Балаҕан ыйын 27 күнэ – саха олоҕор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн. 1990 с. суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт сувереннай республикабыт хаттаан саҥа Конституцияламмыта. Онон балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Республикатын судаарыстыбаннаһын күнэ. Ол кэмтэн ыла саха олоҕор уларыйыы киирбитэ. Кырдык даҕаны бу Саха сирин биир улахан историята буолар. «Байаҕантай» НАК үлэһиттэрэ агитбригаданан Саха Республикатын судаарыстыбаннаһын күнүнэн тэрилтэлэринэн сылдьан эҕэрдэлээтилэр.
Ол курдук программаларыгар Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола «Оhуор үҥкүүтэ» тоҕус мэҥэ бэлиэ хамнаныынан НАК үҥкүүгэ салайааччыта Михаил Михайлович Семенов алгыс ылааһыны оҥортордо. Алгыс ылааһынын суолтата:
Сир ийэ дойду сиксигин арыйан, аан ийэ дойду аргыстаах аартыгын атыллаан үөhээ үрдүк айыыларым үтүө сырдык күүстэрин алгыстаах тыыннарын иҥэриннэҕим буоллун!
1. «Дуҕа ойуу» – мэҥэ халлаан бэлиэтэ, тоҕус хаттыгастаах толомон маҕан халлаан тунаара сырдаан туругура тубустун! (Туску)
2. «Алаhа дьиэ бэлиэтэ» – аал уотум күлүмнээтин, алаhа дьиэбит арчыланнын, төрүүр оҕобут төлкөлөннүн, Саха буолан сандаардыҥ! (Күөгэл-нусхал)
3. «Туос ойуу» – эбэтэр түмсүү бэлиэтэ диэн аатанар – биир бэйэбит биэс буолан түhүлгэбит кэҥээтин, түмсүү түллэр күүhүнэн кэлэр кэскилбит түстэннин! (Нарын-наскыл)
4. «Сүрэх бэлиэтэ» – иэйэр сүрэх тэбиитэ ис кэрэни арыйдын, хорсун сүрэх дьулуура холобурга сырыттын! (Саргы)
5. «Бүөр ойуу» олох бэлиэтэ – Саха омук дьоллоох олоҕо тубустун, орто туруу дойдуга дьоhун аата дуорайдын! (Дьаралык)
6.» Сүөhү барҕата» – хороҕор муостаах сүөhүбүт хонуу муҥунан хойуннун, сыспай сиэллээх сылгыбыт сыhыы муҥунан сырыстын! (Хорук)
7.»Көҕүөр ойуу» эбэтэр үүнэн турар сибэкки дьөрбөтө, эбэтэр сахалыы иhит-хомуос ойуутун көрдөрөр – уйгу-быйаҥ дэлэйдин, унаар күөх чэчирээтин, сир ийэ силигилээтин, барҕа баайбыт үксээтин! (Күөгэл нусхал)
8.»Күрүө ойуута» – харыстаныы бэлиэтэ – үөhэттэн үргүөр үргүйбэтин, аллараттан аргыар аргыйбатын, күүстээх санаа күөттэннин, күннээх күрүө үөскээтин! (Тускул)
9. «Үҥүү-сүктүү бэлиэтэ» – самныбат саргылаах саха буолан сандаарыым, кэхтибэт кэскиллээх киhи буолан килбэйиим! (Уруй)
Салҕыы илиилэрбитин хомуйан бу эппит алгыс тылларбытын барытын түмэ тутан эппитигэр-сиимитигэр иҥэрэр хамсаныыны оҥоробут «Үөhээ үрдүк айыыларым үтүө сырдык күүстэрин, алгыстаах тыыннарын иҥэриннэҕим буолуохтун! Дом!
Саханы саха дэппит, уҥэр-үктэр үҥкүүбүт оһуохайын НАК фольклорга анал идэлээх Сандра Николаевна Зыкова таһаарда, иилээн ыытта НАК уус-уран салайааччыта Ариан Альбертович Атастыров. Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ!
Альбина Баланова