Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөл олоҕу көҕүлээһин күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 2021 сылтан киирбитэ. Чөл олох – бу киһи доруобуйатын тупсарарга, ыарыылары сэрэтэргэ, киһи этин-сиинин эрчийэргэ туһуламмыт олоҕун уобараһа буолар. Чөл олох сиэрэ киһи бары өттүнэн сайдарыгар көмөлөһөр, кырдьар сааһыгар тэтиэнэх сылдьарын мэктиэлиир. Кэлиҥҥи сылларга хаһааҥҥытааҕар да чөл олох суолтата үрдээтэ. Олохпут тэтимэ уларыйан, бырамыысыланнас сайдан, экологиябыт мөлтөөбүтүн түмүгэр киһи доруобуйата айгырыыр. Чөл олоҕу тутуһуу күннээҕи олохпут суолтата буолар.
Оройуон олохтоохторуттан чөл олох туһунан аҕыйах ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстүм:
- Чөл олох диэни хайдах өйдүүгүнүй?
- Нэһилиэнньэ ортотугар ханнык тэрээһиннэри ыытыахха сөбүй?
- Билиҥҥи ыччат чөл олоҕу тутуһар дуо?
Степан Никифоров:
- Чөл. Чөл диэн бэрт кылгас тыл, ол да буоллар суолтата бара турар элбэҕи этэр, хабар, быһаарар диэн бара туруохха сөп. Бүтэһигэр сокуон тылынан ДОРУОБАЙ. Чөл олохтоох саба быраҕан эттэххэ элбэх киһи буолуон сөп. Дьиҥэр ити тылга сөп түбэһээччитэ арыый аҕыйах. Аны олох, киһи олоҕун устата итинник чөл олохтоох диэҥҥэ киирээччитэ өссө аҕыйах. Аны аһыыр аһынан чөл киһи санаатынан, өйүнэн майгытынан эмиэ чөл буолуохтаах. Бу өссө сүрүн ирдэбилэ буолар. Ол өссө чөл олохтоох ахсаанын өссө кыччатар.
- Көрдөрөр- иһитиннэрэр эйгэ итинник чөл буолууну киэҥник сырдатыахтаах. Саамай сүрүнэ олох тупсуута буолар. Судаарыстыба тэҥник, бары хабааннаахтык сайдан иһиэхтээх. Киһи биирдэ бэриллибит олоҕунан толору астынара нэһилиэнньэҕэ барытыгар тарҕаныахтаах. Ону сүрүннээччилэринэн култуура, успуорт үлэһиттэрэ буолаллар, буолуохтаахтаахтар уонна буола туруохтаахтар.
- Билиҥҥи ыччат чөл олоҕу тутуһарын саастаах киһи буолан сыыһа быһаарыахпын сөп. Биһиги көлүөнэ олохпут отой атын этэ. Билигин отой атын олох. Сирдээҕи олох сайдыыта балысхан. Сороҕун сөбүн өйдүө да суохпутун сөп. Чөл буоларга тутуу бөҕө ыытылынна. Инникитин өссө балысхан буолар чинчилээх. Уруккулуу ыарахан хара үлэ аны суох. Олорор усулуобуйабыт күн түүн тупса турар. Ол да гыннар чөл буолууну үгүс ыччат өйдөөбөт быһыылаах. Аныгы ыччат ааспыты ылынара ыарахан аны ону билэ да сатаабат. Ону билэргэ үөрэтэригэр солото суох курдук. Ыччат аралдьыйара аһара элбэх. Ол дьайыыта соччото суох. Аны ону киэр илгэр кыаллыбат буолла.
Наталья Оконешникова:
- Чөл олох диэн мин өйдүүрбүнэн чэгиэн олох, эт-хаан өттүнэн, өй-санаа өттүнэн чэбдик буолуу. Доруобуйаны көрүнүү, хамсаныы-имсэнии, физкультура, арыгыттан, табахтан, наркотиктан аккаастаныы.
- Сылаас кэмнэргэ стадионна зарядканы ыытыы, скандинавскай хаамыыны киэн араҥаҕа пропагандалаан араас тэрээһиннэри ыытыы, йога, фитнес дьарыктара ыытыллара буоллар. Үчүгэй хаҥкылыыр сир наада, аттыгар прокаттаах, сылааска киирэн ханкы кэтэр, итии чэй, кофе атыыланар сирдээх. Онно аттыгар салаасканан сырылыыр сыырдаах.
- Тутуһар да баар, тутуспат да элбэх.
Римма Захарова:
- Чөл олох — киһи санаалыын, ис туругунан, эт-хаан өттүнэн талбыт куһаҕан дьаллыктан тэйэ туттар олоҕун суола. Эт-хаан өттүнэн бэйэтин көрүнүү, сайыннарыы буолар.
- Детсад, оскуола, техникум, бары үлэ тэрилтэлэригэр зарядкалары тэрийииттэн саҕалаан доруобуйаны үөрэтии программаларын, куһаҕан дьаллык утары билиһиннэриилэри тарҕатар туһалаах буолуо.
Баҕалаахтар сылдьан дьарыктанар спортивнай, илии- быччыҥ дьарыктарын тэрийии. - Ыччаттар ортолоругар спорду сөбүлүүр, дьарыктанар, доруобуйаларын көрүнэн аһылыктарын сөптөөхтүк тэринэр ыччаттар бааллар.
Куһаҕан дьаллыкка ылларбыт эдэрдэр хомойуох иһин эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Кыракый оҕону кэлээскэлэҕэ анньа сылдьан табах тардар эдэр төрөппүттэри көрөөччүбүн. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.
Сардана Саввина:
- Чөл олох диэн, мин санаабар, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаныы эрэ буолбакка, киһи күннээҕи олоҕор сөптөөх режимы тутуһара: сарсырда сөпкө утуйан туруу, зарядка, күннээҕи рационна-иҥэмтэлээх ас аһааһын, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыыта буолар. Бу барыта чөл олох биир сүрүн тутула буолар. Киһи чөл олохтоох буоларыгар өй-санаа өттүнэн ыраас санаалаах буолуохтаах.
- Нэһилиэнньэҕэ саастарынан көрөн араас эти-хааны чэбдигирдэр тэрээһиннэри ыытыахха сөп.
- Билиҥҥи ыччат чөл олоҕу тутуһар дии саныыбын: спортзалга сылдьар эдэр ыччат элбээтэ. Нэһилиэккэ ыытыллар араас хабааннаах күрэхтэһиилэргэ кытталлар. Билиҥҥи эдэр ыччат чөл олоххо тардыһара инникигэ эрэллээх буолууну туоһулуур.
Лена Слепцова