Идэбин таларбар холобур буолбута

Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар. Инники олохпутугар туох дьон, хайдах үлэһит буоларбыт барыта учуутал билиититтэн, сыралаах үлэтиттэн, оҕоҕо, төрөппүккэ сыһыаныттан тутулуктаах дии саныыбыт.

В.А. Штыров аатынан Томпо киэҥ хайысхалаах гимназиятыгар математика учууталынан үһүс сылын үлэлии сылдьар эдэр учуутал Валерия Бессонованы көрсөн кэпсэттим.

— Валерия Геннадьевна, ханнык баҕарар оҕо улааттахпына быраас, учуутал… буолуом диэн ыра санаалаах улаатар. Эн булгуччу учуутал буолуоххун баҕарбытыҥ дуо?

— Оҕо сылдьан дьүөгэбинээн Евгениялыын наар учуутал буола оонньуурбут. Кыра оонньуур дуоскаҕа миэлинэн суруйа-суруйа куукулаларбытын үөрэтэр этибит. Бу сылдьан дьиэҕэ үлэбитин да аахтарбыт. Онон учуутал буолар санаа мин олох кыра эрдэхпиттэн тэҥҥэ улааппыт быһылаах. Билигин дьүөгэм Евгения Павловна Зырянкаҕа нуучча тылын учууталынан үлэлиир.

— Ханна үөрэммиккиний? Хаандыгаҕа хайдах кэлбиккиний?

— Оскуолабын бүтэрээт, ХИФУ математика, информатика институтугар математика учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин бүтэрээт үлэ миэстэтин көрдөммүтүм. Хаандыга гимназиятыгар математика учууталын миэстэтэ баарын туһунан биллэрии тахсыбытын көрбүтүм. Бу кэмҥэ миигиттэн үрдүкү кууруска үөрэммит Дмитрий Нутендли Хаандыгаҕа математика учууталынан үлэлиирин билэр этим. Киниттэн туох-хайдах үлэтин ыйыталаһан бараммын Хаандыгаҕа кэлбитим. Санаатахха, Хаандыга бэйэм төрөөбүт Зырянкабыттан туох да уратыта суох уонна үчүгэйэ диэн куораттан кэм чугаһын сөбүлээбитим.

— Кэлин киһи бэйэтэ учуутал буолан баран, үөрэппит учууталын суолун суоллуур, истиилин батыһар буолуохтаах. Эйиэхэ эмиэ оннук этэ дуо?

— Оскуолабар үөрэппит математика учуутала Виктория Викторовна Егорованы ордук күндүтүк саныыбын. Ордук алгебра, геометрия предметтэрин сөбүлүүр этим. Виктория Викторовна уруок­тарыгар билиигэ-көрүүгэ, бэрээдэккэ ураты ирдэбиллээх буолара. Хаһан да кыыһырбата, мөхпөтө, ыйыттахха сиһилии быһааран, көрдөрөн биэрэрэ. Ити өрүттэри мин эмиэ үлэбэр туһанабын. Кини биэрбит билиитэ учуутал идэтин баһылыырбар, идэбин таптыырбар олук буолбут эбит.

— Билиҥҥи кэм учуутала хайдах буолуохтааҕый?

— Билиҥҥи бириэмэҕэ учуутал оҕо интэриэһин, дьоҕурун таба тайанан, кини интэриэһин тардыыга киэҥник, дириҥник ылсан үлэлэһиэхтээх. Билигин оҕо бэйэтэ куйаар ситимиттэн наһаа элбэх иһитиннэриини билэ-көрө, истэ, ааҕа сылдьар. Бу үлүгэр сайдыылаах, тэтимнээх тиэхиньикэ, сыыппара үйэтигэр учуутал үөрэтэр оҕолоруттан хаалсыа суохтаах. Аныгы ньыманы барытын баһылаан тэбис-тэҥҥэ хаамсар, бииртэн биир информацияны түргэнник ылынан, ону оҕолорго сөпкө тиэрдиэхтээхпит. Билиҥҥи оҕону интэриэһиргэтэр сыалтан учуутал барытыгар дэгиттэр буолуохтаах. Араас оҕо уратытын учуоттаан, учуутал тус сатабылын, дьоҕурун, үлэлиир үөрүйэҕин уонна тиийимтиэ тылынан-өһүнэн оҕо болҕомтотун күүскэ тардыахтаах. Оҕо болҕомтотун тардыбат буоллаххына, үөрэнээччини сэҥээрдэр олус уустук.

— Аны кылаас салайааччытын быһыытынан олус түбүктээх, эбии ноҕуруускалаах үлэлээххин, манна кылааһы уонна төрөппүтү кытта хайдах үлэлиигин?

— Үлэлии киирээт да бэһис кылаастары ылбытым. Билигин оҕолорум номнуо сэттис буоллулар, 15 оҕолоохпун. Кылаас оҕолорун сөбүлүөххэ, өйдүөххэ наада. Өйдүүр буоллаххына — түмэр, сайыннарар кыахтааххын. Бу үлэ тус үөрэтэр предметим таһынан буолан ноҕуруускалаах. Ол гынан баран, үлэлииргэ интэриэһинэй. Араас тэрээһиннэри ыытабыт. Манна төрөппүт оруола олус улахан. Миэхэ сүрдээҕин көмөлөһөллөр. Кылааһым оҕолорун кытта истиҥ, сылаас сыһыаннаахпыт. Ханнык эмэ кыһалҕалаах буоллахтарына өйүүбүн, сүбэ-ама биэрэбин.

Мария Захарова