Арассыыйа Баана тиһигин быспакка ыытар ыйытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн 140-тан тахса тэрилтэ наар кыттар. Олор истэригэр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин тиһигэр улахан суолталаахтартан 35 тэриллии баар.
Быйыл саас муус устар ыйга ыытыллыбыт ыйытык дааннайдара көрдөрөллөрүнэн, экэниэмикэҕэ быһыы-майгы ити иннинээҕи ыйтан эрэгийиэҥҥэ бүттүүнүгэр, ону тэҥэ тутаах салааларга үгүстэригэр тупсубут. Ол курдук, тырааныспар уонна ууруу-харайыы, тутуу, тыа хаһаайыстыбатын, өҥөнү оҥоруу, бырамыысыланнас салааларыгар тупсуу бэлиэтэннэ. Арай, сир баайын хостуур тэрилтэлэр экэниэмикэ конъюнктурата мөлтөөбүтүн ыйбыттар.
Ыйытык кыттыылаахтара наадыйыы эйгэтигэр баар быһыыны-майгыны сыаналааһыннара муус устарга уларыйбатах. Итиэннэ хаһаайыстыба үлэтэ халбархай туруктанар куттала, кулун тутардааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, кыччаабыт. Ол, чуолаан, кууһунан уонна биирдэм атыылыыр эргиэҥҥэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, тырааныспарга уонна уурууга-харайыыга, бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр сыһыаннаах.
Солкуобай валютаҕа кууруһа уларыйа турара тэрилтэлэр үлэлэригэр мөкүтүк сабыдыаллыыр өлүүтэ ити ыйга намыраабыт: 2023 сыл кулун тутарыгар 43% эбит буоллаҕына, муус устарга 39,6 %-ҥа түспүт. Ыйытыкка хоруйдааччылар баһыйар аҥаардара валюта кууруһа халбаҥныыра үлэлэригэр сабыдыаллаабатаҕын бэлиэтээбиттэр.
Тэрилтэлэр сыаналыылларынан, бэлэм бородууксуйаҕа (үлэ, өҥө), ол иһигэр тиэйиигэ-таһыыга уонна уурууга-харайыыга, эргиэҥҥэ сыана үрдээһинэ түргэтээбит. Ону тэҥэ оҥорон таһаарыы ороскуота уларыйбатах, кууһунан уонна биирдэм атыылыыр эргиэнтэн ураты тэрилтэлэр кирэдьииттээһин усулуобуйатын сыаналааһыннара тупсубут.
Чугастааҕы 3 ыйга оҥорон таһаарыы эйгэтигэр (табаар эргиирэ, оҥоһуллубут үлэ уонна өҥө кээмэйэ) быһыы-майгы тупсара бытаарыаҕын ыйбыттар. Оннук көстүү тиэйэр-таһар уонна уурар-харайар, тутар, элэктэриичэстибэнэн, гааһынан уонна паарынан хааччыйар, өҥө оҥорор тэрилтэлэргэ сыһыаннаах.
Бородууксуйаҕа (өҥөҕө) наадыйыы таһыма кэлэр 3 ыйга эрэгийиэн үрдүнэн оҥорон таһаарыы эйгэтигэр күүтүллэр быһыыга-майгыга дьүөрэлэһэр. Бородууксуйаҕа уонна өҥөҕө наадыйыы үрдээһинэ намырыырын респонденнар баһыйар аҥаардара (маһы таҥастыыр уонна уунан хааччыйар тэрилтэлэртэн ураты) ыйбыт.
Быйыл муус устар ыйга ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн сыана үрдээһинин күүтээччи ахсаана кулун тутардааҕар элбээбит. Ол баһыйар өттүгэр кууһунан уонна биирдэм атыылыыр эргиэн, тутуу тэрилтэлэригэр сыһыаннаах. Инньэ гынан, сыана үрдүүрүн сабаҕалыыр тэрилтэлэр ылар өлүүлэрэ улаатан, 32,8 %-ҥа тэҥнэстэ. Кинилэртэн 51 бырыһыаннара сыана 6% үрдүөҕүн чинчилиир. Сыана түһүөн сөбүн ыйытык аҕыйах кыттааччыта сабаҕалыыр. Тэрилтэлэр 65 бырыһыаннара сыана урукку таһымынан хаалыаҕын ыйар.
Василий Никифоров
Хаартыска: Саха сирин региону салайар киинэ