Тыа сирин сайдыытын Мэҥэ Алдаҥҥа тутуллубут таас дьиэ холобуругар көрүөххэ син. Биһиги нэһилиэкпитигэр дьону эргэ уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү дойду Президенэ Владимир Путин көҕүлээбит федеральнай прграмматынан бастакы таас үс мэндиэмэннээх дьиэ тутуллубута. Тутуу 2020 сыл атырдьах ыйыгар саҕаламмыта уонна 2021 сыл бүтүүтэ дьон саҥа кыбартыыраларга киирбиттэрэ. 2400 кв.м. иэннээх дьиэҕэ түөрт биир хостоох, тоҕус икки хостоох, өссө 16 — үс хостоохтор, барыта 29 ыал көспүтэ. Бу туһунан олохтоохтортон уонна нэһилиэк баһылыгыттан ыйыталастыбыт.
Александр Капитонович Захаров: «Биһиги бу дьиэҕэ икки сыллааҕыта көспүппүт. Бастакы таас дьиэ буолар, урукку дьиэбит нэһилиэккэ бастакы толору хааччыллыылаах дьиэ этэ. Олус дьоллоох дьоммут дэнэбит. Дьиэбит олус үчүгэй, сылаас, сырдык».
Агафья Владимировна Аммосова: «Бу дьиэҕэ үһүс сылбытын кыстыыбыт. Дьиэбитин наһаа үчүгэй, сүрүнэ диэн сылаас».
Юрий Юрьевич Комиссаров: «Мэҥэ Алдаҥҥа 2014 сылтан дьону эргэ уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү программата үлэлиир. Программа олоххо киирэригэр өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна оройуоммут дьаһалтата күүскэ үлэлииллэр. 2015-2017 сс. алта хаарбах дьиэттэн икки иккилии мэндиэмэннээх мас дьиэҕэ көһөрбүппүт.
Кэлэр сылыгар икки иккилии мэндиэмэннээх мас дьиэни туттарбыппыт. Бу бастакы түһүмэх этэ. Иккис түһүмэххэ саҥа таас үс мэндиэмэннээх дьиэҕэ көһөрбүппүт. Барыта 29 ыал киирбитэ. 2025 сылтан маннык программа салҕаныа. 30 кыбартыыралаах өссө биир таас дьиэ тутуллуохтаах. Биир дойдулахтарбыт олорор усулуобуйалара тупсарыгар кыһаллабыт».
Кэлин биэс сыл иһигэр эдэр исписэлиистэргэ дьиэ, оҕо оонньуур балаһааккалара, спортивнай балаһаакка, Егор Петрович Неймохов аатынан сквер тутуллубуттара. Кэлэр сылга култуура дьиэтин тутуута былааннанар.
Айгылаана