһан, хаһыс үйэҕэ өбүгэлэрбит кэлэннэр Кэриэс Халдьаайыга олохсуйбуттарын билээри мин Инна Иннокентьевналыын үс сыл РГАДА (Российский Государственный Архив Древних Актов) Москва куоракка электроннай почтанан элбэх запрос оҥорбуппут. Инна миэхэ көмөлөспөтөҕө буоллар мин мэлийиэм этэ, электроннай почтанан сурук ыытары кини сатыыр. Мин мэлисээй, билигин да сатаабаппын. Москвалар элбэх боппуруоһу кыайан эппиэттээбэтилэр, наар эһиги бөһүөлэккит аата суох, куруук зимовьеҕа, биирдии өтөхтөрүнэн олорбуттар, дэриэбинэ буолбатах диэтилэр. Хас биирдии ыйытыкка рынок буолан кыра харчы көрдүүллэр. Боппуруостарым элбээннэр, ол көрдүүр харчылара элбээтэ, ыксааммын сөптөөх хоруйу булуо суохпун диэн тохтоотум. Чугастыы Якутскайтан киин архивтан электроннай суругунан биһиги дэриэбинэбит аан бастаан хаһан олохтоммутай диэн ыйыттым. Ол электроннай суругу бэчээттээн ыытарбар библиотека дириэктэрэ Инна эмиэ көмөлөстө. Эппиэт кэллэ, бэйэҥ киирэн көрдөө диэтилэр. Ол иһин архивка быйыл иккитэ киирэ сырыттым. Архив дириэктэрэ: “Эһиги дэриэбинэҕэ Россияҕа биллэр былыргы киһилээххит дуо, эбэтэр историческай памятниктааххыт дуо?” – диэн ыйытта. “Оннук киһи суох, ол оннугар таҥара дьиэтэ баар”, – диэтим. “Оччоҕо дэриэбинэҕит төрөөбүт сылын, аатын, таҥара дьиэтин докуменын бул”, – диэтэ. Ол көрдөөһүнэ эмиэ кыра харчылаах, ону төлөөтүм.
Таҥарабыт дьиэтин аата Алданская Воскресенская церковь. 1852 сыллаахха сэтинньи 1 күнүгэр тутуллубут. Тутууну таҥара үлэһитэ Михаил Матвеев Попов саҕалаабыт.
Ити киһи сахалыы билбэт буолан нэһилиэкпит былыргы аатын Кэриэс Халдьаайыны уларытан Крест-Хальджай диэбит уонна саҥа аатын церковнай докумуоҥҥа киллэрбит. Ол иһин 1852 сыл сэтинньи бастакы күнүттэн нэһилиэкпит аата уларыйан Кириэс Халдьаайы буолбут. Ол аата Кэриэс Халдьаайы хас эмэ үйэ анараа өттүгэр төрүттэммит да, ону туоһулуур, итэҕэтэр докумуон суох эбит. Мин бу саас нэһилиэкпит аатын референдум оҥорон Кэриэс Халдьаайы оҥоруохха диэбиппэр, элбэх дьонтон ыт курдук үөҕүллүбүтүм, сорохторо кырбаары гыммыттара. Ол иһин кэлэйэн нэһилиэк урукку аатынан хааллын дии санаабытым. Дьиҥинэн биир сахалыы саҥарбат нуучча, таҥараһыт үлэһитэ нэһилиэкпит аатын уларыппыта кыһыылаах, хас эмэ үйэ иҥмит Кэриэс Халдьаайыны биир күн Кириэс-Халдьаайы буола охсор. Ол гынан баран эрэлбин сүтэрбэппин, түөрт сылынан нэһилиэк олохтоммута 175 сыла буолар. Баҕар аата онно уларыйыа. Ким уруккуну сыаналаабат, ол кэскилэ суох диэн өс хоһооно баар, ону өйдөөҥ.
Онон саҥа ааттаах нэһилиэкпит быйыл төрөөбүтэ сэтинньи бастакы күнүгэр 171 сылын туолар, ону нэһилиэк олохтоохторо кыратык бэлиэтиэххэ наада, ону туох диэн саныыгыт?
Альберт Гринпис.
Балаҕан ыйын 28 күнэ.
Кириэс Халдьаайы төрөөбүт күнэ буолара 34 хонук хаалла.