Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично от всей души поздравляю вас с Днем отца в Российской Федерации!
Этот всенародный праздник, учрежденный указом президента страны Владимира Владимировича Путина, очень важен для нас. Это признание огромной роли отца в жизни ребенка, в воспитании детей гражданами и патриотами. Так, чтобы в дальнейшем они сами стали хорошими отцами, опорой семьи, республики и страны.
В этот день мы выражаем свою особую признательность нашим отцам. Отец – главный добытчик и надежный защитник, старший друг и умный наставник, первый учитель всем жизненным премудростям.
Отец своим личным примером воспитывает в детях целеустремленность, самостоятельность, ответственность, верность и силу духа, интерес к окружающему миру, любовь к родной земле. Эти качества помогают нам побеждать в непростых жизненных ситуациях.
Сегодня многие якутяне отстаивают будущее нашей страны, доблестно сражаются в зоне специальной военной операции. Все якутяне гордятся мужеством и героизмом наших защитников! Девять Героев России из Якутии – показатель того, какие у нас отцы, каких сыновей воспитали.
Высшей государственной награды были удостоены, Александр Колесов, Филипп Евсеев, Алексей Неустроев, Дмитрий Егоров, Игорь Юргин, Николай Соболев, Николай Евдокимов, Родимир Максимов, Дмитрий Куценко.
Для нас каждый, кто сегодня выполняет задачи в зоне СВО, защищает Родину — настоящий герой.
В республике много делается не только для поддержки семьи, но и для повышения статуса отца в обществе. Символично, что в Год семьи в России и Год детства в Якутии было принято решение о награждении за особые заслуги в воспитании детей, большой вклад в общественную жизнь республики знаком «Ытык аҕа» («Почетный отец») ежегодно шестерых отцов вместо трех, как это было ранее.
К Дню отца в России в этом году знаков и выплаты в размере 100 тысяч рублей удостоены: житель с. Юрюнг-Кюель Чурапчинского улуса, отец тринадцати детей, дед семнадцати внуков и двадцати шести правнуков, ветеран тыла и труда Дмитрий Лукин; глава семьи из села Тасагар Вилюйского улуса, отец пятерых детей, дед пятнадцати внуков Павел Харлампьев; общественник, предприниматель и наставник из села Орто-Сурт Горного улуса, отец восьмерых детей Виталий Илюхин.
Главы семейств – активные участники общественно-политической жизни и инициаторы проектов, направленных на воспитание подрастающего поколения. По инициативе отцов проводятся такие масштабные республиканские конкурсы, как «Аҕа күрэҕэ», «Вместе с папой». Расширяется география и увеличивается количество участников.
Дорогие отцы! От вас зависит крепость и благополучие семьи, а благодаря крепкой семье развиваются республика и страна. И пусть самой главной наградой для вас станет любовь и уважение ваших близких!
Желаю вам здоровья и неиссякаемой энергии, успехов и удачи в созидании, счастья и благополучия, мира и добра.
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятыгар Аҕалар күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Дойду баһылыга Владимир Владимирович Путин ыйааҕынан олохтоммут оҕо дьылҕатыгар, гражданин уонна патриот быһыытынан сүһүөҕэр турарыгар, кэнэҕэскитин оҕо бэйэтэ амарах аҕа, дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэ, дойду эрэллээх эркинэ буола улаатарыгар аҕа сүҥкэн суолтатын кэрэһилиир бүтүн норуот бырааһынньыга биһиэхэ дьоһун суолталаах.
Бу күн ураты махталбытын аҕаларбытыгар аныыбыт. Аҕа – булар талар тутаах киһи, кэтит хахха, бигэ тирэх, эрэллээх доҕор, мындыр сүбэһит, олох-дьаһах ымпыктарыгар-чымпыктарыгар бастакы уһуйааччы.
Аҕа тус холобурунан оҕолорун дьулуурдаах, биир сүрүннээх, бэриниилээх, күүстээх санаалаах буоларга, тулалыыр эйгэни кэрэхсииргэ, төрөөбүт дойдуну таптыырга уһуйар. Ол барыта олоххо көрсөр уустук түгэннэри туоруурбутугар дьоһун төһүү буолар.
Бүгүн Саха сирин үгүс уолаттара дойдуларын кэскилин көмүскүү анал байыаннай дьайыы бара турар сиригэр-уотугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьаллар. Саха сирин бары олохтоохторо биир дойдулаахтарын хорсун быһыыларынан киэн туттуохтарын тутталлар!
Саха сириттэн тоҕус буойун – Александр Колесов, Филипп Евсеев, Алексей Неустроев, Дмитрий Егоров, Игорь Юргин, Николай Соболев, Николай Евдокимов, Родимир Максимов, Дмитрий Куценко Россия дьоруойун үрдүк аатын сүкпүттэрэ биһиги аҕаларбыт хайдахтаах курдук бастыҥ уолаттары иитэн-такайан таһаарбыттарын туоһулуур.
Ийэ дойдутун көмүскүүр, Анал байыаннай дьайыы хонуутугар бойобуой соруктары толоро сылдьар хас биирдии киһи биһиэхэ – дьиҥнээх дьоруой.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ кэргэни өйүүргэ эрэ буолбакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ аҕа үрдүк аатыгар ытыктабыллаах сыһыаны күүһүрдэргэ үгүс болҕомто ууруллар. Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар оҕону иитиигэ ураты үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор дьоһун кылааттарын иһин “Ытык Аҕа” бэлиэнэн сыл ахсын урукку курдук үс оннугар алта аҕаны наҕараадалыырга быһаарыллыбыта элбэҕи этэр.
Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөл с. олохтооҕо, уон үс оҕолоох, уон сэттэ сиэннээх уонна сүүрбэ алта хос сиэннээх үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Дмитрий Лукин; Бүлүү улууһун Тааһаҕар сэлиэнньэтин олохтооҕо, биэс оҕо амарах аҕата, уон биэс сиэн оҕо эһэтэ Павел Харлампьев; Горнай улууһун Орто Сурт сэлиэнньэтиттэн бастыҥ уопсастыбанньык, урбаанньыт, уһуйааччы, аҕыс оҕо аҕата Виталий Ильюхин Россияҕа бэлиэтэнэр Аҕа күнүгэр түөскэ анньыллар бэлиэни уонна 100 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүрү ылар чиэскэ тигистилэр.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай –бэлитиичэскэй олоҕор көхтөөхтүк кытталлар, үүнэр көлүөнэни иитиигэ туһаайыллыбыт бырайыактары көҕүлүүллэр. Аҕалар көҕүлээһиннэринэн ыытыллар “Аҕа күрэҕэ”, “Аҕабын кытта бииргэ” далааһыннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар хабар иэннэрэ кэҥиир, кыттыылаахтарын ахсаана улаатар.
Күндү аҕалар! Дьиэ кэргэн бигэ туруга, уйгута эһигиттэн тутулуктаах, бигэ олохтоох ыал – өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдар мэктиэтэ. Чугас дьоҥҥут тапталлара, ытыктабыллаах сыһыаннара эһиэхэ саамай күндү наҕараада буолуохтун!
Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, ситиһиини, табыллыыны, дьолу, уйгуну, эйэни, бары үтүөнү баҕарабын.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
Фото: Минтруд Якутии