11 кылаас үөрэнээччилэрэ аҕам саастаах дьону эҕэрдэлээтилэр

Алтынньы 1 күнүгэр Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр.
11 кылаас үөрэнээччилэрэ, Комина Лилия, Трофимов Саарын, Ордахов Роман, Хоноёхов Юрий Зинаида Иннокентьевна, Иван Гаврильевич Дарбасовтарга уонна Акулина Афанасьевна Трофимоваҕа ыалдьыттаатылар. Кинилэри ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлээтилэр, баҕа санааларын эттилэр. «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт» диэн саха өс хоһооно баар. Ол курдук саастаах дьон оҕолорго инники олохторугар, үөрэхтэригэр сүбэ-ама биэрдилэр. Эдэр көлүөнэ уонна саастаах дьон ирэ-хоро атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.

Айгылаана