Айар куттаах Степановтар

Үҥкүү — ханнык баҕарар норуот өлбөт-сүппэт, симэлийбэт баай култууратын биир кэрэ, хатыламмат көрүҥэ. Хас биирдии үҥкүү туруорааччы кутун-сүрүн иэйиитэ, олоҕу көрүүтэ, айылҕаны ис эйгэтинэн ылыныыта бука барыта үҥкүү хамсаныытыгар кистэммит кылаат буолар. Кэнники кэмҥэ араас хайысха­лаах үҥкүү бөлөхтөрө сир-сир аайы тэриллэ, тэнийэ тураллар.

Бүгүн сэһэргиир киһим – ыал тапталлаах аҕата, кэлэктиип убаастыыр, киэн туттар, холобур оҥостор үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Алдан долгуннара» үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Иван Иванович СТЕПАНОВ. Бүгүн кини үҥкүү суолтатын, үлэтин туһунан сэргэх сэһэнин ааҕаргытыгар ыҥырабын.

— Култуура эйгэтигэр оҕо эрдэххиттэн сыстаҕас буоллаҕыҥ дии. Хореограф идэтин хайдах талбыккыный?

Уус Алдан Найахы сэлиэн­ньэтигэр төрөөбүтүм. Баҕар билэргит буолуо, Саха сиригэр, Арассыыйаҕа аатырбыт «Найахы» норуот хорун ансаамбыла тэриллибит сирэ. Үҥкүү алыптаах эйгэтэ оҕо эрдэхпиттэн угуйара. Музыка тыаһын иһиттим да, илиим-атаҕым бэйэтэ хамсаан, өйбөр оҥорон көрө-көрө үҥкүүлээн барарым. «Көлүкэчээн» диэн оҕо үҥкүү ансаамбылыгар иитиллэн тахсыбытым. Ити кэмтэн үҥкүүһүт буолар баҕа санаам улаатан испитэ. Ол курдук оскуоланы 1988 сыллаахха бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы Култуура уонна искусство колледжыгар хореография салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Сыл-хонук түргэнник ааһан, саҥа буһан тахсыбыт идэтийбит хореограф 1994 сыллаахха Горнай Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр ананан үлэлии барбытым. Манна олорорго усулуобуйа суох буолан, икки сыл үлэлээн баран уурайбытым. Кэлин 1997 сыллаах­ха Томпоҕо Кириэс Халдьаайыга алта сыл музыка оскуолатыгар хореография кылааһыгар үлэлээбитим. Музыка оскуолатын иһинэн «Ойуу-бичик» диэн оҕолорго үҥкүү бөлөҕүн тэрийбитим. 1999 сыллаахха ансаам­был «Оҕо образцовай үҥкүү коллектива» диэн ааты ылбыта.

2003 сыллаахха Хаандыгаҕа көһөн кэлэн, «Алроса» култуура уонна спорт киинигэр, кэлин «Манчаары» култуура дьиэтигэр хореограбынан үлэлии киирбитим. Манна оҕолорго «Даллан Кэрэ» диэн үҥкүү ансаамбылын тэрийбитим. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа иһинэн аан дойдутааҕы күрэхтэргэ, бэстибээллэргэ кыттан, ситиһии көтөллөөх кэлэрбит. 2011 с. «Оҕо образцовай үҥкүү коллектива» ааты ылбыта. Онтон 2016 сыллаахха куоракка 6 №-дээх оскуолаҕа хореограбынан үлэлии сылдьан, «Магия Севера» оҕо үҥкүү ансаамбылын тэрийбитим. Бу кэлэктиипкэ хаһыс да көлүөнэ күн бүгүнүгэр диэри үҥкүүлүү сылдьар. Оҕолор улуус эрэ буолбакка, республика, Россия, аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ кыттан ситиһии кынаттаах кэлэллэрэ.

— «Алдан долгуннара» ансаамбыл туһунан сэһэргэһиэх эрэ.

2019 сыллаахха Хаандыгаҕа төттөрү көһөн кэлэммин «Алдан долгуннара» диэн дьахталларга үҥкүү ансамбылын тэрийбитим. Бастаан алта кыыс дьарыктанар этэ. Кэлин эбиллэн, билиҥҥи туругунан 30-тан 40 саастарыгар диэри 22 дьахтар сылдьар. Бүгүн биһиги ситиһиибит баһаам. Үлэ таһаарыылаах уонна үтүө түмүктээх буоларыгар ылсан үлэлиибит. Биир сүрүн кыһалҕабыт массыына суоҕа атахтыыр. Ол иһин үчүгэй күрэхтэргэ кыттыбакка хаалабыт. Иллэрээ сыл ковид мэһэйдээн олорон хаал­быппыт. Кэлин биэс сыллаах үбүлүөйбүтүгэр күүскэ үлэлээтибит.

— Ансаамбыл сүрүн сыала тугуй?

Сөбүлүүр дьарык­таах буолуохтааххын уонна онтон дуоһуйууну, астыныы­ны ылыахтааххын, атын дьону үөрэтиэхтээххин диэн сыалы-соругу туруорунабыт.

Ансаамбыл диэн биһиэхэ – үҥкүүнү эрэ толоруу, иллэҥ кэми эрэ атаары буолбатах. Кини соруга, кыаҕа улахан. Хас биирдии ансаамбыл, айар кэлэктиип бэйэтэ туспа эйгэ­лээх, дьылҕалаах. Киһи олоҕун байы­тар, дьону кытта алтыһар, үүнэр-сайдар суолун аартыгынан буолар. Онон ансаамбылбыт – биһиги үрдүк кынаппыт, сайдар саҕахпыт, күүспүт-уохпут, истиҥ эйгэбит.

— Ордук ханнык үҥкүүлэри туруораҕын?

Хас биирдии тахсыбыт үҥкүү туһунан ис хоһоонноох, көрөөччүнү үөрдэр-көтүтэр, ардыгар тургутар, турукка киллэрэр, кутун таарыйар умсугутуулаах буолуохтаах. Биһиги ордук норуот үҥкүүтүн толоробут. Хайдах ылыналларынан, кыргыттарбар сөптөөх үҥкүүлэри туруора сатыыбын. Былырыын оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо бальнай үҥкүү студиятын аспытым. Ол эрээри биирдии пара эрэ дьарыктанар. Кыргыттар өттүлэриттэн баҕалаахтар баал­лар эрээри уолаттар тиийбэттэр. Оҕо саадыгар, оскуолаҕа сылдьан этэн көрдүм да, биир да уол кэлбэтэ. Атын оройуоннары көрдөххө, кыратыттан саҕалаан аҕам саастаахтарга диэри утумнаахтык дьарыктаналлар. Билигин атын улуустарга бальнай үҥкүү киэҥник тарҕаммыт. Ол курдук сылын аайы ыытыллар «Кыайыы вальса» бэстибээл күрэҕэр күүскэ дьарыктаналлар. Студияҕа ким баҕа­лаах сылдьыан сөп. Оҕолорго, эдэр, саастаах дьоҥҥо араартаан туспа үөрэтэбин. Манна сүрүнэ — дьахтар уонна эр киһи тэҥ саастаах буолуохтаахтар.

Хас биирдии кэллэктиип туһунан буочардаах, истииллээх. Кыттааччылар да ураты буолаллар. Мин ансаамбылым уратыта диэн интернациональнай кэлэктиип. Куонкуруска нуучча кыргыттара сахалыы үҥкүүлээтэхтэринэ олус соһуйаллар, интэриэһиргииллэр.  Кыргыттарым баҕалаахтар, үөрүүнү кытта сылдьаллар, онон дьарыктыыр­га чэпчэки. Дьарыкпыт үлэ кэнниттэн киэһэ буолар. Чахчы баҕалаах киһи бириэмэ хаһан баҕар булар, баҕата суох — сылтах эрэ булар. Дьарыкка киһи үҥкүү тиэхиньикэтин эрэ баһылаабат, кини айар дьоҕура, киһи быһыытынан ис култуурата, тулалыыр эйгэҕэ сыһыана, эппиэтинэстээх буолуута сайдар. Маны таһынан, кэлэктииби кытта сатаан алтыһа, бэйэтигэр кэрэни уһугуннара, киһи быһыытынан арылла үөрэнэр.

— Сыанаҕа кэтэр көстүү-м­­нэргитин хайдах толкуйдуугут? Ким тигэрий?

Биһиги Хаандыга бөһүөлэгин дьаһалтатын иһинэн тэриллэн үлэлиибит. Онон сылын аайы үҥкүүбүтүнэн көрөн смета оҥорон дьаһалтаҕа эрдэ ыытабыт. Москваҕа, Санкт Петербурга, соҕуруу сакаас­таан тиктэрэбит. Көстүүм тигиллэригэр бөһүөлэк дьаһалтата үбүлүүр. Сорох көстүүмнэри эскиһин бэйэм толкуйдаан олохтоох дьоҥҥо тиктэрэбит. Матыраайал суох буолан өр оҥоһуллар. Кыргыттар киэргэллэрэ бэйэлэриттэн.

— Наһаа үчүгэй үбүлүөй­дээх кэнсиэр буолан ааста…

Быйыл «Алдан долгуннара» ансаамбылбыт биэс сыллаах үбүлүөйбүтүн ыллыбыт. Ольгалыын ыал буолбуппут 20 сыла уонна айар үлэм 30 сыла. Күһүҥҥүттэн бэлэмнэнэн барбыппыт. Дьарыктанар саалабыт олус кыра, 4-6 эрэ киһи батар кыахтаах. Сүүрбэ киһи хайдах да баппат. Дьиэ суоҕа атах­тыыр. Холобур, кыра сыанаҕа дьарыктанан баран куоракка улахан сыанаҕа таҕыстахха киһи ыһыллан хаалар. Кэлин бу кыһалҕаны үлэлэһэ сатаатыбыт.

— Биэс сыл иһигэр туох ситиһиилэрдээххит?

Ансаамбылбыт ситиһиилэрэ элбэх. Аан бастакы ситиһиибит Хатаска сылын аайы ыытыллар «Терпсихора бырааһынньыга» диэн бэстибээл-куонкуруска Галина Шахурдина ырыатыгар «Дьүөгэлэрим, кыргыттарым» диэн үҥкүү туруоран көрөөччү биһирэбилин ылбыппыт. Былырыын Майаҕа «Күн чөмчүүк» куонкуруска кыттан бастакы степеннээх лауреат, Уус Алдаҥҥа «Мүрү үҥкүүлүүр» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска иккис степеннээх дипломант үрдүк аатын ылбыппыт. Быйыл эмиэ элбэх куонкурус балаһыанньата кэллэ. Ол эрэн, эппитим курдук, транспорт суоҕа мэһэйдиир.

— Дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэр эрэ.

Миэхэ саамай эрэллээх көмөлөһөөччүлэрбинэн, өйүүр-өйдүүр дьоммунан оҕолорум уонна тапталлаах кэргэним Ольга, ону таһынан чугас дьонум буолаллар. Кинилэргэ махталым муҥура суох. Кэргэним педиатр, фармацевт идэлээх. Үҥкүүнэн сөбүлээн дьарыктанар. Куоракка «Ярилов день» үҥкүү норуодунай ансаамбылыгар дьарыктанар. Кыргыттарым улаатан күүс-көмө буолаллар. Улахан кыыһым Александра култуура колледжыгар хореограф идэтигэр үөрэнэр. Кыра кыыс Ангелина 31 №-дээх оскуолаҕа тохсус кылааска үөрэнэр. Үҥкүүгэ ситиһиилэрэ элбэх. Араас таһы-мнаах куонкурустарга кытыннара сатыыбын. Төһөнөн элбэх куонкуруска кыттаҕын да соччонон үүнүөххүн, сайдыаххын баҕараҕын. Атын кыттааччылар хайдах үлэлииллэрин, кытталларын көрөҕүн.

— Үҥкүү диэн эн санааҕар тугуй?

Үҥкүүһүт буоларга күн аайы дьарык наада. Эт-сиин эрэ өттүнэн буолбакка, ис турук эмиэ бэлэм буолара ирдэнэр. Маны таһынан эппиэтинэс, бэрээдэк эмиэ оруолу оонньуур. Саамай сүрүнэ диэн идэҕэр бэриниилээх буоллаххына, ханнык баҕарар ыарахаттары туоруугун. Үҥкүү тыла киһи ис эйгэтин, уратытын арыйар.

Үҥкүү — мин олоҕум. Онтуката суох табыллыбаппын. Айар-тутар киһи буоламмын сорох кэмҥэ «сүтэн» хаалабын. Өйбөр туох да киирбэт, оттон сороҕор идея бөҕө киирэр. Иэйиим киирдэ да блокноппар сурунан иһэбин.

— Дьоһун былааннарыҥ олоххо киирдиннэр, доруобуйаны, дьолу, өссө да кынаттаах үҥкүү-лэри баҕарабыт!

Мария ЗАХАРОВА