1976 сылтан Суоппар күнэ Советскай Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон, алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Суоппар идэтэ — күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар. Суһал, сыыдам айаннаах суоппардар дьону таһаллар, малы-салы, оту-маһы, оттугу тиэйэллэр, уу куталлар, ыарыһахтары быыһыыллар, алдьархайга бастакынан тиийэн дьиэни-уоту өрүһүйэллэр. Бу идэлээх дьон биһиги олохпутун чэпчэтэллэр.
Суоппарга
Суол-айан көнөтө, дэхситэ
Суоппартан тутуллар, экчитэ:
Сороҕор сиксиллэн сууллаҕын,
Сордонон сискинэн сыыллаҕын.
Соругуҥ сорҕото умнуллар,
Суолтата барыта бутуллар.
Соруйан оҥорбут буруйдаах
Соҥнонуох да курдук айылаах.
Ардыгар сайаҕас майгылаах,
Айаны чэпчэтэр баҕалаах
Аанньалга түбэһэн үөрэҕин,
Арааһы барытын түөрэҕин.
Аараны барытын көрдөрөр –
Айылҕа кэрэтэ сөхтөрөр,
Алыптаах ырыанан абылыыр,
Аныгы малынан арчылыыр.
Астына айанныах, аргыһым,
Айхаллыа олохпун алгыһым.
Араллаан аартыгын аһымыах,
Анаммыт сирбитин, дьэ, булуох!
Светлана Винокурова-Сырдаана, 2017 с.
Томпо оройуонун МэҥэАлдан нэһилиэгин биир суоппар идэлээх киһинэн Колодезников Коммунар Николаевич буолар. Кини 1978 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрээт биир сыл оҕо уһуйааныгар оробуочайынан үлэлээн баран Дьокуускай куоракка суоппар үөрэҕэр үөрэнэр. Кэлин элбэх киһини таһар ыарахан уйуктаах көлөҕө үлэлиир үөрэхтэргэ үөрэммитэ. Советскай Армияҕа эмиэ суоппардаан ытык иэһин икки сыл төлөөбүтэ. Сулууспалаан кэлээт төрөөбүт нэһилиэгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.М. Охлопков аатынан, кэлин «Правда» сопхуоска нэһилиэк сайдарыгар тымныыны тымныы, куйааһы куйаас диэбэккэ кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн олоҕун көлөһө үрдүгэр анаабыта. Хастыы да хонукка уһун сыралаах айаҥҥа дьон-сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлээбитэ, дьон махталын ылбыта.
Коммунар Николаевич кэргэнэ Фатима Владимировналыын 1985 сылтан ыал буолан икки уол оҕону улаатыннаран, билигин тапталлаах минньигэс сиэннэрин ортолоругар сүүс сүүстэриттэн өйөнсөн олорбуттара 38 сыл буолбут.
Коммунар Николаевич бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор даҕаны илиитин массыына уруулуттан араарбакка сайынын оттуур, иллэҥ кэмигэр бултуур. Кини суоппар эрэ буолбатах – кини спортсмен. Араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыбытын туоһутунан ахсаана биллибэт наҕараадалара, мэтээллэрэ буолаллар.
Степанов Власий Власьевич билигин Арыы Толоон нэһилиэгин ОДьКХ ГУТ филиалыгар үлэлиир. 1992/93 сылларга Харбалаах СПТУ-тугар суоппар үөрэҕин бүтэрбит. Ханнык баҕарар эр киһиэхэ маннык идэ наада диэн талбыт. 27 сыл суоппардаабыт. Иллэҥ кэмигэр кыралаан маһынан уһанар. Кэргэнэ Степанова Туйаара Павловналыын биэс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.
«Суоппар эбээһинэһэ — эппиэтинэс буолар. Кини сүрүн хаачыстыбата — үлэтин толоруохтаах уонна айаннааччыларга эйэҕэс сыһыаннаах буолуохтаах. Суоппар сөбүлүүр идэтин талан күн бүгүнүгэр диэри бэриниилээхтик үлэлии сылдьара, кини үлэтин таптыырын көрдөрөр, туоһулуур. Үлэ барыта чэпчэки буолбат… Ыарахан өттө эмиэ баар буолар дии саныыбын. Холобур, тиэхиникэ алдьаныыта. Алдьаммыт масыынаҕын түүнү түүн диэбэккэ хойукка дылы оҥостуу буолар», — диэн Власий санаатын үллэстэр.
Степанов Вячеслав Юрьевич Кириэс Халдьаайы баһаарынай чааһыгар суоппардыыр. Кини аҕата сопхуос саҕана механизаторынан үлэлиирэ. Вячеслав аҕатын кытта сылдьан кыра эрдэҕиттэн техникаҕа сыстыбыт. Онтон оскуоланы бүтэрэн баран 2005 сыллааха Хаандыгаҕа 35 нүөмэрдээх ПТУ-га суоппар идэтигэр үөрэнэ киирбит. Убайдара, билэр дьоно суоппардыылларын көрөн, кинилэр курдук буолуон баҕарара. Барыта 18 сыл үлэлээбит. Иллэҥ кэмигэр стендовай ытыынан (спортинг) дьарыктанар. Вячеслав Юрьевич кэргэннээх, үс оҕо амарах аҕата.
«Суоппар эбээhинэhэ элбэх: айаннааччылары бэйэтин эппиэтинэһигэр ылар, тиэхиникэтин кыайан айанныыр туруктаах буоларын туһугар кэмиттэн кэмигэр көрө-истэ сылдьыахтаах, суол быраабылатын тутуһуохтаах, суолга көмөҕө наадыйар дьоҥҥо көмөлөһүөхтээх, ыарахан түгэҥҥэ туора хайыһыа суохтаах. Суоппар сүрэхтээх, эппиэтинэстээх, сэрэхтээх уонна бэhиэлэй буолуохтаах. Үлэм үчүгэй өттө — аан дойдуну көрүү, романтика олох, интэриhинэй, онтон ыарахан өттө — сылаалаах», — диэн Вячеслав кэпсиир.
Егоров Александр Андреевич 1952 сыллаахха Ударникка төрөөбүт. 1973 сыллаахха СПТУ-1 үөрэнэн бүтэрбит. Онтон ыла ЗИЛ-554 массыынаҕа үлэлээбит. Александр ыраах айаҥҥа сүүрбэччэ сыл үлэлээбит. Нерюнгри оройуонуттан (Иенграттан) комбикорм, эбиэс, саһыл аһылыга (зверофермаҕа) таспыта. Кини икки сыл гараж сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Ол кэнниттэн 12 сыл Мэҥэ Алдан дьаһалтатыгар, онтон балтараа сыл кырдьаҕастар интернаттарыгар суоппардаабыт. Тэрилтэлэрин Өймөкөөн оройуонугар көһөрбүттэр. Александр Андреевич барыта отуттан тахса сыл тэрилтэлэргэ, сопхуоска үлэлээбит. 1979-1980 сс. «Победитель соцсоревнования» бэлиэнэн, «Гражданскай килбиэн» ураты бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Ол иһин 49 сааһыгар «Үлэ бэтэрээнэ» ааты сүкпүт. 2023 сылга суоппарын ыстааһа 50 сыла буолбут эбит.
«Суоппар буоларга доруобай, үлэҕэр эппиэтинэстээх, тулуурдаах буолуоххун, анаммыт массыынаҕын үчүгэйдик оҥостуоххун наада. Мин иллэҥ кэммэр ытыы спордунан дьарыктаммытым. Воздушка саанан, бэстэлиэтинэн, карабинынан ытарбын сөбүлүүбүн. Бэтэрээннэргэ карабинынан ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ (Уус Тааттаҕа, Тааттаҕа) бастыы сылдьыбытым. 1977 сыллаахха эдэрдэри кытта «Лось» диэн көрүҥҥэ күрэхтэһэн иккис буолбутум. Бэтэрээннэргэ воздушканан ытыыга нэһилиэк чиэһин элбэхтэ көмүскээбитим. Кэргэннээхпин, Попова Зинаида Алексеевна диэн. Кини эмиэ ытыы спордунан дьарыктаммыта. 1977 сыллаахха Дьоруой Ф.М. Охлопков аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи тозовканан ытыыга үс балаһыанньаҕа (сытан, тобуктаан, туран) дьахталларга бастаабыта уонна эр дьону эмиэ кыайбыта. Зинаида «Абсолютнай чемпион» үрдүк аатын ылбыта. Биһиги уол, кыыс оҕолоохпут. Уолбутуттан икки сиэннээхпит, онтон кыыспытыттан үс сиэннээхпит. Дьоллоох эбэлээх эһэбит. Билигин пенсияҕа олоробун. Тыаҕа сылдьарбын, бултуурбун-алтыырбын сөбүлүүбүн», — диэн кэпсээн баран Александр Андреевич тутатына бултуу барда.
Үйэлэрин тухары биир идэнэн үлэлээбит суоппардары бырааһынньыгынан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит, көнө суолу, күөх уоту, оҕолорун, сиэннэрин ортолоругар өссө да дьоллоохтук олороллоругар баҕарабыт. Кинилэр үүнэр ыччакка үлэһит дьон холобура буолаллар.
Айгылаана