Кинигэ – дьиэ кэргэн доҕоро

Тохсунньу 26 күнүгэр, Үөгэн библиотекатыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Томпо оройуонугар Ийэ сылларын арыйар «Кинигэ – дьиэ кэргэн доҕоро» күрэх ыытылынна.

Манна алын кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин кытта кыттыыны ыллылар. Күрэх сыала кинигэҕэ интириэһи тардыы, кинигэ ааҕыытын көҕүлээһин.

Кыттааччылар бастакы, иккис түһүмэххэ дьиэтээҕи сорудахтарын көмүскээтилэр: «Дьиэтээҕи библиотека» уонна «Мин сөбүлүүр остуоруйам». Манна кыттааччылар остуоруйаларын көмүскээһинигэр Дияна эбэтинээн инсценировкалаан көрдөрдүлэр, Ярик ийэтинээн «Маша и Медведь» уонна Арылхан аҕатынаан «Колобок» остуоруйаларын кукольнай театр туруоран көрдөрдүлэр, Эрэл Максимов «Эриэппэ» остуоруйаны уруһуйдаан аҕалбытын кэпсээтэ.

Бу кэннэ оҕолорго презентация көмөтүнэн остуоруйаҕа сыһыаннаах түһүмэхтэр ыытылыннылар, төрөппүттэргэ айымньы ис хоһоонунан саха литературатын айымньытын таайыы ыытылынна.
Бүтэһик түһүмэххэ бары туран мээчиги бэрсэн араас мультиктар ааттарын эттилэр.
Түмүккэ кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэн анал ааттарга тигистэ. Ол курдук «Эрэллээх ааҕааччы» ааты Эрэл Максимов, «Бастыҥ остуоруйаһыт» Арылхан Гоголев, «Бастыҥ дьиэтээҕи библиотека» Дияна Бурцева уонна «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн» ааты Ярик Бурцев дьиэ кэргэнэ ылла. Библиотека аатыттан добун суруктары кытта сэмэй бэлэх туттардыбыт.

Оонньуубутун «Кинигэни бүттүүн дууһаҕытынан таптааҥ. Кини эһиги бастыҥ доҕоргут, олоххут аргыһа» диэн тылларынан түмүктээтибит.

Татьяна ГОГОЛЕВА