«Өбүгэ оонньуулара» Кириэс-Халдьаайы оскуолатыгар

Саха төрүт оонньуулара омук эт — хаан, өй — санаа өттүнэн сайдыытын туоһута буолаллар. Саха киһитин күннээҕи олоҕун — дьарыгын оонньуунан көрдөрөрө. Былыр сымса туттуу-хаптыы, кыраҕы харах, холку быһыы- майгы, инникини ырыҥалыыр дьоҕур сыаналаналлара. Онтон саха остуолун оонньуута тарбаҕы сайыннарар, тулууру, сымсаны эрчийэр буолан, дьон олус сөбүлүүрэ. Өбүгэлэрбит оонньуулара оҕо тобуллаҕас толкуйун, өркөн өйүн сайыннарар, киһилии киһи буолан тахсарыгар олук уурар.

Саха былар айылҕаҕа тапталын уонна ытыктабылын оҕолоругар оонньуу нөҥүө иҥэрэр этэ. Сахаҕа сүөһүгэ сыһыаннаах бэрт элбэх оонньуулар бааллар: өһөс торбос, ат сүүрдүүтэ, оҕус уонна чөҥөчөх, ойбонтон уулааһын уо.д.а.  Айылҕаны харыстааһын туһунан мэлдьи өйдүүллэрэ, ат сүүрэр суолун бэлиэтииллэригэр, «от оттооһунугар» оту – маһы алдьаппакка, хаппыт титириктэри, таах сытар мастары, эрбэһиннэри туһаналлара. Хамсаныылаах оонньуулларыгар анал миэстэлээх буолаллара, тэлгэһэ отун тэпсибэт этилэр, ити барыта сири – уоту, оту-маһы харыстыы уерэнэллэригэр “көмөлөһөрө. Ити курдук өбугэлэрбит оҕолорун кыра саастарыттан айылҕаҕа кыһамньылаахтык, эйэҕэстик, харыстабыллаахтык сыһыаннарга уерэтэллэрэ.

 

Саха төрут оонньууларын суолтата кун бүгүн сүрдээх улахан. Ол курдук, Саха сиригэр  өбүгэлэрбит төрүт оонньууларын Федерацията сүрүн сыала-соруга – өбүгэлэрбит оонньууларын эгэлэтин харыстааһын, тарҕатыы уонна оонньуу нөҥүө норуот духуобунай култууратыгар дьону сыһыарыы буолар.

Республикабытыгар агрооскуолаларга сыл аайы «Өбүгэ оонньуулара» ыытылаллар. Биһиги оскуолабытыгар аан бастакытын 2019 сыллаахха ыыппыппыт. Онтон  Уус – Тааттаҕа ыытыллыбыт респбуликанскай күрэхтэһиигэ биһиги оҕолорбут аан бастакытын кыттыбыттара.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков аатынан Томпо оройуонун Кириэс – Халдьаайы орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыгар оскуола иһинэн IVтөгүлүн ыытыллар «Өбүгэ оонньуулара» спортивнай этнофестиваль,  тапталлаах оскуолабыт 120 сылыгар, Саха республикатыгар Оҕо сылыгар анаан ыытылынна.

Быйыл оскуолабытыгар биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан,  «Модун» спортивнай комплекстан Саха республикатын Үтүөлээх учуутала, остуол оонньууларыгар спорт маастара, тренер Белолюбская Надежда Николаевна кэлэн остуол оонньууларын быраабылаларын билсиһиннэрэн, мастер класс көдөрбүтүн учууталлар уонна үөрэнээччилэр олус интэриэһиргээн көрбүппүт уонна истибиппит. Ити күн «Өбүгэбит оонньууларын» аһыллыыытын уонна 5 –тэн 7 кылааска диэри оҕолорго хаамыска, хабылык курэхтэһиитин ыыппыппыт. Надежда Николаевна оҕолор оонньуулларын көрбүтэ уонна туһалаах сүбэлэри биэрбитэ. Күрэхтэһии түмүгүнэн  чемпионнарга уонна призердарга мэтээллэри, Грамоталары уонна харчынан бириистэри туттарарга Надежда Николаевнаны көрдөспүппүт. Кини туттартаабыта оҕолорго өйдөрүгэр – санааларыгар биир чаҕылхай, умнуллубат түгэнинэн буолбута. Биһиги оройуоҥҥа остуол оонньуулара хабылык уонна хаамыска атын улуустарга холоотоххо  кэлин умнууга барда. Ол иьин ону сөргутээри, оҕону төһөнөн эрдэ өй, остуол оонньуутугар угуйа5ын да, кини соччонон сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин сатаан олоххо туһанар, инникитин өтө көрөр, кыахтаах, дьиҥнээх интеллектээх киһи буола улаатар диэн санааттан «Өбүгэ оонньууларыгар» хаамысканы уонна хабылыгы киллэрбиппит.

Алын сүһүөх 1 – 2 кылаастарга уонна 3 – 4 кылаастарга уолаттарга, кыргыттарга 5- тии көрүҥүнэн күрэхтэспиттэрэ. «Ойбонтон уулааһын», «Көтөх ынаҕы туруоруу», «Үс куобах», «Хаамыска», «Наартаны ыстаныы» көрүҥнэринэн күөн көрүстулэр. Биирдиилээн  көрүҥ аайы миэстэлэспит оҕолорго Грамота, мэтээл уонна харчынан бириистэри тутуннар үөрдүлэр – көттүлэр. Онтон кылаастарынан  бастакы миэстэлэри бэйэлэрин группаларыгар иккис уонна тердус кылаастар ыланнар Кубогынан наҕараадаланнылар. Онтон  5 – 7 уонна 8 -10 кылаастарга кыргыттар уонна уолаттар 6 – лыы көрүҥүнэн күрэхтэспиттэрэ. «Ойбонтон уулааьын», « Көтөх ынаҕы туруоруу”,  “Тутум эргиир”  (уолаттарга)   “Кириэс тэбии”  (кыргыттырга)  “ Хаамыска”,   “Хабылык”,   “Наартаны ыстаныы” көрүҥнэргэ күрэхтэстилэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн 5 уонна 7 кылаастарга 1 миэстэни 6 кылаастар, 2 миэстэни 7 кылаастар, 3 миэстэни 5 кылаастар ыллылар. Онтон 8 уонна 10 кылаастарга 1 миэстэни 9 кылаастар, 2 миэстэни 10 кылаастар, 3 миэстэни 8 кылаастар ыллылар.  6 керун тумугунэн мунутуур кыайыылаа5ынан кыргыттарга Овчинникова Олеся 6 кылаас, уолаттарга Бурцев Вова 7 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар. Онтон 8 – 10 кылаастарга 6 көрүҥ түмүгүнэн Винокурова Валерия, 9 кылаас, уолаттарга Константинов Нестор, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.

Бу күрэхтэһиигэ сүрүн спонсордарынан буоллулар: Кубоктары оскуола директора  Слепцов Святослав Артурович, 144 мэтээли чемпионнарга уонна призердарга хас көрүҥ аайы туруордулар Матрена Егоровна уонна Иван Николаевич Бысыиннар дьиэ кэргэттэрэ, Саха республикатын Ил Түмэн депутата, «Төлөн» АО директора  Рахлеев Прокопий Дмитриевич,  оскуолабыт выпускнига, 2 төгүллээх Аан дойду чемпиона, Европа чемпиона, 5 төгүллээх Россия чемпиона, 4 төгүллээх Саха республикатын чемпиона, Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара Саввин Дмитрий Александрович, “Хаадьыма” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга, Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Тополин Николай Власьевич, спорт ветераннара, спорду көҕүлээччилэр уонна оскуолабыт учууталлара харчынан бириистэри туруордулар. Бары өйдөөн уонна өбүгэлэрбит оонньууларын өрө тутар санааттан көмөлөспүт спонсордарбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Баҕарабын эһиги үтүө санааҕыт эдэр ыччакка төрүт өбүгэлэрбит оонньуулара сайда, тэнийэ турарыгар кынаттыаҕын, холобур буолуоҕун. Куруук үөрэ – көтө сылдьаргытыгар, иллээх – эйэлээх олоҕу!

Матрена  Бысыина,

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.М.Охлопков аатынан Кириэс – Халдьаайы орто оскуолатын агроүөрэхтээһиҥҥэ директоры солбуйааччы.