Гоголевтар — Үөгэн биир көхтөөх ыала 

Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэнэ туллар тутааҕа, өйдөбүлэ, тирэҕэ буолар. Киһи-аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр солбуһуулара барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Дьиэ кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба эмиэ бөҕөргүүр. Бүгүн биһиэхэ Үөгэн нэһилиэгиттэн Татьяна Николаевна уонна Василий Васильевич Гоголевтар дьиэ кэргэннэрэ ыалдьыттыыр.  Ыал ийэтин, Үөгэн түөлбэтин салайааччытын, нэһилиэк депутатын Татьяна Гоголеваны кытта кэпсэттим.

— Дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

— 1998 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, Намҥа Граф Биэрэгэр баар СПТУ-га дьоммор олорон, бухгалтер идэтигэр үөрэммитим. Ол кэннэ дойдубар Үөгэҥҥэ кэлэн атыыһыттаабытым, 2002 сыллаахха Хаандыгаҕа саҥа арыллар ювелирнай заводка диспетчеринэн үлэлээн саҕалаабытым. Кэргэммин кытта 2003 сыллаахха Хаандыгаҕа ыал буолбуппут. Быйыл ыал буолбуппут 21 сылыгар барда. Иккиэн ювелирнай заводка 2010 сылга диэри үлэлээбиппит, онтон Үөгэммитин наһаа ахтар буоламмыт, быһаарыныы ылынан, дойдубутугар көһөн кэлбиппит. Бастакы сыл үлэтэ суох олорбутум, онтон 2012 сылтан олохтоох библиотекарынан үлэлии сылдьабын. Кэргэним Василий оскуолаҕа оробуочайдыыр.

— Оҕолоргут тустарынан кэпсэтиэххэ.

— Улахан кыыспыт Агафья ХИФУ саха салаатын иккис куурус устудьуона. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан актыбыыс, оскуола, улуус да таһымнаах күрэхтэргэ кыттан элбэх ситиһиилэрдээх. Билигин да үөрэҕин таһынан араас күрэхтэргэ кыттар. Орто кыыспыт Айталыына 10 кылааска Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар үөрэнэр. Доруобуйатынан хааччахтаах буолан туспа программанан үөрэнэр. Оскуола үчүгэй үөрэнээччитэ. Ордук иистэнэрин, оҕуруо тиһэрин, баайарын сөбүлүүр. Эмиэ араас күрэхтэргэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Былырыын Ил Дархан Харыйатыгар сылдьан кэлбитэ. Ону таһынан, ситиһиитэ элбэх буолан, оскуолабытыгар сылын аайын көрүллэр филологическай наука доктора Анатолий Андреевич Бурцев аатынан стипендия ылбыта. Оттон уолбут Арылхан номнуо иккис кылаас үөрэнээччитэ. Уол уол курдук сымса, кытыгырас, сүүрэрин-көтөрүн сөбүлүүр. Дуобат куруһуогар сылдьар. Уонна саамай кырабыт Мичийээнэ «Сандалыма» уһуйаан иитиллээччитэ.

— Ханнык баҕарар дьиэ кэргэн оҕо иитиитигэр туспа көрүүлэрдээх, сыаннастардаах буолар. Эһиги ыал туох үгэстэрдээххитий?

-Аҕабыт бултуурун, балыктыырын сөбүлүүр. Онон уолбутун Арылханы аҕата булка-алка, араас үлэҕэ илдьэ сылдьар. Бэйэм библиотекарь буоламмын кинигэ ааҕыытыгар болҕомто уура сатыыбын. Ордук кыра кыыс интэриэһиргиир, киэһэ аайы бириэмэ булан, кинигэ ойуутун көрөн кэпсиибит.  Сайын аймахтар мустан, айылҕаҕа тахсан сынньанарбытын ордоробут.

— Дьиэ кэргэн тутула туох­ханый?

— Саамай сүрүммүт — бэйэ-бэйэни өйдөһүү, убаастаһыы. Дьиэ кэргэн тутула ити буоллаҕа. Онтон ыал буолуу — олохпут биир сүрүн оскуолата, олоҕо, суолтата. Оҕо саадыгар иитиллэн, оскуолаҕа үөрэнэн, салгыы сааһын ситэн, өйүн-санаатын тутан, идэ талынан, үөрэҕин сайыннаран, үлэһит уонна ыал буолан тахсыа этилэр.

— Билиҥҥи кэмҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн уустуктары көрсөр дуо?

— Уустуктар хаһан баҕарар бааллар буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ дойдубут Бэрэсэдьиэнэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо улахан болҕомтону уурар буолла, дьиэ кэргэни өйүүр араас бырагыраамалар, бырайыактар олоххо киирэн үлэлииллэр. Ол эрээри биһиги ити бырайыактарга хамнаспыт тахсыспат буолан хапсыбаппыт. Быйыл кыра дохуоттаахтарга киирсибиппит даҕаны, устудьуон кыыспар стипендия эҥин көрүллүбэт. Онон эмиэ туһата суох курдук. Элбэх оҕолоохторго, хамнастан тутулуга суох, 18 сааһыгар диэри көмө, кыра дохуоттаах буоллуҥ да устудьуоннарга стипендия көрүллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

— СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар мал-сал тигэр эбиккит дии. Бу туһунан кэпсиэҥ буолаарай?

— Дьокуускай куоракка «Илии сылааһа» диэн ааттаан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас-сап тигэр сыах баар. Кинилэргэ быһаччы тахсан туох наадатын билсибиппит. Онон ахсынньы ыйтан нэһилиэктэн ким баҕалаах кэлэн уонтан тахса шарфик, тобукка кэтэр таҥас баайаммыт уонна кылтан угунньа (стелька) оҥорон ыыппыппыт. Ону таһынан, СВО-ттан кэлэ сылдьар бэйэбит уолаттарбытыгар эмиэ ити курдук баайан, тигэн көмөлөһөбүт.

— Татьяна Николаевна, истиҥ сэһэргэһииҥ, кэпсээниҥ иһин махтал буоллун! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ситиһиилэри, этэҥҥэ олоҕу баҕарабыт.

Мария ЗАХАРОВА