Анал байыаннай дьайыыга быстах мобилизация саҕаламмыта биир сыл буолла. Нэһилиэк аайыттан ким ыҥырыллан, ким бэйэтэ баҕатынан, эр дьоммут бардылар. Биллэн турар, сүтүктэртэн киһи хараастар. Киирсии түргэнник бүтэ оҕустар диэн баҕа санаа барыбытыгар баара чахчы. Дьон ол туһугар кыахтарынан көмөлөһөллөр: үтүө тылынан, араас тэрилинэн, таҥаһынан, харчынан уо.д.а. Арҕаа уокка сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр олохтоох дьаһалта өйөбүл буолар.
Күүстээх көмөнү волонтердар оҥороллор. Мэҥэ Алдантан төрүттээх Ирина Егоровна Саввина волонтерскай хамсааһыны тэрийээччи быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Былырыын мобилизация саҕаланаатын кытта ыҥырыллыбыт оҕолорго көмөлөһүүнү ылсыбыта, Дьокуускайга «Илии сылааһа» диэн иис сыаҕын салайан үлэлэтэн барбыта. Ол туһунан НВК ханаалыгар балачча сырдаталлар.
Бу сайын көмө илии тиийбэт диэн ватсапка тарҕаммыт биллэриини ааҕан баран, сиэммин кытта Ирина Егоровна сыаҕыгар көмөлөһө сырыттыбыт. Тиийбиппит: уонча дьахтар иистэнэ олорор, билиис толстовканы тигэллэр. Миэхэ, иистэнэри сатаабат киһиэхэ, «Эр хоһуун» мөһөөччүк сүгэр стропа-быатын иҥиннэрэр фастексы тигэрбин эттилэр. Сиэним уол мөһөөччүк айаҕын сабар быатын хайаҕаһынан киллэрэн тартаран биэрэр үлэлэннэ. Ити үлэҕэ икки күн сырыттыбыт. Иистэнньэҥнэри кытта билистибит. Манна медицинскэй наука докторыттан саҕалаан араас идэлээх үлэһиттэр уонна үксэ пенсиялаахтар бааллар. Сарсыарда эрдэттэн үлэлииллэр. Эбиэккэ бэрт минньигэс аһы баар киһи ахсаанынан аҕалан биэрэллэр эбит. Киэһээ массыына дьиэлэринэн тиэрдэн биэрэр. Ити Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата волонтердарга оҥорор көмөтө эбит.
Хас да хонон баран эмиэ биир күн тиийэн үлэлээтибит. Бу сырыыга армейский (сухой) душ диэн кэмпилиэги бэлэмнээтибит. Ону «Эр хоһуун» мөһөөччүккэ эбии киллэрэн биэрбиттэр.
Үлэ хаамыыта олох чопчу, чуолкайдык аттарыллыбыт, күөстүү оргуйа олорор. Ирина Егоровна уопсай салайыы, сүүрүү-көтүү, кэпсэтии өттүгэр сылдьар, быыһыгар тигиллэр таҥаһы быһар закройщик эбит, онтон бэйэтэ сөҕөр, күлэр, итинник үлэни толорор буолуом диэн түһээн да көрбөтөҕүм диир. Аны манна өссө биир дойдулаахпын, алтыспатаҕым олох ырааппыт Татьяна Александровна Кривошапкинаны көрүстүм. Кини Новосибирскайтан аҕыйах сыллааҕыта көһөн кэлэн, Дьокуускайга олохсуйбут. Манна суот-учуот үлэтин толорор, арҕаа бараары таҥна кэлэр дьону көрсөр, кээмэй ылар, кэпсэтэр, наада буоллаҕына уоскутар, санааны сайҕыыр уонна таҥыннаран атаарар туһугар эмиэ уустук эбээһинэстээх эбит. Ону таһынан тигиллибит таҥас хаачыстыбатын хонтуруоллуур. Ити курдук атыттар эмиэ араас эбээһинэстээхтэр уонна, биллэн турар, үксүн иискэ олороллор.
Мин санаабар уонна уопсайынан толкуйдаан да көрдөххө, волонтерунан духовнай өттүнэн сайдыылаах, сиэр-майгы өттүнэн бастыҥ, дойдубар, дьоммор туһаны оҥорбут киһи диир дьон үлэлиир. Урукку өттүгэр күүстээх үлэҕэ сылдьан баран пенсияҕа тахсан олорбуттар бириэмэлэрин бары өттүнэн туһалаахтык атаарараллар. Биллэн турар, биир-биэс кэппиэйкэтэ суох.
Арҕаа баран эрээччилэри да көрдүм. Күҥҥэ ортотунан 10 киһи ааһар: хантараахтаахтар, уоппускаттан төннөөччүлэр. Ийэлэрэ, аҕалара, кэргэттэрэ, доҕотторо арыаллыы сылдьаллар. Сорох соҕотох кэлэн барар. Биир эмэ дьахтар баар буолар эбит.
Сайын ыһыах саҕана Таатта улууһугар «Илии сылааһа» сыах көҕүлээһининэн кэмпилиэк таҥас тигиитигэр сонун күрэх тэриллэн үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Аны бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталастыбатын кытта оройуоннар бары кыттар күрэхтэрин тэрийдилэр. Ону таһынан улуустарга сылдьан маастар-кылаастары көрдөрөллөр. Онон «Илии сылааһа» иис сыаҕа олус күүстээхтик үлэлии олорор. Кыһалҕата: үлэһит илии тиийбэт.
Сиһилии ыстатыйаны «Томпо илдьитэ» хаһыат балаҕан ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Светлана Винокурова