Идэбин сөпкө талбыппын

Сайыммыт бүтэн оҕолор, устудьуоннар үөрэхтэрэ, ону тэҥэ үөрэх кыһатын учууталлара, салайааччылара түбүктээх, сыралаах үлэлэрэ саҕаланна.

Томпо оройуонугар үлэни-үөрэҕи өрө туппут, нэһилиэктэрин сайдыытыгар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, кыһаллар, аныгы олох сайдыылаах тэтимин сөпкө тутуһар ыччаппытынан киэн туттабыт. Дьоҕус урбааннаах, сөбүлүүр дьарыктаах ыччат туһунан хаһыат урукку нүөмэрдэригэр суруйан турабын. Бу сырыыга идэ ылан, төрөөбүт дойдутугар үлэлии сылдьар эдэр исписэлиис Оксана Кириллина туһунан сырдатыым.

— Оксана Семеновна, саха сиэринэн маҥнай кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэриэҥ дуо?

— Кириэс Халдьаайыга Екатерина уонна Семен Неустроевтар дьиэ кэргэттэригэр алта оҕоттон үһүс кыыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам өттүнэн учуутал идэлээхтэр аймахтарбытыгар элбэхтэр. Ийэм өттүнэн эһэм – ырыаһыт. Ырыа учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Онон учуутал буолар хааммытыгар баар диэххэ сөп. Балтым Елена кэтэхтэн пединститукка үөрэнэр. Горнай оройуонун Кэптэни оскуолатыгар алын кылаас учуутала. Саамай кырабыт Дая быйыл оскуолатын бүтэрэн, ХИФУ ЯИНК факультетын бастакы куурус устудьуона буолла. Быраатым Дьулус Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интернаты бүтэрэн, Кириэс Халдьаайыга тустуу тренерынан үлэлиир. Оҕом Ренат – Хаандыга оскуолатын бастакы кылааһын үөрэнээччитэ. Хабылык, хаамыска, сахалыы остуол уонна өйү сайыннарар оонньууларынан сөбүлээн дьарыктанар.

— Идэҕин таларгар туох төрүөт буолбутай?

— Оскуолаҕа сылдьан психолог буолуохпун баҕарар этим. Ол эрэн, олоҕум атын хайысхаҕа сирдээбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар агроном идэтигэр түөрт сыл үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка уһуйаан иитээччитин идэтигэр киирбитим. Таатта Чөркөөҕөр «Сардаана» лааҕырга үлэлии сылдьан, оҕолору кытта алтыһан, тапсан бэйэбэр сөптөөх идэни буллум дии санаабытым. «Аленушка» оҕо уһуйааныгар өр кэмҥэ иитээччинэн үлэлээбитим. Томпоҕо кэлэн, Мэҥэ Алдан оскуолатыгар агрономунан биир сыл үлэлээбитим. Ону таһынан, тэрийээччи педагог идэтигэр эбии үөрэммитим. Билигин пединститукка логопед үөрэҕэр үрдэтинэ сылдьабын. Бу курдук, элбэҕи билэн-көрөн өссө да билиибин, үөрэхпин хаҥатар былааннаахпын.

— Араас идэни баһылаа-бытыҥ бэйэҕэр туох туһалаах дии саныыгын?

Өйүм-санаам, билэр дьоҕурум кэҥээтэ, элбэх дьону кытта алтыһан бэйэ суолбун булунарбар олук буолла. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр дииллэр. Бэйэм туспар уопут бөҕө ыллаҕым дии. Билбэт түгэннэрим элбэх буоллахтара, барыта кэминэн санаа-хоту табыллан иһэр. Бэйэм сөбүлүүр идэбин буллум дии саныыбын. Кэлин идэбин тупсаран, сайыннаран иһиэхпин баҕарабын. Оҕолору кытта үлэлээн, уопутуран, иитии чааһыгар болҕомтобун уурабын.

— Оҕолору кытары үлэлиир туох ыарахаттардааҕый уонна туох үтүө өрүттэрдээҕий?

— Мин санаабар, билиҥҥи интернет үйэтигэр оҕолор телефоҥҥа олоро үөрэнэн хаалбыттар. Бэйэлэрин санааларынан тэрээһин, хамсаныы суох. Ол иһин устудьуон интэриэһин тардарга, тэҥҥэ үлэлэһэргэ элбэх үлэ барар. Хас биирдии оҕо бары өттүнэн арылларыгар болҕомто ууран, талааннарын арыйан, сайдар эйгэтин бары өттүнэн тэрийэн үлэлэһэбит.

Үтүө өрүтэ диэн хас биирдии оҕо тус бэйэтин үөрэххэ дьоҕурун, ис кыаҕын арыйан, билэн, бэйэтин күүстээх өттүн, өйүн ууһун, дьоҕурун арыйарга кыһаллабын. Сорох оҕо ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, ыллыырын эппэт, кистэнэр түгэнигэр бары өттүнэн сайдарыгар көмөлөһөбүт. Бэйэлэрин талааннарын арыйан, уопут атастаһан бэйэ-бэйэлэриттэн холобур оҥостоллор.

— Үлэҕэр сүрүннээн тугунан дьарыктанаҕын?

— Үлэбэр устудьуоннары кытары араас таһымнаах тэрээһиннэри, оонньуулары, көхтөөх күрэхтэри тэрийэбит. Ол курдук, устудьуон үөрэҕин таһынан эйгэтэ кэҥиир, оҕолору кытта бодоруһар, анал дьарыктарга кыттар, эт-хаан өттүнэн сайдарыгар кыһаллабыт. Саҥаны ылынарга бэйэтэ кыһаллар, көрдөнөр, түмүктэри оҥостор, киһи тылын дьиҥ бэйэтин буолатынан ылынар. Сайдар эйгэтин бэйэтэ таларга талаһар буолар.
Техникумҥа үлэлээбитим номнуо түөрт сыл буолла. Үлэлиир коллективым олус эйэҕэс. Наставник быһыытынан саҥа кэлбит үлэһиттэргэ, үөрэнээччилэргэ сүбэлээн, ыйан­кэрдэн биэрэллэр. Бары биир хамаанда курдук үлэлиибит.

— Устудьуоннарыҥ туох ситиһиилээхтэрий?

— «Дэгэрэҥ» фольклорнай ансаамбыллаахпыт. Былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бриллиантовые нотки» фестивальга, бэйэлэрин саастарыгар, попурри ыллааннар бастакы истиэпэннээх лауреат аатын ылбыттара. «Марафон бизнес-идей» VII республикатааҕы дьыалабыай оонньууга бизнес проект оҥороммут «Эффективное производство» диэн анал аат ылбыппыт. «Студенческая весна» күрэххэ уруһуйга Герасимов Филипп иккистээбитэ, Барашкова Анжелика хомуска эмиэ иккис миэстэ буолбута.

Эдэр үүнэн эрэр ыччаты кытары үлэлиир, мин санаабар, эдэр киһиэхэ олус табыгастаах. Тоҕо диэтэр, оҕолору кытары тэҥҥэ сайдан биир тэтимҥэ сылдьаҕын. Хас биирдии оҕо тус кыһалҕалаах буолар. Санааларын кыайан эппэт түгэннэригэр, киһиэхэ эрэнэн кэпсээтэхтэринэ, сүбэлээн, күүс-көмө, өйөбүл буолаҕын.

— Үлэҥ таһынан сөбүлүүр дьарыктааххын дуо?

— Иллэҥ кэммэр хаартыска түһэриитинэн дьарыктанабын. Ордук айылҕа кэрэ, ураты көстүүлэрин түһэрэбин. Иэйиим киирдэҕинэ уруһуйдуубун, ону таһынан ыллыырбын, баайарбын, оҕуруонан тиһэрбин ордук астынабын.

— Оксана Семеновна, быыс булан кэпсэппиккэр махтал. Үлэҕитигэр өссө да ситиһиилэри баҕарабын!

Мария Захарова