Попов Гаврил Гаврильевич баара буоллар бүгүн 59 сааһын туолуо этэ.
Сайын. Сылаас күннэр турбуттара хас да хонно. Бүгүн өрөбүл. Күн да күн. Балкоҥҥа таҕыстым. Төрдүс этээскэ олорор буолан иннибэр араас тутуунан туолбут киэҥ сир нэлиһийэ көстөр. Аламай күммүт тахсыбыта ырааппыт. Утары көстөр тыа саҕатыгар турар оскуола үрдүттэн, күммүт сырдык сардаҥаларынан ыһыахтыы, биһигини барыбытын угуттуу, сылаастык, чаҕылыччы тыгар.
Утары турар улахан, түөрт этээстээх таас дьиэттэн биир киһи санныгар тугу эрэ сүгэн иһэрэ көһүннэ. Ээ, бу билэр киһим Гаанньа. Ити тугу сүктэҕэй? Өр буолбата, өссө чугаһаан кинилэр дьиэлэригэр ааһар теплотрасса кэтит сабыытыгар били сүгэһэрин түһэрдэ. Тэниттэ. Көбүөр эбит. Бу манна ити дьиэҕэ олорооччулар доруоскаларын, көбүөрдэрин сууйалларын билэбин. Бүгүн Гаанньа эрдэлээбит. Үлэһит, бүгүрү киһи. Аҕыйах хонуктааҕыта кинилиин көрсөн кэпсэппитим. Ол онно ыраах Дьааҥы хайаларыгар бөртөлүөтүнэн көтүһүөхтээҕин кэпсээбитэ. Ыстаадаҕа барар, үрүҥ дьиэ үлэһиттэрин кытары көтүһэргэ кэпсэппит. Кини сүрүн соруга хаартыскаҕа түһэрии. Табаһыт дьон күннээҕи олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, мөссүөннэрин түһэриэхтээх. Хайа, ол онто оройуоммут биир уратытын, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, биир чаҕылхай, бэртээхэй хаартыскалар буолуохтара. Бу иннинэ, кэрэ көстүүлээх, дьоһун, модун Дьааҥы хайаларын хаартыскаҕа түһэрбитэ. Ол онто саас хаардаахха этэ. Аны сайын түһэрбит киһи диэн баҕа санаалааҕа. Омос көрүүгэ хайалар бары биир курдуктарын эрээри, кинилэр бары тус туһунаннар. Оннооҕор биир хайа, күн-дьыл хайа кэмиттэн уларыйарын, атыннык, сонуннук көстөрүн Гаанньа миэхэ кэпсээччи. Хаартыскаҕа кыра сыһыаннаах буолан, Гаанньа ити этиилэригэр толору сөбүлэһэбин. Онтон Гаанньа айылҕа кэрэтин, бэйэтэ туспа уратытык көрөр мындыр дьоҕурдаах киһи.
Чэй иһэн, тэлэбииһэр кыратык көрөн балкоммар тахсыбытым Гаанньам суох. Көбүөрүн сууйан бүппүт. Кини сылдьан барбытын туоһута теплотрасса устуруустаах хаптаһына илийэн харааран көстөр. Бачча сылааска сотору ити хара сүтүө. Кууруо. Ити баар, туох барыта уларыйа турар. Түгэн. Сүтүө дөбөҥнүк. Онтон ону хайдах эмэ гынан үйэтитэр аныгы кэмҥэ араас ньыма баар. Олортон биирдэрэ хаартыскаҕа түһэрии. Гаанньа ити идэни толору баһылаабыт киһи.
Кэргэммин Варяны ыла массыына кэлиэхтээҕэ. Олбуорга массыына киирэн эргийэр тыаһын истэн, балкоммар таҕыстым. Суох, атын массыына эбит. Утары көрбүтүм. Хас да хааман, хардарсар дьон быыһыттан, билэр киһим эрчимнээх хаамыынан иһэрин тута көрдүм. Билиминэ, бу манан кини күн аайы кырата, иккитэ-үстэ, хайаан да ааһар сирэ. Бу Гаанньа. Шортиктаах футболка кэппит. Төбөтүгэр сырдык киэпкэлээх. Уҥа илиитигэр пакет тутуурдаах. Улахан кинигэ дуу, эбэтэр альбом буолуо, хаптаҕай уонна уһуктардаах курдук, иһигэр баар мала. Киэҥ-киэҥник атыллаталаан, теплотраасса турбатын төҥкөйөн, бу, мин дьиэм уҥа өттүнэн ааһан эрэр киһиэхэ:
– Гаанньаа, Ганя, – диэн ыҥырдым. Киһим тохтоото, өйдөөбөтө. Ол кэмҥэ иккистээн: – Гаанньа, – диэтим. Киһим эргиллэн, мин диэки хантайан көрөөт, үөрбүт сирэйэ мичээрдээт:
– Үлэбэр бардым, ыксыыбын, кэлээр, – диэт, хаҥас илиитинэн доҕордуу далбаатаат, ааһа турда. Мин кинини билбитим ыраатта. Хам-түм оройуон эрэдээксийэтигэр сылдьааччыбын. Биир сырыыбар эдэр уол баара. Бу кини этэ. Эрэдээксийэҕэ хаартыскаҕа түһэрээччинэн үлэҕэ киирбитин кыратык кэпсэтэн билсиһээт, билбитим. Урут Мээрин диэн уол үлэлиирэ. Кинилиин проявитель, фиксаж мэнэйдэһэр этибит. Ол ону санаан Гаанньаҕа хаартыска оҥорор, кыра хоһугар киирбиппит. Остуол муннугар хаартыскалар чөмөхтөрө сыталлара. Мин олору көрбүтүм. Оройуон дьонун хаартыскалара. Үгүстэрин көрөн билэр дьонум. Гаанньа:
– Ити хаартыскалар манна хаалбыттар, мин суох гынаары сылдьабын, ылар буоллаххына ыл, – диэбитэ. Кини иннинэ үлэлээбит уол хаартыскалара эбит. Хаартыскалары ылбытым. Билэр дьоммор ол хаартыскалары биэртэлээбитим. Ол хаартыскалар тобохторо билигин да миэхэ бааллар. Биир хаартыска миэнэ эбит. Коля Мээрин үлэбэр кэлэ сылдьан түһэрбитэ. Хаһыакка кыра суруктаан таһаарбыта. Оройуон хаһыатыгар ол иккис тахсыым этэ. Бастакы тахсыыбын Эргэ Сайдыыга үлэлии сырыттахпына таһаарбыттара. Арай биирдэ түргэнник Хаандыгаҕа киирэр үһүгүн диэн илдьит кэлбитэ. Эргэ Сайдыыга биир эрэ төлөпүөннээх этибит. Кыра хонтуора дьиэтигэр муннукка турар дьоҕус остуолга баара. Туохха наадыйдахтарай диэн кэлбитим. Миигин эрэдээксийэ үлэһитэ Сивцев Афанасий Дмитриевич көрдөөбүт эбит. Кини миигин тута хаартыскаҕа түһэрбитэ. Ол хаартыска эмчиттэр күннэригэр “Кыһыл Знамя” хаһыакка тахсыбыта.
Гаанньалыын хаартысканы хайдах бэчээттииргэ, бэйэбит үлэбит түгэннэрин, албастарын, сатабылларын туһунан кэпсэппиппит. Мин ол онно Гаанньа хаартыскаҕа бэйэтэ ураты талааннааҕын билбитим. Ол кэмтэн билсиһэр буолбуппут. Киһим Дарбасов, онтон устунан апаспаанньатын уларытан Попов Гаврил Гаврильевич буолбута.
Гаанньа киһи быһыытынан наһаа боростуойа, онон кинилиин алтыһар истиҥ, иһирэх, аһаҕас буолааччы.
Олох хаамыытынан Гаанньа үлэтэ уларыйан испитэ. Кини олохтон хаалбат бигэ дьүккүөрдээҕэ. Истэринэн мөлтөҕө өссө түргэнник сайдыан мэһэйдээбитэ чуолкай. Ол да буоллар ураты талаанынан олох хаамыытыттан хаалбакка, инники күөҥҥэ, тэҥҥэ хардыылаһан испитэ.
Кыра дьиэ атыылаһан, аныгылыы офис оҥостубута. Иһин барытын бэйэтэ оҥорбута. Барыта тып-тап, орун оннугар буолбута. Манна Хаандыгаҕа бастакынан цифровой хаартыскалары кумааҕыга бэчээттээн барбыта. Хаачыстыбалаах үчүгэй хаартыскалары оҥорон нэһилиэнньэ махталын ылбыта.
Төрөөбүт Томпотун оройуонун аныгылыы эттэххэ брендэтин маҥнайгынан элбэҕи оҥорбута. Мин хас сырыым аайы туох эрэ саҥаны Гаанньа оҥорбутун көрөн сөҕөрүм уонна үөрэрим. Гаанньа оҥоһуктара Арассыыйа, омук да сирдэригэр үгүстүк тарҕаммыттарыгар бүк эрэллээхпин. Итинник Томпо оройуонун биир тумус туттар киһитинэн буолбута. Баҕар, үгүстэр итини өйдөөбөттөрө буолуо. Ол сыыһа буолбатах. Гаанньа хаһан да ситиһиитинэн өттөйбөт, биллэ сатаабат, аһара сэмэй киһи этэ. Итинник дьон аҕыйахтар.
Гааньа ис дууһатынан толору саха киһитэ этэ. Мин кинини, ааспыт үйэлэр чахчы, дьиҥнээх сахаларыттан биирдэстэрэ, бу саҥа кэмҥэ кэлэн биһиги ортобутугар сылдьар диэн оҥорон көрөн, саныырым. Ол оннук аһара сымнаҕас, аһаҕас, көнө майгылааҕа. Дьонтон үчүгэйи эрэ эрэйэрэ. Ол онто хайаан да, ол оннук буолуохтааҕар куруук эрэнэрэ. Аныгы олох тыйыһын тулуйбатах, ол онно олорсон иһэр дьон сыһыаннарын килбик саха эр киһитинии, соһуччу билэн, төһө эрэ аймана ылыммытын сэрэйэбин эрэ. Ол онтон бу маннык ыраас киһи төһө эрэ харааста санаабыта буолуой?- диэн мунчаарабын. Ол Гаанньа уран дууһатын, дьэбин тимири тобулу сииринии, төһө эрэ аалбытын. Ол да буоллар Гаанньа наар саҥаҕа, үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһара. Ол оннук олоҕунан олороро.
Гаанньа айылҕалыын алтыһарын олуһун сөбүлүүрэ. Хайаан да “саатын” – фотоааппараатын сүгэ сылдьара. Ол сылдьан тугу сөбүлүү көрбүтүн хаартыскаҕа түһэрэрэ. Онтун айар үлэтигэр туһанара. Сайын быйаҥа сир аһын хомуйарын, наһаа сөбүлүүрэ. Сахабыт Сирин айылҕатын иҥэмтэлээх астара, саха төрүт иһитигэр үргэнэн, томточчу туолан турар хаартыскалара үгүс ыалга көстүүлээх сиргэ ыйаммыт буолуохтаах. “Край Томпо” диэн бэртээхэй, элбэх хаартыскалаах кинигэ таһаарбыта. Ол кинигэтэ Арассыыйа, аан дойду араас муннуктарыгар тилийэ тарҕаммыта. Мин аҕыйах хаартыскабын киллэрэн, өссө кинигэ кэннигэр таһаарааччылар испииһэктэригэр мин ааппын киллэрэн сүрдээҕин соһуппута. Ол курдук Гаанньа кыраны да болҕомтоҕо, суолтаҕа ылар киһи кэрэмэһэ этэ. Элбэх фотоальбомнары оҥороро. Онтун наардаан, эбии бэйэтэ миэстэ миэстэтигэр сөптөөх тыллаан, суруктаан таһаарар буолан, киниэхэ сакаастаһааччы элбэҕэ.
Наһаа аламаҕай буолан, дьоҥҥо наар көмөлөһө сатыыра. Киниэхэ сырыттахха киирбит, тахсыбыт дьоҥҥо бэйэтиттэн өттүк харалаан таһаарарын сөҕө санаабытым. Ол мин түбэһэ көрүүм буоллаҕа. Онтон кини итинник үөрүүлээх түгэни, дьоҥҥо элбэҕи оҥорбут буолуохтаах. Бөһүөлэккэ буолар араас тэрээһиннэргэ, спонсор быһыытынан элбэхтик кыттарын, оройуон иһитиннэрэр араас ситимиттэн ааҕан билбитим үгүс, элбэх.
Миэхэ баанньыкка хаста да кэлэн сууммута. Сороҕор уолаттарын аҕалара. Кини хайдах эрэ өссө үчүгэй олоххо олоруон баҕарара. Даачаланыан, чааһынай дьиэлэниэн ыра санаа оҥосторо. Төһө да бүппэт араас түбүктээх буоллар, кэргэнин дойдутугар куруук барары наадалааҕынан ааҕара. Кини туһунан тапталлаах кэргэнин дьоно, олус истиҥниҥ ахтан суруйбуттарын аахпытым. Бөдөҥ-садаҥ, буулаҕа күүстээх аймах дьонугар сирдэрбэтэх. Өссө ордор да буолан, итинник астыктык, кинилэр аҕыннахтара. Бу хас күтүөт аайы бэриллибэт, улахан сыанабылы киһитэ Гаанньа буолан ыллаҕа. Оннук киһи Гаанньа барахсан этэ.
Мин кини суруйууларын аахпытым. Толору, астык суруйуулар. Киниттэн ити туһунан ыйытыыбар, эрэдээксийэҕэ үлэлии сылдьан, сыстыбытын эппитэ. Суруналыыс, Ю.Г. Бурцевтыын алтыспытын кэпсээбитэ. Оччолорго хаһыат нэдиэлэҕэ үстэ тахсара. Матырыйаал элбэх наада буолан кинилэр элбэх кыһаттарыылаах үлэлээбиттэрин ахтан кэпсээбитэ. Ордук үлэһит аччаабыт, уоппускаҕа сылдьар сайыҥҥы кэмнэригэр. Ол оннук үлэ, үчүгэй дьоннуун алтыһыыта кини суруйар дьоҕура сириэдийэн барыытыгар бастакы кыһа эбиттэрэ буолуо.
Дьылҕа хаан уһун үйэлээбитэ буоллар кини сааһыран олорон, элбэх айымнньыны суруйуо хааллаҕа. Ол туһунан кырыйдахпына, иллэҥсийбиччэ суруйуом, дьарыктаныам этэ диэн быктаран ааһара. Төрөөбүт-үөскээбит Дабаччыматын истиҥник ахтара, саныыра. Таптыыр-ахтар сирин, кэрэ миэстэлэрин, бүччүм тоҕойдорун, эргэ өтөхтөрүн көрө-көрө сатыы бара сылдьыбытын, өссө да сатыы барыам этэ диэн өрө көтөҕүллэн, сирэйдиин сырдаан, хараҕа таптал уоттанан кэпсээбитин өйдүүбүн.
Дьэ, ол оннук сэдэх, кэрэ киһилиин алтыспытым миэхэ дьылҕам бэлэҕин курдук саныыбын. Ол оннук мин өйбөр-санаабар, төбөбөр умнуллубаттык хаалыаҕа.
Алаас Уола. Олунньу ый 4 күнэ 2024 сыл. Хаандыга б.