Арассыыйа, төһө да тымныы дойдулар ахсааннарыгар киирдэр, туристары сэҥээрдэр сирэ элбэх. Соҕуруу өттүн, Хара муора, Хапкаас эҥэр, этэ да барбаккын. Былыр-былыргыттан дьон тоҕуоруһар, сынньанар сирэ буоллаҕа.
Оттон биһиги быйыл дойдубут хотугулуу-арҕаа өттүгэр, кареллар республикаларыгар, сылдьарга сананныбыт. Бырагырааммабытын оҥосторбутугар Кижи, Валаам, таарыйа Архангельскай уобалас Соловецкай арыыларыгар хайаан да сылдьабыт диэн былааннаммыппыт. Ол гынан баран Соловкига кыайан тиийбэтибит. Инньэ гынан Карелияҕа үс күн буоллубут, сонун сирдэри көрдүбүт.
Саас-сааһынан сырдаттахха маннык.
Питер – Сортавала
Питертан туристарынан толору анал автобуһунан айаммыт саҕаланна. Суол-иис үчүгэй.
Бастакы тохтобулбут Приозерск диэн кыра куораттан чугас турар Корела кириэппэс аттыгар буолла. Былыр-былыргыттан Финскэй хомо уонна Ладога күөл икки ардыгар Карельскай билиини былдьаһыыга улахан суолталаах сир эбит. 13-үс уонна 14-үс үйэлэр кирбиилэригэр Улуу Новгород олохтоохторо туппуттар. 17-ис үйэ саҕаланыыта шведтэр бас билиилэригэр киирбит уонна биир үйэ устата Кексгольм диэн ааттанан онно сылдьыбыт. Шведтэр кириэппэс бөҕөргөтүүтүн күүһүрдүбүттэр. Хотугу сэрии кэмигэр Бүөтүр Биэрибэй төттөрү былдьаабыт. 18-19-ус үйэлэргэ хаайыыга кубулуйбут. Манна Емельян Пугачев кэргэнэ, оҕолоро өлүөхтэригэр диэри тутуллан олорбуттар. Кэлин декабристар хаайылла сылдьыбыттар. 20-ис үйэҕэ финнэри кытта төттөрү-таары былдьаһыы буолбут. 1944 с. ССРС састаабыгар киирбит.
Кириэппэһи таһыттан көрдүбүт. 4 миэтэрэ тиийэр халыҥнаах таас истиэнэнэн күрүөлэммит. Төгүрүк башнялаах. Кириэппэс тула 15 мүн. эргийэн кэлиэххэ син дииллэр. Иннигэр арыый тэйиччи улахан тааска 879 с. манна Рюрик кыргыһыыга өлбүтэ диэн суруктаах. Суол кытыытыгар сэрии кэминээҕи техника көрдөрүүгэ турбут. Манан Маннергейм кирбиитэ ааһар эбит.
Автобуспутугар олорон салгыы айаннаатыбыт. Балачча бараат тыраассаттан туораан буор суол устун тыанан, хонуунан бардыбыт. Оттон сатыылыыбыт диэн буолла. Түһэн уонча мүнүүтэ тыа устун хаамтыбыт. Эрдэ ханна эрэ хоп-хойуу калинаны имэрийэн ааспыппыт. Сарбынньах толору эбит. Сотору Элисенваара диэн хуутарга тиийэн кэллибит. Манна Финляндия хайа эрэ биллэр киһитэ олорбут диэн өйдөөтүм. Билигин олорор дьиэ кэргэн хуутар олоҕун көрдөрөр түмэл тэрийбит. Өрөмүөн бөҕөтүн оҥорбуттар, отонноох мастары олордубуттар. Кэрэ, чуумпу, ыраас. Саамай сэргээбиппит холуодьас. Биэдэрэнэн уу баһан таһааран үөрдүбүт аҕай.
Тыраассаҕа тахсан, салгыы айаннаан, Сортавала куораты таһынан ааһан, Рускеала диэн хайа пааркатыгар кэллибит. Бэрт сэргэх сир эбит. Таас хайа, тыа, күөллэр, хаспах, карьердар, салгын-уу аттракционнара – барыта баар. Паарка тула маһынан наһаа табыгастаах хаамар сир оҥоһуллубут. Сиринэн, хайа аннынан маршруттар бааллар. Хаама сылдьан, мрамордаах карьердары, онно үөскээбит күөллэри көрдүбүт. Улахан мрамор карьерын күөлүгэр тыынан, катамаранынан устуоххун эбэтэр 400 м. үрдүгүнэн троллейынан көтүөххүн сөп. Барыта балачча сыаналаахтар. Мин анныбар күөлгэ уста сылдьар дьоннору көрө-көрө троллейынан отучча сөкүүндэ көттүм, наһаа астынным.
Бу мрамордаах сирдэр 18 үйэҕэ аһыллыбыттар. Санкт-Петербург дыбарыастарын, храмнары тутууга туттубуттар. Аан дойду Иккис сэриитин саҕана үлэ тохтотуллубут. Оттон сөргүтүллэн, 90-ус сылларга диэри кыралаан мраморы ити сиртэн туһаналлар эбит. 1998 с. культура эбийиэгэ буолбут.
Бара түһээт аны күрүлгэннэрдээх сиргэ тиийдибит. Мрамор ылар сирдэриттэн чугас Тохмайока диэн өрүс баар эбит. Онно эмиэ туристар сылдьалларыгар табыгастаах гына экологическай ыллык оҥорбуттар. Манна «А зори здесь тихие» киинэ уһуллубут. Күрүлгэннэр наһаа үрдүгэ суохтар эбит. Биэтэҥнии турар ханаат муосталарынан хаамыы үөрүйэҕэ суох киһиэхэ арыый сэрэхтээх курдук да буоллар, барыта наһаа үчүгэй оҥоһуулаах.
Киэһэрэн хонор сирбитигэр Сортавалаҕа тиийдибит, отельга түстүбүт. Бу куорат эмиэ сэрии бөҕөнү көрбүт эбит. Швеция, Финляндия сирдэрэ буола сылдьыбыт. 19-ус үйэҕэ сүрүннээн финнэр олорбуттар, шведтэр, нууччалар аҕыйах да буоллар баар эбиттэр. Сэрии кэнииттэн Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэриттэн элбэх нууччалар, украинецтар, белорустар көһөн тиийбиттэр
Валаам
Сарсыарда аһаат, Валаам арыыга бараары, Ладога набережнайыгар киирдибит. Бу күөл Ленинград блокадатын саҕана суолтатынан билэбит. Муора курдук киэҥ күөл. Манна нерпа үөскүүр эбит. Ладогаҕа элбэх шхералар бааллар, о.а. кыра иэннээх очуос курдук арыылар. Катерга олорон, шхералары аттыларынан ааһан, Сортавалаттан 42 км. ыраах баар Валаамҥа бардыбыт.
Арыы уһуна 9,6 км, кэтитэ 7,8 км. Манна 10-11-ис үйэлэртэн биллибит манастыыр баар. Нуучча православиетын киэн туттуутунан 1774 с. сибэтии гыныллыбыт Спасо-Преображенскай собуор буолар.
Арыы айылҕатын сөҕөн аатырбыт худуоһунньуктар Шишкин, Куинджи, Рерих уо.д.а. ойуулаан үйэтиппиттэр. Үс сүүстэн ордук саастаах бэстэр таас дьапталҕаҕа хатаастыбыттар. Баараҕай дууптары, кедрдары, харыйалары манаахтар олордубуттара силигилээн тураллар. Уопсайынан, 50-ча үүнээйи көрүҥүн тыһыынча сыл устата араас сиртэн аҕалан олохсуппуттар.
Манна өссө императордар Александр I, Александр II, суруйааччылар, поэттар Лесков, Тютчев, Шмелёв, композитордар Чайковскай, Глазунов, учёнайдар Миклухо-Маклай, Менделеев уо.д.а. сылдьыбыттар.
Манастыыр фермалаах, оҕуруоттаах. Лааппыларыттан сыыр, кефир, итиигэ ыыһаммыт уомул ыллыбыт.
Өссө тугу көрдүбүт? Таҥара дьиэтигэр сырыттыбыт, эр дьон квинтетын ырыаларын храмҥа иһиттибит, трапезнайга киирэн аһаатыбыт, интэриэһинэй тутуулары көрдүбүт.
1950 с. манастыыр кыһыҥҥы гостиницатын инбэлииттэр дьиэлэрэ оҥорбуттар. Онно тыһыынча курдук киһи олорбут. Сэриигэ эчэйбит дьон, биллэн турар, элбэх буоллаҕа. Итинник дьиэлэр Сойуус былаһын тухары баар буолбуттар эбит. Үлэлиир кыахтаахтары үөрэтэллэр, үлэҕэ ылаллар эбит. Холобура, суоччут, соппуоһунньук идэлэригэр атаҕа суохтары үөрэтэллэр эбит. Кимнээх олорбуттара, Валаамҥа көмүллүбүттэрэ чуолкай биллибэт дииллэр. Экскурсоводтар ити тиэмэни таарыйбаттар эбит.
Сортавалаҕа төннөн кэлэн, автобуспутунан Петрозаводскайга айаннаатыбыт. Бу сиргэ бастаан аатыттан көстөрүн курдук Хотугу сэрии саҕана сэрии сэбин оҥорор собуот баар буолбут. Санкт-Петербург куораты кытта биир сыл төрүттэммит. Онега күөл үрдүгэр турар. Уһун набережнай устун побратим куораттар бэлэхтэрэ араас пааматынньыктар кэккэлээбиттэр. Бэрт ыраас куорат.
Кижи
Сарсыныгар теплоходунан Кижигэ айаннаатыбыт. Петрозаводскайтан 68 км. баар 5,5 км. уһуннаах, саамай кэтитэ 800 м. арыы.
Манна мастан оҥоһуллубут Арассыыйаҕа аатырбыт архитектура ансамбла баар. Тутуу эридьиэһиттэн, эриэккэһиттэн киһи сөҕөр. Тылгынан ити кэрэни кыайан тиэрдибэккин. Спасо-Преображенскай, Покровскай таҥара дьиэлэрэ докумуоннарга 16-ыс үйэттэн ахтыллаллар эбит. 17-ис үйэ бүтүүтэ чаҕылҕантан умайдылар диэн сурук баар эбит. 18-ыс үйэҕэ хаттаан тутуллан билиҥҥи көрүҥнэрин ылбыттар. Эмэҕирбит колокуолунньаны көтүрэн, 1863-1874 сс. саҥаны туппуттар. 1920 с. Кижи погуоһун архитектура пааматынньыгын быһыытынан судаарыстыба учуотугар ылбыттар. Туох да уларытыы оҥорбот, таҥара мөссүөннэрин, иконалары ылбат гына уураахтаабыттар. Сэрии кэмигэр финнэр таһаарбыттарын, кэлин төннөрбүттэр.
Спасо-Преображенскай храм 37 м. үрдүктээх, 8 кырыылаах, үс хаттыгастаах тутуу. Көҥдөйө бэстэн тутуллубут. 22 төбөлөөх. Онтукалара черепица курдуктуҥу тэтиҥтэн оҥоһуллубут токурутуллубут кыра хаптаһыннарынан сабыллыбыттарын киһи олох сөҕө-махтайа көрөр. Ити куупаллар аҥардас мастан да буоллаллар, күнүттэн-дьылыттан өҥнөрө-дьүһүннэрэ уларыйа тураллар диэбиттэрин илэ көрөн астынныбыт. Оҥороллор да эбит дииргэ эрэ тиийэҕин. Ити оттуллубат, сайыҥҥы киэҥ-куоҥ храм.
Покровскай таҥара дьиэтэ – кыһыҥҥы дьиэ. Үрдүгэ 26 м. Түөрт кырыылаах холлоҕос үрдүгэр аҕыс кырыылаах көҥдөй турбут. Преображение храмын курдук тутуулаах 10 төбөлөөх.
1966 с. манна историко-архитектурнай заповедник-музей тэриллибит. Чугастааҕы сирдэртэн араас тутуулары аҕалан Кижигэ туруорбуттар: таҥара дьиэлэрэ, чочуобуналар, миэлиҥсэ, олохтоохтор дьиэлэрэ – барыта мастан, хоту сир тыйыс усулуобуйатын тулуйарга анаммыттара көстөр.
Турист бөҕөтө. Бэйэбит курдук сирэйдээх калмыктары көрүстүбүт, кытайдары көрдүбүт.
Кареллар, ханнаҕытый?
Ити курдук дьикти, кэрэ көстүүлэрдээх умнуллубат күннэр аастылар. Бу тухары карелларга сыһыаннаах диэн тугу да көрбөтүбүт. Сурук, саҥа барыта нууччалыы. Дьүһүннэринэн да кинилэртэн уратылара суохтарын билэбит. Арай кинигэ маҕаһыыныгар «Калевала» баар.
Кареллар биир үйэ анараа өттүгэр Арассыыйаҕа 240 тыһ. эбиттэр. 2010 с. 60 тыһ. буолбуттар. 2021 с. биэрэпискэ өссө аччаабыттар: 32422. Ол аата Карелия нэһилиэнньэтин 9, 2%. Онон миигин «Кареллар, ханнаҕытый?» — диэн ыйытыы үйэ-хаайа тутта.
Светлана Винокурова, Мэҥэ Алдан