Аармыйа. Ылаахтар

Бу сурук кэмбиэрэ кумааҕыларым быыстарыгар сылдьарын билэрим. Сүтэ сүтэ көстөн кэлээччи. Урут да көрөр этим. Соччо аахайбатым. Саҥардыы дьоммор ыыппыт суругум диэн санааттан. Онтум өйдөөн көрбүтүм 50 сыл ааспыт эбит былырыын диэххэ Сотору, сайын 51 сыла буолууһу. Күн дьыл ааһара, барара түргэниин.

Бүгүн бырааһынньык. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ. Хаһан эрэ мин эмиэ уол оҕо буолан иэспин төлүү Сэбиэскэй Сойуус Аармыйатыгар сулууспалыы барбытым 52 сылын туолбута. Сайын Аармыйаҕа сулууспалаан бүппүтүм 50 сыла туолар.

Бу сурукпун байыаннай полигоҥҥа сылдьан ыыппытым, кэмбиэрин аадырыһыттан көстөр. Дьиҥэр Хабаровскай кыраай Бикин куоратын кытыытыгар баар байыаннай чааска сулууспалаабытым. Сылга иккитэ тугу үөрэммиппитин уонна сэрииһит таһыммытын көтөҕө, сайыннара, чиҥэтэ полигоҥҥа ыыталлара. АТЛ тягач (танкетка) уонна эрэллээх 57мм .буускабытын тимир суол соһор платформатыгар тиэйэн ыраах айаҥҥа турунарбыт. Тиэйии балачча бириэмэни ылара. Буускабытын АТЛ бытын хамсаабат гына тимир боробулуоханан тоһоҕолорунан, скобаларынан платформаҕа саайарбыт, иҥиннэрэрбит, баайарбыт, буораахтыырбыт. Аны санаатахха син биир сэриигэ баран эрэр курдук дьаһаныы эбит. Урут да оннук буоллаҕа. Оччолорго сэрии кэмигэр балаһыанньа атына биллэр буоллаҕа. Сэриигэ барыы. Өстөөххө утары барыы. Боруон инники кирбиитигэр тиийэн өстөөхтөрү суһарыы, ытыалыы, ытыалаһыы… Ким кими урут анараа дойдуга суостаахтык атаарыы…

Онтон ол биһиги айаҥҥа тэринэрбитигэр үөрүү көтүү санаа ыга кууһара. Ытыахпыт. Дьэ, хайдах буолар эбитий. Күн аайы сууйар сотор буускабытынан ытан сыалы, заданиены толорор эбиппит дуо… Буойас биир кэм охсуллар тыастаах айанын кэмигэр сынньанан утуйан ылыы үчүгэй да буолара… Онтон буойаспыт кыра быстах тохтоллор курдук буолбакка, уһуннук тохтуура. Ол аата кэллэхпит. Куруустаныы. Буускабытын тягачка холбооһун. Бэйэбит бириһиэн сабыылаах тимир куусапка киирэн оннубутун буларбыт.

Онно этэ дии биирдэ хайа эрэ дэриэбинэҕэ ааһан истэхпитинэ бэйэтэ тимир көлөҕө киирэн биэрээри байыаннай холуоннаны тохтотон, дьахталлар, эмээхситтэр бириһиэн сабыыны арыйан сибиинньэ сыата, помидор, оҕурсуу биэрбиттэрэ. Үөрбүт, аймаммыт, харах уулаах саҥаларын…Мин онно оччо элбэх кып кыһыл помидору көрөөт биири омуннаахтык ылан баран ыстаат соһуйбуппун. Санаабар наһаа да наһаа минньигэс ас буолуо диэбитим, атын ас эбит. Амтана хабархайыын.!!! Сыаны ким эрэ мүлтүгүр быһаҕынан быһа сатаан син быһан төһөнү эрэ биэрбитин кирдээх илиибинэн ылан ыстаан, ыстаан, ыстаан ньаҕайдаммытым, балачча уһуннук. Алаас Уола хаһан аһаабыт астарым буолуохтарай.? Бастакы боруобалааһыннар этилэр. Түүнү быһа сахсыллан быылы бүрүнэн айаннаан тиийиэхтээх сирбитигэр тиийбиппит. Мантыбыт хайа үрдүтэ дойду эбит. Биир моһуога уу суох. Дьэ, курууска уу күндү да буолара. Биир курууска уунан илиини, сирэйи төбөнү эппит сиимит үөһэ өттүн барытын суунан тиэрдэ сатыыр этибит. Баанньыкка нэдиэлэҕэ биирдэ аллара барарбыт. Онтубут үс биэрэстэни сүүрүү быластаах айан буолара. Биир оччо дабайыы. Тиритии хорутуу бөҕө буоларбыт. Ол умнуллара кыратык олорон сынньана түстэрбит эрэ. Эдэр, эдэр саас. Күөгэйэр күммүтүгэр сылдьарбыт.

Дьэ, онтон буускабытынан ытыыбыт бэйэтэ туһунан кэпсээн. Батареяҕа алта бойобуой расчет баара. Бары биирдии буускалаахпыт. Аны расчеттары сулууспаҕа бастаан кэлээппитин кытта омук омугунан арааран туруортаабыттара. Тувинецтар, молдованнар, нууччалар биһиги сахалар… Сахалар, ол дьиҥнээх бойобуой ытыыларга полкаҕа наар бастыыр этибит. Комбат Богданов биһигини ,,Ай, да, якутыы,,Миигин ,,Никишкаа,, диирэ диэн үөрэрэ, көтөрө, саҥата иҥэтэ элбэҕэ. Ол быыһыгар маатырылаан да ыллаҕына көҥүлэ… Барыта баара. Аны санаатахха полкаҕа кини эрэ этэ дьиҥ ис санаатыттан Боевой ДУХ өрө көтөҕө сатааччы. Бука уоттаах сэрии кыттыылааҕа эбитэ буолуо. Биэс уонун саҥардыы ааһан эрэрэ. Онтон ол кэмҥэ кырыктаах сэрии бүппүтэ 27 эрэ сыл ааспыт эбит. Бүгүҥҥүнэн санаатахха… бэҕэһээ буоллаҕа…

Ол онно биирдэ тыаҕа наадабар сылдьан ёж аттыбар сылдьарын чуут үктүү сыспыппын өйдүүбүн. Ол кыылы бастакы көрүүм. Ол дойду ото маһа аһара күөҕэ, төрөлө, хойуута сүрдээҕэ. Ол онно этэ дии, ити ылаахтары тутан ылан тэтэрээт илииһигэр кыбыта баттата укпутум. Хас да кыраһыабай мас сэбирдэҕин эмиэ уктубутум. Сэбирдэхтэри Аармыйаттан кэлэн иһэн Сангаарга байымкамаакка учуокка турарбар, байыаннай билиэтим иһигэр баарын көрөн, онно үлэлиир дьахталлар көрдөөн ылбыттара. Биэрбитим.
Онтон ити ылаахтар дьоммор суругунан кэлбиттэрэ. Дьонум суох буолбуттарыгар бара сылдьан ити сурукпун булан ылбытым. Бэйэбэр билигин баар. Тэтэрээтин илииһэ эргэрэн саһаран хаалбыт.

Дьэ, итинник кэмнэр бааллара хаһан эрэ.

Хаһан эрэ мин эмиэ буусканан ытан кулгааҕым чуҥкунуура ааһыа диэбитим ааспата. Билигин күн аайы ол ону тэлэбиисэргэ көрөбүн. Оҕолору, сиэннэри аһына саныыбын. Киһи баарын тухары сэрии бүппэт эбитин дьэ дьиҥнээхтик итэҕэйдим… Бууска ыппатай, кулгаах чуҥкунаабатай, быыл, күл көмөр өрүкэйбэтэй ханнык…

Алаас Уола 23.02.2024
Хаандыга
Бырааһынньыгынан!!!