Балаҕан ыйын 25 күнэ – Алдан өрүс күнэ

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр ыҥаалар бүтүн нэһилиэгинэн Алдан өрүспүт күнүн бэлиэтээтибит. Сарсыардаттан дьон сүргэтин көтөҕөн Алдан өрүс туһунан ырыалар бөһүөлэги тэлийэ көттүлэр. «Алдан, Алдан, эн устууй, мин дууһабын уоскутууй» – диэн ырыаҕа ылланардыы өрүспүт чуумпутук, күн уотугар күлүмнүү уһунна. Халлааммыт тэҥҥэ үөрсүбүттүү туран биэрдэ. Эбиэт кэннэ олохтоохтор өрүспүт үрдүгэр мустан биэрэк үрдүн хомуйдубут. Кыраһыабай көстүүлээх бөһүөлэкпит биир мааны миэстэтигэр күһүҥҥү ас-үөл дьаарбаҥката тэрилиннэ.

Дьаарбаҥка остуолугар өрүспүт бэрсэр араас балыктара, булчуттар кустаабыт көтөрдөрө, куобахтара, хаһаайкалар сайыны быһа көрбүт-истибит оҕуруоттарын аһыттан оҥоһуллубут кэнсиэрбэлэрэ элбэҕэ сөхтөрдө. Бары тэрилтэлэр, олохтоох нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттаннар үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар. Дьаарбаҥкаттан киирбит үп СВО-ҕа сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөҕө барыаҕа. Бары кыттыбыт тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо көхтөөх кыттыыгыт иһин махтанабыт.

Светла Попова, Ыҥаа нэһилиэгэ